Надежда Сивцева: «Үрдүк үөрэх дипломун алта уон сааспар туппутум»
Хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар, майгытыгар, олоҕу анаарар көрүүтүгэр оскуолаҕа үөрэппит учууталын «суола» хаалар, ииппит-такайбыт, уһуйбут үөрүйэҕэ иҥэр. Учуутал ити курдук кэнчээри ыччаты дьол уйатын туттарга кынаттыыр, сырдыкка, үрдүккэ сирдиир.
Алтынньы ый 5 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Учуутал күнэ бэлиэтэнэр.
«Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү таһаарыытыгар удьуор учууталлар, ыччаты иитиигэ олохторун анаабыт дьиэ кэргэн ийэлэрэ Надежда Егоровна Сивцева, үйэтин тухары уһуйааҥҥа иитээччинэн, методиһынан үлэлээбит Саха АССР, РСФСР норуодунай үөрэхтээһинин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Бүлүү куорат бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын XI-с сийиэһин дэлэгээтэ, Саха сирин стипендиата, ыалдьыттыыр.
Санатар буоллахха, Надежда Егоровна төрөппүт кыыһа Лилиана Ивановна Антонова, Дьокуускай куорат Марха 1-гы №-дээх оскуолатын физикаҕа учуутала, “Дети Саха-Азия” норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин туйгуна, Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, 2022 сыллаахха эмиэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV-с сийиэстэрин дэлэгээтэ буолан турар. Ийэлээх кыыс, икки учуутал, уһуйааччы, иитээччи, билигин элбэх кыттыгас бырайыактаах бииргэ үлэлиир партнердар.
– Надежда Егоровна, педагогикаҕа бастакы хардыыларыҥ туһунан ахтан ааһыах.
– Төрөөбүт, кииним түспүт сирим – Уус Алдан Баатаҕай нэһилиэгин Чараҥай сирэ.
Аҕам Егор Михайлович Аманатов Иккис Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүт. Ийэм Варвара Михайловна Пермякова Сыҥаах нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ыал буоланнар түөрт оҕоломмуттарыттан бырааппыныын мин ордубуппут. Икки оҕолоро оччотооҕу эмтэммэт куор, коклюш диэн ыарыылартан олохтон туораабыттар.
Оскуолам кэнниттэн икки сыл биир саастыылаахтарбыныын холкуоска үлэлээбитим. Үһүс сылбар миигин хомсомуол сэкирэтээринэн таллылар. Ол кэмҥэ сэкирэтээри кулуупка үлэһит быһыытынан ылар этилэр. Онон пиэрмэттэн аны кулууп уонна хомсомуол үлэһитэ буолан хааллым. Оччотооҕуга наар үлэни өрө тутар кэм этэ, бэйэ икки ардыгар куоталаһыы диэн, Социалистическай куоталаһыыга эстафета диэн буолара. Ол эстафетаны атыттарга туттарарга кэнсиэртээх, күрэхтэһиилээх анаан бараҕын. Биир сыл оннук үлэлээн баран, үөрэх, идэ туһунан толкуй баар буолбута.
Дьүөгэ кыыспыныын Бүлүү педучилищетыгар учуутал идэтигэр үөрэнэ кэлбиппит. Икки сыллаах анал куурус этэ. Түргэтитиллибит, анал куурус буолан, үөрэхпит практическай чааһа элбэҕэ. Норуот педагогикатын төрүттээччи К.С. Чиряев биһиэхэ психологияны үөрэтэрэ. Ити курдук үөрэхпин бүтэрэн, учуутал үрдүк аатын сүгэн баран, манна, Бүлүү куоратыгар, олоҕум аргыһын көрсөммүн ыал буолбутум.
