«NeoOlonkho» бэстибээл эдэр толорооччулары түмтэ
Саха сирин, Алтай, Башкортостан, Калмыкия, Тыва, Казахстан уонна Киргизия бэрэстэбиитэллэрэ «NeoOlonkho» ыччат норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кытыннылар.
Бэстибээл «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ыытылынна.
Санаа атастаһыытын балаһааккатыгар учуонайдар, чинчийээччилэр, фольклор кэлэктииптэрин салайааччылара оҕону уонна ыччаты эпическэй нэһилиэстибэҕэ сыһыарарга уопут атастастылар.
Тэрээһиҥҥэ олоҥхону толорууга уонна «Олоҥхо уобарастара» күрэхтэр, «Үгэс уонна аныгы олох» быыстапка ыытылыннылар. Маастар-импровизатор Руслан Габышев «Дорҕоон тыына» медитацияны тэрийдэ.
Итини сэргэ, Национальнай библиотекаҕа экспертэр фольклорист оскуолатын тэрийии туһунан дьүүллэстилэр. Бэстибээл түмүгүнэн аан дойду духуобунаһын төрүттүүр улуу эпостар тустарынан научнай кинигэ тахсыаҕа.
Бэстибээл Бэрэсидьиэн гырааннарын пуондатын өйөбүлүнэн тэрилиннэ. Бырайыак ааптара – Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы Олоҥхо дьиэтэ – Г.Г. Колесов аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ.