22.02.2023 | 18:00

Николай Григорьев: «Эр дьон ыарыытын сүрүн төрдө — тымныйыы»

Николай Григорьев:  «Эр дьон ыарыытын сүрүн төрдө — тымныйыы»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах буолуута, биллэн турар, ыал хас биирдии киһитэ доруобуй, бигэ уйулҕалаах, эт-хаан өттүнэн эмиэ чэгиэн-чэбдик сылдьарыттан улахан тутулуктаах. Оттон биһиги тымныы, тыйыс дойдуга олоробут, кыһыммыт уһун, күммүт суох, үгүстүк тоҥобут-хатабыт. Бу барыта дьахтар да, эр киһи да доруобуйатыгар охсуулаах буолуон сөп.

2017 сыл ахсынньы ыйыгар Дьокуускай куоракка Эр киһи урологическай киинин аһыллыытыгар сылдьан турардаахпын. Бу клиниканы уролог, андролог-быраас Николай Николаевич Григорьев арыйбыта. Онтон бу ааспыт 2022 сыл ахсынньы ыйыгар клиника 5 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.

Бу күннэргэ мин “Дельта” клиника генеральнай дириэктэрэ, андролог-быраас, эндокринолог Николай Николаевич Григорьевтыын көрсөн, ааспыт биэс сыл иһигэр туох уларыйыы тахсыбытын, билиҥҥи үлэлэрин-хамнастарын, дьиэ кэргэн доруобуйатын туһунан сиһилии сэһэргэстибит.

– Николай Николаевич, үтүө күнүнэн! Бастатан туран, клиника биэс сыллаах үбүлүөйүнэн уонна кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Хаһыат ааҕааччыларыгар клиника туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

– Үтүө күнүнэн! Эҕэрдэҕит иһин улахан махтал! Аан бастаан биһиги биэс сыллааҕыта “Эр киһи доруобуйатын киинэ” диэн аатынан арыллыбыппыт. Бу маннык балтараа сыл курдук үлэлээбиппит. Бэйэҕит да билэргит курдук, саха эр дьоно доруобуйаларыгар соччо кыһаллыбаттар, кыра ыарыыны букатын да көрдөрүнэргэ ыксаабаттар, бэйэлэрин тустарыгар улаханнык сүүрбэттэр-көппөттөр. Тоҕо эрэ булгуччу кэргэттэрэ сиэтэн аҕаллахтарына эрэ көрдөрүнэллэр, бэйэтин баҕатынан биир эмит киһи кэлэн суруйтарар. Ол иһин биһиги хайдах гынан дьону бэйэбитигэр тардыахпытын сөбүй диэн толкуйдаан баран, “Дельта” дьиэ кэргэн клиниката диэн ааттаммыппыт. Ол аата манна эр дьон эрэ буолбакка, бүтүн дьиэ кэргэнинэн кэлэн көрдөрүнүөхтэрин сөп. Манна туох баар ирдэниллэр анаалыстары барытын тутабыт: хаан уопсай анаалыһыттан саҕалаан, УЗИ, дьахтар хоһо, урология, эндокринология, ЭКГ, педиатр, гастроэнтеролог, массаас о.д.а. барыта баар. Биһиэхэ билигин куорат эрэ олохтоохторо буолбакка, улуустартан кытары кэлэллэр. Өҥөбүт төлөбүрдээх буолан, ким баҕарар кэлиэн сөп, хааччах суох, прописка ирдэммэт. Бүгүҥҥү күҥҥэ кэлэктиипкэ 20 киһи үлэлиир. 2021 сылтан клиникабыт Кыайыы болуоссатын аттыгар Хабаров аатынан уулуссаҕа үлэлиир.

–  Эр киһи доруобуйатын туһунан кэпсэтиэх эрэ... Бүгүҥҥү күҥҥэ, эн көрдөххүнэ, ордук ханнык ыарыы элбэҕий?