Бастакы үлэбин саҕалаабыт оскуолам Чернышевскай аатын сүгэр оскуола этэ. Онно кыра кылаастарга нуучча тылын үөрэтэрим. Оччотооҕу учууталлар үлэлэригэр олус кыһаллалларын, сүрдээх болҕомтолоохторун бэлиэтии көрөрүм. Үөрэҕи саҥа бүтэрбит учууталга уруокпар киирэн сыыһабар-халтыбар сүбэлээн, сороҕор хайҕаан тахсар түгэннэрэ элбэҕэ.
Дьэ итинник педагогикаҕа бастакы хардыыларбын оҥорбутум.
– Надежда Егоровна, хайдах ыал буолбуккунуй?
– Хомсомуол нөҥүө дьолбутун булбуппут диэххэ сөп. Ийэ, аҕа, эбээ, эһээ буолар үөрүүтүн билбиппит.
Ол курдук, Бүлүү оройуонугар 1966 сыл муус устар 26 күнүгэр хомсомуол оройуоннааҕы мунньаҕар Сивцев Иван Иванович иккис сэкирэтээринэн талыллыбыта. Ол отчуоттуур-быыбардыыр мунньахха мин училище аатыттан дэлэгээт буолан тиийбитим. Ол төрүөтүнэн училищебар хомсомуол бюротугар баарым буолбута. Сэкирэтээрбит Марфа Гаврильева этэ. Анал куурус устудьуоннара Бүлүүгэ баар Оҕо дьиэтин кытта шефтэһэрбит. Бэрээдэктэрэ да мөлтөҕө быһыылааҕа, оҕолор барахсаттар. Учуутал күннээҕи түбүгүн, педагог идэтин иһиттэн билиһиннэрэр сыалтан, биһигини кинилэргэ сыһыаран үөрэттэхтэрэ буолуо. Константин Спиридонович хас биирдии Оҕо дьиэтин оҕотун биирдии устудьуоҥҥа сыһыарара уонна психологическай дневник оҥотторон, характеристика суруйарбытын ирдиирэ. Нэдиэлэ аайы оннук сорудахпытын ыарырҕаппыппыт. Онон ыйга биирдэ оҥорор буолбуппут.
Ол үлэбитин оройуоннааҕы хомсомуол кэмитиэтин иккис сэкирэтээрэ Иван Иванович Сивцев хонтуруоллуур этэ. Биирдэ миигин бюроҕа ыҥыраннар, Оҕо дьиэтигэр үлэбит туһунан отчуоттаттылар. Онтон ыла Баанньалыын билсиһэн, доҕордоһон, Бүлүү куоратыгар ыал буолбуппут.
Мин дойдубар Чараҥайга сыбаайбалаабыппыт. Онтон манна Бүлүү остолобуойугар сыбаайбалаабыппыт. 1968 сыллаахха маҥнайгы оҕобут төрөөбүтэ. Ити курдук түөрт оҕо ийэтэ, аҕата буолбуппут. Хомойуох иһин, Баанньам олохтон туораабыта. Баара буоллар быйыл 85 сааһын туолуох этэ. Билигин дойду оҥостубут Бүлүү куораппар олоробун.
– Онтон уһуйааҥҥа сэбиэдиссэйинэн үлэлээн тураҕын. Түбүктээх үлэҥ түмүктэрин туһунан аныгы көлүөнэ иитээччилэргэ сырдат эрэ.
– Эппитим курдук, биһиги ыал түөрт оҕоломмуппут. Элбэх оҕолоох ийэ түбүгүм баһаам буоллаҕа. Ол кэмнэргэ дьааһылаҕа оҕону үс сааһыгар диэри ылаллара. Оттон оҕо саадыгар оскуолаҕа эрэ киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору ылар буолар этилэр. Онон оҕо түөрдүгэр-биэһигэр дьиэтигэр олороругар тиийэрэ. Инньэ гынан көрсүһэр эбээтэ, эһээтэ суох ыалга кэккэ ыарахаттардааҕа.
