12.03.2021 | 12:05

Наталья СТЕПАНОВА: “Социальнай эйгэҕэ ураты болҕомто ууруллар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Дьокуускай баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Романовна Степанова.

Наталья Романовна, оскуолаҕа уонна оҕо уһуйааннарыгар эбии миэстэлэри таһаарыы Сардаана Владимировна Авксентьева быыбар иннинээҕи бырагырааматыгар сурулла сылдьара. Олортон төһөтө туолбутун туһунан ыйытыахпын баҕарабын. Чахчы, кэнники 2,5 сыл устата хамсааһын бөҕө барда ээ...

– Өссө 2015 сыллаахха судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерство сөбүлэһиитин быһыытынан тутуллан саҕаламмыт эбийиэктэр бу кэнники 2,5 сыл устата утуу-субуу үлэҕэ киирэн барбыттара. Оҕо уһуйааннарын этэр эбит буоллахха, саҥа тутуу чэрчитинэн уопсайа 2201 миэстэ оҥоһуллубута. Ол курдук, 2018 сыл түмүктэниитигэр 240 миэстэлээх 75 №-дээх “Ивушка” оҕо саада, Сыырдаахха 240 миэстэлээх, 203-с микрооройуоҥҥа 315 миэстэлээх “Цветик-семицветик” уһуйаан аһыллыбыттара. 2019 сыллаахха Пионерскай уулуссаҕа 200 миэстэлээх “Малышок”, 203-с микрооройуоҥҥа 315 миэстэлээх “Сардаана” үлэҕэ киирбиттэрэ.

Бу күннэргэ 203-с микрооройуоҥҥа аан бастакы 240 миэстэлээх инклюзивнай иитии-үөрэтии уһуйаана арыллыаҕа. Билигин лицензияларын ылыыга үлэ бара турар.  Сардаана Владимировна бастаан эппит идиэйэтигэр олоҕуран, бу уһуйааҥҥа ДЦП-лаах оҕолорго анал бөлөх тэриллэр. Биир бөлөх аутистическай кэһиллиилээх оҕолорго (РАС диагнозтаахтарга) үлэлиэҕэ.

Ону таһынан 651 миэстэ саҥа тутуллубут дьиэлэр бастакы этээстэригэр тэриллэр эбии бөлөхтөргө тахсыбыттара. Ол аата куорат бу саҥа дьиэлэргэ бастакы этээстэри атыылаһан ылан, бүддьүөт суотугар өрөмүөнү, уларыта тутуулары ыытан үлэҕэ киллэрэр. Биһиги куораппытыгар маннык быраактыка уhуйааннарга эбии миэстэ былааннанан тахсар биир суолун быһыытынан киирбитэ.  Ол курдук, 20 №-дээх  “Надежда” уһуйааҥҥа эбии 132 миэстэ, Хатаска 70 №-дээх “Кэрэчээнэ” уһуйааҥҥа 120 миэстэлээх эбии бөлөх, 203-с микрооройуоҥҥа 23 №-дээх “Цветик-семицветик” уһуйааҥҥа 80 уонна 83 миэстэлээх бөлөхтөр икки тус-туһунан аадырыска аһыллыбыттара. Ону таһынан, 15 №-дээх “Северные звездочки” уһуйааҥҥа эмиэ икки аадырыска 30 уонна 90 миэстэлээх эбии бөлөхтөр, 2020 сыллаахха 18 №-дээх “Прометейчик” уһуйааҥҥа 116 миэстэ эбии тэриллибиттэрэ. Бу барыта 2201 эбии миэстэ, онтон 1550 миэстэтэ саҥа үлэҕэ киирбит оҕо саадтара, 651 миэстэ – эбии миэстэлэри арыйыы быһыытынан.

Оскуолаларга?

– Кэнники 2,5 сыл иһигэр оскуолаларга уопсайа 2745 миэстэ тэрилиннэ. Онтон 2350 миэстэтэ саҥа тутуллубут оскуолалар, 395 миэстэ баар оскуолаларга эбии миэстэлэри тэрийии быһыытынан. 203-с микрооройуоҥҥа 550 миэстэлээх “Айыы Кыһата” оскуола аһыллыбыта. 2019 сыллаахха Сайсары уокуругар 350 миэстэлээх  25 №-дээх оскуола, Автодорожнай уокурукка 500 миэстэлээх 6 №-дээх оскуола аһыллыбыттара.

Саамай күүтүүлээх 35 №-дээх оскуолабыт үлэҕэ киирбитэ. Бастаан бу оскуола доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах  дьиэҕэ үөрэнии оскуолатын быһыытынан арыллыбыт эбит буоллаҕына, билигин улаатан, сайдан, инклюзивнай хайысхалаах уопсай үөрэхтээһин оскуолатын быһыытынан үлэлии олорор.

Бу күннэргэ 203-с микрооройуоҥҥа 360 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллан бүтэн, аһыллара эрэ хаалла. Балаҕан ыйын 1-кы күнүттэн үлэтин саҕалыаҕа. Маҥнайгы кылааска оҕону ылыы саҥа быраабылатыгар олоҕуран, муус устар 1 күнүттэн сайабылыанньалары тутан барыахтара.

Ол аата сахалыы оскуолаҕа нуучча кылааһын эбии арыйтаран, “Айыы Кыһатыгаркиллэрбит оҕолорун төрөппүттэр бу саҥа оскуолаҕа көһөрөллөр дуо?

– “Айыы Кыһатыгар” бүгүҥҥү күҥҥэ 443 оҕо 1-7 кылаастарга эбии тэриллибит нуучча тыллаах кылаастарга үөрэнэ сылдьаллар. Ол оҕолор төрөппүттэрин кытта Үөрэх управлениета, оскуолалар салалтата кэпсэтэн, уопсай тылы булан олороллор. Бүтэһик тыл төрөппүттэртэн тахсыаҕа. Кинилэр сөбүлэһэр буоллахтарына, бу саҥа тэриллибит оскуола оҕолору учууталларын кытта көһөрөн ыларга бэлэм.

Арассыыйа федерациятын сокуонугар олоҕуран, ханнык баҕарар оскуолаҕа төрөппүт талбыт тылынан оҕотун үөрэтэр усулуобуйата тэриллиэхтээх диэн баар. Биһиги “Айыы Кыһата”, “Саха гимназия”, “Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия” курдук оскуолаларбыт 20-тэн тахса сыл анараа өттүгэр саха тыллаах, сахалыы эйгэҕэ оҕолору иитэр оскуола быһыытынан тэриллибиттэрэ.

Оҕо ахсаана эбиллэр

Сыл аайы Дьокуускайга бачча оҕо эбиллэр диэн суоттааһыннар бааллар дуу?

– Оннук мониторинг 2011 сыллаахтан оҥоһуллар. 2011-2012 сыллаахха Үөрэх отделыгар оҥорбуппутугар оҕо эбиллэрэ аҕыйаҕа суоҕа биллэр этэ – 863 оҕонон эбиллибиппит. Онтон 1287, 1627 оҕоҕо тиийбиппит. Итинник тыһыынчаттан тахсан, былырыыҥҥы үөрэх сылыгар 2172 оҕо эбиллибитэ. Улуустан көһөн кэлии элбэҕин статистика да көрдөрөр. 

Тохсунньу 22 күнүгэр 31 №-дээх оскуола 315 миэстэлээх эбии тутуута үлэҕэ киирбитэ.

Икки сиргэ бэлэм дьиэни атыылаһан ылыы быһыытынан, Бүлүүлүүр суолга урукку БГУЭП дьиэтин Саха политехническай лицейгэ биэрдибит. Саҥа үөрэх дьылыттан онно 180 эбии миэстэ арыллыа. 215 миэстэ Толстой уул. 20-гэр 5 №-дээх оскуолаҕа атыылаһыллан, өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн оҕолору үөрэтэ олороллор.

