Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат
Ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа иһитиннэрбитинэн, Саха сирин территориятыгар 51 ойуур баһаара баар, онтон суукка иһигэр 790 гектардаах сиргэ 1 баһаар умуруоруллубут. Баһаары умуруорууга 468 киһи уонна 91 тиэхиньикэ үлэлээбиттэр. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи ЫБММ Кылаабынай Управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт баһаардар суохтар, куттал суоһаабат. Чурапчы, Бүлүү уонна Амма улуустарын территорияларыгар 10 км. зонаҕа 3 ойуур баһаара баар. Билиҥҥи туругунан үлэ күүскэ Уус-Майа оройуонугар ыытыллар. Дьокуускайдааҕы авиабааза дааннайдарынан онно 6 ойуур баһаарын көрдүгэнэ умайа сытар. Итиннэ 129 киһилээх, 16 тиэхиньикэлээх бөлөх үлэлиир.
«Нэһилиэнньэлээх пууннары көмүскүүр сэрэтэр үлэ ыытылынна, нэһилиэнньэлээх пууннаргна уонна экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Бүлүү улууһун Күбэйиндэ нэһилиэнньэлээх пуунугар куттал суоһаабатын курдук Арассыыйа ЫБММ специалистара үлэлии сылдьаллар. Буола турар балаһыанньаны хонтуруоллуурга уонна дьону таһарга 9 салгын суудуната үлэлээтэ. Бүгүн «Полярные авиалинии» авиахампаанньатын 6 салгын суудуната үлэлэрин салҕыыллар», – диэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи ЫБММ Кылаабынай Управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.