– Билигин саха эр дьонун доруобуйата олус мөлтөөтө, ол үрдүнэн бэйэлэригэр соччо кыһамматтар диэн, биһиги сүрүн болҕомтобутун эр дьоҥҥо уурабыт. Онно сүрүн төрүөтүнэн тымныы, тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олорорбут быһыытынан араас тымныйыы ыарыылара буолаллар. Холобур, элбэх киһи простатиттаах. Бу ордук кыһыҥҥы өттүгэр тымныйыыттан, атах тоҥоруттан көбөр ыарыы. Онон простатит (воспаление простаты) элбэх эр киһини хаарыйар, ордук 40 саастарыттан үөһээ дьону. Ону таһынан пиелонефрит диэн бүөр ыарыыта үгүс. Сүрүн биричиинэтэ эмиэ тымныйыы, простатиттан саҕаланар. Киһи сирэйэ иһэр, дарбайар буоллаҕына, ол аата бүөрэ ыалдьар эбит диэн таайыахха сөп. Биир тарҕаммыт ыарыынан варикоцеле буолар. Простатикка тэҥнээтэххэ, сымыыт ыарыыта арыый аҕыйах, ол гынан баран онтон эмиэ ким да көмүскэлэ суох. Варикоцеле диэн эр киһи уорганын эчэйиитин ааттыыллар. Бу ыарыынан бүгүҥҥү күҥҥэ эр дьон 15-20% ыалдьара бэлиэтэнэр. Кинилэр быыстарыгар саастарын ситэ илик уолаттар эмиэ бааллар. Бу сымыыкка варикознай тымыр кэҥиирин этэллэр. Салгын тиийбэтиттэн сылтаан температура үрдүүр, оҥорон таһаарар функция кэһиллэр. Сатаан оҕоломмот эр дьон ортотугар маннык ыарыылаахтар эмиэ бааллар. Бесплодие – сатаан оҕоломмот буолуу. Маннык диагноһы чуолаан дьиэ кэргэҥҥэ туруорабыт. Эдэр ыалларга хас да сыл оҕо үөскээбэтэҕинэ, кэлэн көрдөрүнэллэр. Манна сүрүн кыһалҕа эр киһиэхэ сытар диэн бэлиэтээн этиэххэ наада. Өскөтүн дьахтар бэйэтин көрдөрүнэр, эмтэнэр эбит буоллаҕына, эр дьон соччо быһаарса сатаабаттар. Онтон сылтаан кыайан оҕоломмоттор, ардыгар арахсаллар, икки аҥыы бараллар. Дьиҥэр, аныгы медицина көмөлөһөр кыахтаах. Эр дьон анаалыс туттаран үчүгэйдик эмтэнэр түгэннэригэр, инникитин оҕолонуохтарын сөп.

– Уопсайынан, эр киһи ыарыыларын сүрүн төрүөтүнэн тымныйыы буолар дуу, атын төрүөттэр эмиэ бааллар дуу?

– Кылгастык быһаардахха, маннык. Киһи организма барыта килиэккэлэртэн турар. Сөптөөх эттиктэр баар буоллахтарына, организм үчүгэйдик үлэлиир уонна гормональнай баланс баар буолар. Быһата, киһи гормон эрэ баар буолан тыыннаах сылдьар. Гормональнай кэһиллии таҕыстаҕына, биллэн турар, куһаҕан. Ол иһин, ханнык эттик тиийбэтин көрөн эмтээн, чөлүгэр түһэрэн биэрэбит. Сөпкө аһааһын боппуруоһа эмиэ сытыытык турар. Тоҕо диэтэххэ, уойуу – сүрэх, сахарнай диабет о.д.а. курдук эмиэ араас ыарыы арыалдьыта. Ол гынан баран киһи аһылыктан эрэ уойар диэн буолбатах. Веществолар атастаһыылара кэһиллиититтэн, гормональнай эргиэн алдьаныытыттан эмиэ уойуохха сөп. Биһиэхэ гастроэнтеролог үлэлиир. Куртах, ис-үөс, оһоҕос ыарыыларын быһаарабыт. Оҕо доруобуйатыгар эмиэ улахан болҕомтобутун уурабыт. Оҕо уҥуоҕа-арҕаһа кэһиллиитэ килиэккэ үлэтэ мөлтөҕүттэн тахсар. Онон, оҕо осанкатын көннөрүү – үлэбит биир сүрүн хайысхата. Массажист Петр Борисов оҕолору массаастыыр, эттэрин-сииннэрин чэбдигирдэр. Манна клиникабытыгар ити курдук ыытар үлэбит олус элбэх.

– Простатит диэн эр дьоҥҥо саамай тарҕаммыт ыарыы диэн буолла. Сүрүн биричиинэтэ тугуй?

