Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Дьикти саас» испэктээги туруорда
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра «Дьикти саас» испэктээги Уһуйааччы уонна үөрэнээччи сылыгар уонна норуодунай суруйааччы В.С. Яковлев-Далан төрөөбүтэ 95 сылыгар анаата. Туруорааччы-режиссер – СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец, сценография – СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова. Сүрүн оруолларга – Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов, эдэр артыыстар Татьяна Хомподоева уонна Мичил Хомподоев. Толору саала көрөөччүлээх, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланан, эспэктээк биир тыынынан ааста.
Санатар буоллахха, «Дьикти саас» сэһэн 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр саха литературытын бырагырааматыгар киирэр. Сэһэҥҥэ XX-с үйэ 70-с сылларыгар оскуоланы бүтэрээччилэр олохторо ойууланар. Сүрүн герой Кеша Попов – Гассан дэриэбинэ уола, 10-с кылаас үөрэнээччитэ. Кинини доҕотторо, чугас дьоно, учууталлара тулалыыллар, уол улаатар, ситэр сааһыгар тирэҕинэн буолаллар. Испэктээк ол саҕанааҕы кэм тыынын көрөөччүгэ итиҕэтиилээхтик тириэртэ.
М. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены (институту) бүтэрбит Мичил Хомподоев герой уобараһын чаҕылхайдык арыйда.
Ити таһынан, испэктээккэ сүрүн оруолу кэпсээччи – улааппыт Кеша Попов (Алексей Павлов) ылла.
Ити кэмҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан буукубаттан суруллар педагогтар уонна уһуйааччылар тахсыбыттара.
Пионердар оруолларыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын «Тускул» оҕо устуудьуйатын кыттыылаахтара оонньоотулар.
Испэктээк кэнниттэн Алексей Павлов сыанаҕа бочуоттаах ыалдьыты, В.С. Яковлев-Далан сиэнин Николай Сантаевы ыҥыран таһаарда уонна испэктээк хаартыскаларын коллаһын бэлэхтээтэ.