Итини таһынан 2018 сыллаахха Горькай уул. 98-гар баар, уруккута “Ниагара” ресторан дьиэтэ атыылаһыллыбыта. Онно билигин улахан өрөмүөн барыахтаах, балаҕан ыйын 1 күнүттэн Техническэй айар үлэ киинин иhинэн Арасыыйа Федерациятын үөрэхтээhинин национальнай бырайыагын чэрчитинэн it-куб тэриллиэҕэ. Бу эбии үөрэхтээһини сайыннарыы биир өрүтэ буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Техническэй айар киин 2000 оҕону хабар буоллаҕына, it-куб аhылыннаҕына, онно эбии үөрэнэр оҕо ахсаана 3000-ҕа тиийиэ.

Уһуйааннарга эбии миэстэлэри таһаарыыга сүрүн көмөлөһөөччүлэрбит чааһынай уһуйааннар буолаллар. Билигин Дьокуускайга 42 чааһынай, лицензиялаах уһуйаан үлэлиир. Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, 2018 сыллаахха чааһынайдарга  2351 миэстэ баара, быйыл 3500 миэстэҕэ тиийдэ.

Ол эрэн уһуйааҥҥа уочарат син биир кыччаабат. 12000 тахса оҕо уочаракка турар...

– Уочарат кыччаабатын маннык быһаарыахха сөп: 2016 сыллаахха диэри биһиги 3 сааһыттан 7-гэр диэри оҕолору уһуйаанынан хааччыйан турабыт. Онтон саҥа нормативнай аакта киирэн, 1,5-тан ыла оҕолору эмиэ уһуйаанынан хааччыйар эбээһинэстэммиппит. Дьокуускайга, Саха сирин нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ олорор сиригэр,  дьон ахсаана элбии турар, ону кытта оҕо ахсаана эмиэ хаҥыыр. Сыл аайы 4-5 тыhыынча кэриҥэ оҕо төрүүр. Онон уочарат улаата турар.

Судаарыстыба уонна чааһынай инвестор кыттыстаҕына

Судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерство диэни дьоҥҥо судургу тылынан быһаарарга, тутуу 75 бырыһыанын федеральнай бүддьүөттэн, 25 чааһынайтан үбүлэнэр диэтэхпинэ сөп дуо?

– 25 бырыһыан чааһынай инвестор, ону таһынан тутуу эҥин боппуруоһа киирэр буоллаҕына, муниципалитет бэйэтэ 11 бырыһыанын көрүөхтээх – ол “софинансирование” диэнинэн барар. Холобур, эбии миэстэлэри арыйарбытыгар дьиэлэри атыылаһан ыларбыт ити хайысханан барар.

Быйылгы дьылга, өссө сэтинньи ыйтан, Сардаана Владимировна көҕүлээһининэн, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенконы кытта куорат дьаhалтата  мунньахтаабыппыт. Ол онно элбэх сыалы-соругу туруорбуппут, онно олоҕурар Ил Дархан илии баттыахтаах Ыйааҕа бэлэмнэнэ сылдьар. Ол онно Внешэкономбанк өйөбүлүнэн оскуолалар тутуулара көрүллүөхтээх. Бастакынан 4-с уонна 34-с №-дээх оскуолалар тутуулара былааннанан турар. Икки түһүмэҕинэн барыахтаах, 2026 сылга диэри олоххо киириэхтээхтэр.

Внешэкономбанк чэрчитинэн ыытыллар тутуу быраабылаларыгар уларыйыы киирээри турар эбит. Ол аата онно олоҕуран бэлэм бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннаах оскуолаларга эбии тутуулары судаарыстыбаннай уонна чааһынай партнерствоҕа киллэрэн биэриэхпитин сөп буолар.

Биир эбии сыалынан 1 №-дээх оскуола боппуруоhа буолар. Уруккута Кооперативнай техникум дьиэтигэр өрөмүөн  ыытан  онно көһөрүү үлэтэ барар. Эмиэ бэлэм дьиэни атыылаһан ылыы быһыытынан. Холобур, бу оскуола эргэ дьиэтин көтүрэн баран ити сиригэр саҥа оскуоланы тутан таһаардахпытына, билиҥҥи ирдэбиллэргэ олоҕуран, хабар оҕотун ахсаана кыччаан хаалар.

