19.10.2021 | 12:00

«Наташа» баар буолан этэҥҥэ кыстыыбыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билигин куорат олохтоохторун, куорат эрэ буолуо дуо, Сахабыт сиригэр олорор тимир көлөлөөх дьону гараас боппуруоһа долгутара саарбаҕа суох. Биллэн турар, тыа дьоно бары кэриэтэ гараастаахтар, оттон куорат сиригэр куортам сыаната чаҕытара биллэр. Оттон гараастаах да буолларгын, үлэҕэр тиийэн күнү быһа -50 кыраадыс тымныыга массыынаны таһырдьа туруоруу сыанан аҕаабат, тимир аата тимир, кини да элэйэр кэмнээх-кэрдиилээх.

 

Оруобуна 10 сыл буолбут эбит, өрөспүүбүлүкэбитигэр “Наташа” диэн массыынаны бүрүйэр портативнай гараас кэлбитэ. Тоҕо да мин ааппынан буоллаҕай диэн олус дьиибэргии да, күлэ да санаабытым. Биир көрүдьүөс түгэни кэпсээн ааһыым. Уолум аах Мархаҕа олороллор, ол иһин массыынабытын кинилэргэ “кыстатабыт”. Сиэним түөрдүгэр эҥин сылдьар кэмэ. Арай эһэтин НОАХ массыынатын өҥөйөн ийэтэ: “Хайаа, “Наташа” манна сытар эбит дии”, – диэбит. Уолум киэҥ-куоҥ диэн биһиги массыынабытыгар укпут эбит. Сиэним миигин тоҕо эрэ Натааса диэн ааттыыр. Киһи да күлэр, оҕом сыыһа таһырдьа оонньуу сылдьан массыынаны төгүрүйэ сылдьан киирээри, “Натааса ханнаный да ханнаный” диэн сураспыт. Эбэм аата симиллэн сыттаҕа диэтэҕэ буолуо.

Тиэмэттэн кыратык туораан да ылларбыт, гарааска сыһыаннааҕы кэпсээтим. Бу гарааһы Бурятия Улан-Удэ куоратыгар оҥорон, тигэн саҕалаабыттар эбит. Толору сертификацияны эҥин ааспыт, ойоҕосторугар анал “кулгаахтар” бааллар, онон сиэркилэҕин быктараҕын. Ыйааһына тоҕус киилэттэн тахсар, сыаналара 13 500 солкуобайтан саҕаланаллар.

Биһиги кыһыммытыгар толору эппиэттииллэр, 57 кыраадыс тымныыны кытта тулуйаллар диэн этиллэр. Онон дьэ чахчы наадалаах “Наташалар” эбит диэххэ.

Манна даҕатан Петр диэн суоппар, массыына ыытар 17 ыстаастаах киһи санаатын этэр: “Мин “Наташаламмытым” ыраатта. Бастаан кэлбитигэр тута атыыласпытым, оччолорго сыаната чэпчэки этэ. Субу диэн билигин өйдөөбөппүн. Арай биир киэһэ табаарыспын кытта төлөпүөннэһэбин. “Наташа” оннук сылаас, абыраллаах да эбит, уолаттар бары да астыммыттар диэн кэпсэтэ олорон арай көрбүтүүм, кэргэним хараҕа улаатан, ууланан-хаарданан аҕай, уоһа бирээмэ кыра оҕо курдук мэрбэйэн эрэр эбит. Үйэбэр итинник сирэйин көрө илик этим. Бастаан куттанным, киһим хайдах буолла диэн, онтон кэпсэтиибин истибит диэн күлэн тоҕо бардым, төлөпүөммүн быраҕан кэбистим. Дьэ ол кэннэ киһибин ааттаан, уоскутан, “Наташа” хаартыскатын көрдөрөн, быһааран нэһиилэ оннубутун булбуппут. Уолаттар эмиэ итинник түгэҥҥэ түбэспиттэр этэ. Наташа да Наташа буоллахтара. Ол кэннэ күнүүлээминэлэр. Билигин санаан күлсэбит аҕай. Оттон гараас быһыытынан эттэххэ, олус абыранныбыт. Мин бэйэм хонтуора чаастаах үлэһитэ буолбатахпын. Олор дьэ тоҕустан киэһэ алтаҕа диэри сабан туруораллар. Абыранабыт дииллэр. Массыыналарын собуоттуу собуоттуу холкутук үлэлииллэр буоллаҕа. Мин үксүн массыынабын сүүрдэ сылдьабын, ол да буоллар дэриэбинэҕэ сылдьарым элбэх. Онно таһырдьа туруорарга, сороҕор гараас көстүбэтэҕинэ хонноробун даҕаны, дьэ онно “Наташам” абырыыр. Онон, суоппар уолаттарга сүбэлиэм этэ, массыынаҕытын харыстыыр буоллаххытына хайаан да маннык таҥас гарааста атыылаһыҥ диэн. Билигин арааһа элбээтэ, Саха сиригэр да тигэллэр, кытайдарбыт да хаалсыбаттар быһыылаах. Барыта кумааһынньыккыттан, сыанатыттан тутулуктаах. Манна диэн эттэххэ, ыарахан сыаналаах хайаан да үчүгэй диэн буолбатах, эн массыынаҕын таһырдьа тымныыга төһө өр туруораргыттан талан ылыаххын наада”.

Кырдьык, биһиэхэ бэйэбитигэр да “Сахатент” диэн гараас оҥорор олохтоох оҥорон таһаарааччы баар эбит. Кинилэр да үлэлээбиттэрэ ырааппыт, 8 сыл буолбут. Сыл аайы тургутууну ааһаллар. Ол курдук -50 кыраадыһы тулуйар, ыйааһына аҕыс киилэ тэҥэ, сыаналара 11 700 солкуобайтан саҕаланар. Массыына аҕыс чаас устата собуоттаммакка да туруон сөп эбит.

Өссө халыҥ, 12 киилэ ыйааһыннаах сымнаҕас гарааһы эмиэ манна оҥороллор эбит. Ыйааһына ыарахана кини түөрт бүк халыҥын, -55 кыраадыска бэйэтин температуратын 9-10 чаас устата тутарын туоһулуур. Тоҕус тыһыынчаттан саҕаланар.

Маны таһынан портативнай гараастары куортамҥа ылыахха сөп эбит. Куортам ыйга икки тыһыынча буолар.

Онон ыйдааҕы куортам сыанатын ааҕан таһааран баран атыылаһаргытын, атыыласпаккытын бэйэҕит толкуйдаан көрүҥ, хайата барыстаах эбитий, маны суоппар, тимир көлө хаһаайына бэйэтэ быһаарар буоллаҕа, биһиги ааҕааччыларбытыгар сүбэ эрэ биэрдибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...