– Хас даҕаны биричиинэ баар. Тымныйыы, иммунитет мөлтөөһүнэ, половой олоҕунан бэриллэр инфекционнай ыарыылар, битэмиин уонна микроэлемент тиийбэт буолуута, стресс, санаа тууйуллуута, уһун кэмҥэ олорон эрэ үлэлээһин о.д.а. төрүөттэри ааттыахха сөп. Өскөтүн эр киһи «тахсан киирэр кэмигэр” (убаҕас) ыарытыйар, сиһинэн, тааһын өттүнэн үгүстүк ыалдьар, кыһыйар, аһыйар, түргэнник сылайар, сылаарҕыыр, температурата тахсар о.д.а. буоллаҕына, бу барыта простатит ыарыы сибикилэрэ диэн таайыахха наада. Ол эрээри ханнык да түгэҥҥэ “бэйэ эмтиэкэнэн” дьарыктанымыахха наада. Ыарыы кыра да сибикитэ баар буоллаҕына, кыбыстыбакка кэлэн көрдөрүнэр хас эмэ төгүл туһалаах, көдьүүстээх.

– Эр дьоҥҥо оччотугар тугу сүбэлиэҥ этэй? Бэйэлэрин хайдах харыстаныахтарын сөбүй?

– Биллэн турар, ханнык баҕарар эр киһи доруобуйатын үчүгэйдик көрүнүөхтээх, чөл олоҕу тутуһуохтаах, сөпкө иҥэмтиэлээхтик аһыахтаах, спордунан дьарыктаныахтаах эбэтэр элбэхтик хамсаныахтаах-имсэниэхтээх. Ону таһынан кэмиттэн-кэмигэр доруобуйатын көрдөрүнэ, бэрэбиэркэлэнэ сылдьара ордук.

– Нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү-сэрэтии үлэтэ элбэхтик ыытыллыан наада дии саныыбын. Хаһыаттарга, телевидениеҕэ, социальнай ситимнэргэ төһө тахсаҕытый?

– Медицина туһунан ыытар үлэбит элбэх. Биһиги сахабыт норуотун туһугар үлэлиир дьоммут. Клиникаҕа баар быраастарбыт социальнай ситимнэргэ хайаан да бэйэлэрин үлэлэрин сырдаталлар, ыйытыыларга хоруйдууллар, сүбэ-ама биэрэллэр. Бэйэм эмиэ тус страницабар үлэбитин элбэхтик суруйабын, медицинаны да билиһиннэрэбин. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин быраастарыттан саамай элбэх сурутааччылаахпын диэхпин сөп. 15.000 киһи миэхэ холбонон, суруттаран олорон санаатын үллэстэрэ, быһа эпиирдэрбэр кыттара үөрүүлээх, дьон доруобуйатын көрүнэр буолан эрэрин туоһута. Соторутааҕыта нууччалыы тылынан кинигэ суруйан түмүктээтим. Кинигэни боростуойдук, судургутук, медицинскэй да үөрэҕэ суох киһи өйдүүрүн курдук оҥордум. Быһа холуйан 1000-2000 тыһыынча ахсаанынан тахсыаҕа. Билиҥҥи үйэҕэ нэһилиэнньэҕэ информация, сөптөөх иһитиннэрии үчүгэйдик тарҕаныахтаах. Ол иһин, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрэ таҕыстахтарына, хаһан да аккаастаммакка сөбүлэһэбит.

– Николай Николаевич, истиҥ кэпсэтиигит иһин махтанабын. Үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

– Эһиэхэ эмиэ сырдатар үлэҕитигэр махтанабын. Инникитин былааммыт киэҥ. Онон барытын олоххо киллэрэн иһиэхпит диэн эрэлбит улахан.

Николай Николаевич кэпсэтии кэнниттэн “Дельта” клиника устун экскурсия оҥордо. Хас биирдии кабинеты, хоһу кэрийэ сылдьан көрдөрдө, исписэлиистэр үлэлэрин билиһиннэрдэ. Сып-сырдык, ып-ыраас, сып-сылаас дьиэҕэ, чахчы да, киһи эрэ кэлэн көрдөрүнүөн, доруобуйатын тупсарыан баҕарар курдук. Онон бүтүн дьиэ кэргэнинэн манна кэлэн көрдөрүнэргэ усулуобуйа барыта тэриллибит диэн үрдүктүк сыаналаатым.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...