Пандемия кэмигэр үгүс үлэ барда

– Үтүмэн үлэ 2020 сыллаахха барда. Пандемия барыбыт олохпутугар элбэх саҥаны киллэрдэ. Педагогическай кэлэктииптэр саҥа быраабыланан үлэлээбиттэрэ. 2019-2020 үөрэх дьылын төрдүс чиэппэриттэн саҕалаан, үөрэх түмүктэниэр диэри оҕо оскуолаҕа кэлбэт, учуутал эмиэ дьиэтиттэн олорон эрэ үөрэтэр буолбуттара. Бастаан чинчийии ыытарбытыгар, ыал оҕото үксэ бэлэмнээх курдук этэ, сыыппаралар оннугу кэпсииллэрэ. 100-тэн эрэ тахса оҕоҕо көмпүүтэрэ суох курдук көстүбүтэ. Ис дьиҥэр киирдэххэ, атын буоллаҕа. Ырааҕынан эргиппэккэ холобурдаатахпына, мин бэйэм кыыһым икки оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох, иккиэн тэҥҥэ биир симиэнэҕэ үөрэнэллэр. Оҕо учуутала ыйыттаҕына дьиэбитигэр көмпүүтэрдээхпит диирэ биллэр. Оттон ыалга үксүгэр биир көмпүүтэр эбэтэр ноутбук баар буоллаҕа. Элбэх оҕолоохторго онон биир кэмҥэ хас да оҕо үөрэнэригэр тиэхиньикэлэрэ тиийбэт буолбута. Эбии мониторинг оҥорон, 500 планшеты уопсайа 6,9 мөл. солк. суумаҕа атыылаһан элбэх оҕолоохторбутугар тиксэрбиппит.

3000 солк. биирдэ бэриллэр социальнай көмө инбэлиит оҕолорго көрүллүбүтэ. Бу көмөнү 2066 оҕо ылбыта, куорат 6,2 мөл. солк. тыырбыта.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн кыаммат ыал оҕолоругар, 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр, оптуобуска босхо айан көрүллүбүтэ. Уопсайа бу көмөнөн 7868 оҕо туһанан, уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айанныыр. Муус устартан куорат кытыы нэһилиэктэрин оҕолоро оптуобуска босхо айанныахтара. Бу, бастатан туран, оҕолор үөрэхтэригэр кэлэллэригэр-баралларыгар, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр сылдьалларыгар өйөбүл буолуохтаах.

Пандемия кэмигэр чэпчэтиилэринэн туһанар категориялаах оҕолорго уопсайа 78 мөл. солк. суумалаах “сухой паек” түҥэтиллибитэ.

Социальнай такси уонна бэтэрээннэр дьиэлэрин тупсарыы

– 2019 сылтан киин куораппытыгар доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоммутугар “Социальнай такси” диэн үлэлээбитэ чахчы наадалааҕын, тустаах дьоҥҥо көмөлөөҕүн көрдөрдө. Эһиил харчыта арыый элбэх көрүллүөн сөп. Тоҕо диэтэххэ, билигин бу такси балыыһаҕа эрэ айан боппуруоһун быһаарар, оттон инбэлииттэри  ханна эмэ култуурунай сынньалаҥҥа эҥин таһар кыаҕа суох. Сөптөөх толкуйу тобулуохпут дии саныыбын.

Сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр уонна 1-кы, 2-с группалаах инбэлииттэргэ дьиэлэригэр тупсарыы ыытарга муниципалитет харчы көрөр.  Маннык үлэ барбыта икки сыл буолла. Бастакы сылга 20 киһиэхэ Тулагыга, Хатаска, Табаҕаҕа, Маҕаҥҥа оҥоһуллубута. Былырыын 19 киһиэхэ тупсарыы оҥоһуллубута. Сыллата бүддьүөттэн 3 мөл. солк. көрүллэр.

Саҥа оскуолалар

Быйыл киириэхтээх оскуолалары кэпсээтиҥ дии. Итиннэ миэстэлэрин ахсааннара сурулла сылдьар. Олоххо баары ылан көрдөххө, уһуйаан да буоллун, оскуола да буоллун, бары нуорманы аһарар оҕону ылан үлэлииллэр...

– Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Дьокуускай куоракка биир даҕаны оҕо ахсаанын нормативынан үлэлиир оскуола суох. Холобур, “Айыы Кыһата” бырайыагынан 550 оҕоҕо ананар, билигин 1614  оҕону  ылан үлэлии олорор. Норматив оскуола тутуллуутугар кылааска 25 оҕо диэн ааҕар. Биһиэхэ кылаас оҕотун ахсаана 30-тан саҕаламмыта ыраатта, үгүс кылааска 32-40 оҕо үөрэнэр. Оскуолаҕа оҕону барытын үөрэтиэхтээх буоллахпыт дии.

 52 оскуола баар. 2020-2021 сс. үөрэх дьылыгар Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар икки бастакы кылааһы арыйдыбыт. Бу бастакыта 17-с оскуолаҕа сатаан киирбэтэх оҕолорго, туспа, Дыбарыас иһинэн оскуола аһылынна.

Билигин оскуолаларбытыгар 48478 оҕо үөрэнэр.  Оттон бырайыактарынан ылар кыахтара 23344 оҕоҕо барсар – оҕо ахсаана иккиттэн ордук төгүл элбэх.

Уһуйааннарбыт эмиэ икки төгүл элбэх оҕону нуорманы таһынан ылан олороллор. 63 уһуйааҥҥа 19000 кэриҥэ оҕо сылдьар, дьиҥэ, бырайыактара 11327 оҕоҕо диэн. Өссө манна чааһынай уһуйааннар баар буоланнар көмө буолаллар уонна саҥа тутуллубут дьиэлэргэ бастакы этээстэри атыылаһан эбии бөлөхтөрү арыйары сокуон көҥүллүүр.

Эбии дьиэлэри атыылаһан оҕо тэрилтэтин арыйарга улахан өрөмүөн, уларыта тутуу үлэлэрэ ыытыллаллар. Ол барыта бүддьүөттэн үбүлэнэр.

Быйыл Прометейга арыллар оскуола туспа оскуола буолар дуу эбэтэр ханнык эмэ оскуола филиалын быһыытынан арыллыан сөп дуо?

– Бырайыагынан Прометейга 990 миэстэлээх оскуола тутуллар. Биһиги толкуйбутунан, билигин куорат ортотугар оскуола тутар сир суох, тутуу ирдэбиллэрэ уларыйбыттара. Холобур, 1-кы №-дээх оскуолаҕа 617 оҕо үөрэнэр эбит буоллаҕына, көтүрэн баран саҥа дьиэни туттахха, нормативынан 190 эрэ миэстэлээх оскуола тутуллуон сөп.

10-с кылаастан профильнай үөрэхтээһин киирэр. Кыра саастаах оҕолор куорат киинигэр үөрэниэхтэрин сөп. Улахан кылаастар Прометейга үөрэниэхтэрин сөп диэн толкуйдуубун. Ол аата филиал быһыытынан үөрэхтээһин тэриллиэн сөп.

Суперкампус – олоххо киирэр бырайыак

Кангалааска Суперкампус тутуллуохтаах. Онно орто үөрэх кыһаларын устудьуоннара бараллар, оччоҕо оскуолалар эбии дьиэлэнэллэр диэн. Эн санааҕар, бу төһө олоххо киирэр кыахтааҕый?

– Мин санаабар, олоххо киирэр кыахтаах, туруорсубуппут хас да сыл буолла. Бу кэпсэтии саҥа үөрэх миниистирэ Михаил Петрович Сивцев анаммытын кэнниттэн тута күөрэйбитэ. Улахан устудьуон оҕолор куорат таһыгар үөрэниэхтэрин сөп буоллаҕа дии. Ил Дархан Ыйааҕар киириэхтээх.

Суперкампуска орто үөрэх устудьуоннарыгар Кангалааска олорор, үөрэнэр усулуобуйалара барыта тэриллиэҕэ. Оччоҕо оскуолаларга куорат иһигэр 6500-7500 курдук миэстэ тахсыа этэ. Аны бу дьиэлэргэ улаханнык уларытыы барбат, тоҕо диэтэххэ, үөрэхтээһин бара турбут сирдэрэ буоллаҕа дии. Арай профильнай соҕус хайысхалаах үөрэхтэр дьиэлэрэ оскуолаҕа барсар гына уларыйыан сөп.

Бу бырайыак олоххо киириитэ 2028 сылга былааннанар. Онуоха диэри сүҥкэн үлэ барыан наада.

Хатаска, Саталга, Кангалааска...

– Хатаска, элбэх оҕолоохторго 1000 курдук сир түҥэтилиннэ. Нэһилиэк дьаһалтата 1-2 сылынан хас тыһыынча киһинэн эбиллэрин номнуо суоттаан олорор эбит...

– Ол иһин Хатаска 990 миэстэлээх оскуола тутуллара былааҥҥа киирэн турар.

Эмиэ Хатаска курдук киһи эбиллэ турар сиригэр “Саталга” хайаан да оскуола тутуохтаахпыт. Былааҥҥа киирбит 2026 сылга диэри тутуллуохтаах 12 оскуола иһигэр киирбэтэҕэ эрээри, инвестордары кытта үлэ быһыыта уларыйбыт буоллаҕына, киллэрэн биэриэхпитин сөп буолуоҕа.

– Саҥа тутулла турар уһуйааннар бааллар. Төһө миэстэлээх буолалларый?

Новопортовскойга 240 миэстэлээх уһуйаан тутулла турар. Үксэ саҥа тутуллубут дьиэлэргэ бастакы этээстэрин атыылаһыы былааннанан турар.

Кангалааска оскуола-саад үлэҕэ киириэҕэ.

– Спортивнай эбийиэктэр?

Ыйаахха киирбитинэн, Хатаска спортивнай комплекс тутуллуохтаах. Сайсары уокуругар, Гагаринскай уонна Марха оройуоннарыгар Белай Озеро диэки спорткомплекс тутуллуохтаах.

– Оттон кангалаастар “Шахтердара”?

“Шахтер” спортивнай саала өрөмүөнүгэр, чөлүгэр түһэриитэ былааҥҥа киирэн турар.

Былырыын үөрэх эбийиэктэрин өрөмүөннэригэр эбии 38 мөл. көрүллүбүтэ. Сардаана Владимировна быһаарыытынан, үөрэхтээһин эйгэтигэр экономияламмыт үп үөрэх эйгэтиттэн атын сиргэ салайыллыбат буолбута. Онон быйыл эмиэ оннук үлэлиибит.

Быйылгы саамай улахан кыайыыбыт диэн, урут олохтоох бүддьүөттэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр тэрилтэлэр “уонна да атын персонал” хамнастарыгар харчы тыырар этибит. Сокуон быһыытынан, госстандартка киириэхтээх этэ. Ону ситистибит. Олунньу 21 күнүгэр Бырабыыталыстыба 29 №-дээх дьаһала таҕыста, уһуйааннар техперсоналлара, медиктэрэ барыта госстандратка киирдэ. Онтон босхоломмут харчы үөрэхтээһин эйгэтигэр хаалар.   Айти-куб дьиэтэ оҥоһуллуоҕа, обургу саастаах оҕолор кииннэрэ өрөмүөннэниэҕэ, оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөҥҥэ эбии үп  көрүллүөҕэ. Ону таhынан түмүк судаарыстыбаннай аттестация быраабылатын уларыйыыларын олоххо киллэрэр үлэҕэ туһаайыллыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...