Онон биһиги ыал Чочуттан Бүлүү куоратыгар киирэн баран, оҕолорбор бириэмэ булаары, кинилэри көрөөрү, дьыссаакка үлэлии киирбитим. Син хас да сыл үлэлээн баран, идэбин ахтан, оскуолаҕа учууталынан барар санаалаах РОНО-ҕа тиийбиппэр, үлэһиттэр: «Надежда Егоровна, хата, бэйэҕинэн киирэн кэллиҥ. Эйигин үһүс деткомбинакка сэбиэдиссэйдээ диэн ыҥыраары олорбуппут",– диэбитинэн көрүстүлэр. Мин олох аккаас. Онтон РОНО сэбиэдиссэйигэр киллэрдилэр. Онуоха сэбиэдиссэйим кытаанах баҕайытык көрөн олорон: «Эйигин сэбиэдиссэйинэн аныыбыт»,– диэбитигэр, билигин аҕай аккаастаммыт киһи, сөбүлэһэн таҕыстым. Оччолорго бэйэ санаата билиҥҥи курдук өрө тутуллубат. Салайааччы тылыттан тахсыбаккын, туох диэбиттэринэн сылдьар этибит.
Дьэ итинник учууталтан иитээччи буоламмын барыта 45 сыл үлэлээбитим.
Уһуйааннар ити кэмнэргэ оһоҕунан оттуллаллара. Ол кэмнэри эмиэ да сонньуйа, эмиэ да, күүстээх үлэттэн толлубатах эбиппин диэн, астына саныыбын. Күн устата 15 оһоҕу оттор, ол маһын хааччыйар манан аҕай түбүк буолбатах этэ. Ордук сайыҥҥы кэмҥэ хаһаайыстыбаннай үлэни сэбиэдиссэй бэйэҥ сүгэр буоллаҕыҥ. Кэлин хас да сылы быһа сыралаһан ититэр систиэмэҕэ холбоммуппут. Бэлэмнэнии үлэтин, матырыйаалы булуу-талыы, оһохтору ыраастааһын, көтүттэрии, таһыы үлэтин салалта өйөбүлүнэн, билэр дьонум көмөлөрүнэн, төрөппүттэрбинэн аттарарым. Барыта 13 оһоҕу көтүрбүппүтүн туһугар улахан ситиһиинэн ааҕабын. Оҕо доруобуйата туруктаах буоларыгар сылаас, сырдык уһуйааннаннахпыт дии.
– Надежда Егоровна, кыра саастаах оҕону үөрэтэргэ саамай табыгастаах сааһа хаһый?
– Оҕо саамай билиэн-көрүөн баҕарар, интэриэһиргиир сааһа – биэс-алта. Маны мүлчү тутумуохха наада.
Биһиги дьыссаакка «Процветание через образование» диэн бырагырааманан экспериментальнай балаһаакка быһыытынан прогимназия тэрийбиппит. Онно миигин салайааччынан анаабыттара. Кэлэктиибим эдэрдэр, бэйэм оҕолорум саастыы дьон. Сүрдээх айымньылаахтык үлэлээн ааспыппыт. Сорукпут диэн оҕо өй-санаа эрэ өттүнэн буолбакка, толкуйдуур, ааҕар, суруйар, нууччалыы ситимнээх саҥаны толору өйдүүр, английскайдыы биир-икки-үс тыллаах этиини көҥүл саҥарар, өйдүүр, 20 иһинэн ахсааны суоттуур буолуохтаах диэн этэ. Үлэ көрдөрбүтүнэн, кыра оҕолору үс тылынан тэҥинэн үөрэтэр уустук эбит диэн санааҕа кэлбитим. Уонна английскайы саха тылыттан быһалыы тылбаастаан боруобалаабыппыт оҕолорго ордук тиийимтиэ эбит этэ. Онон оҕолорбут түргэнник өйдүүллэригэр судургу буолбута. Манна Л. Софронеева оҕолорго артикуляцияларын кыайа тутар буолан, бу хайысханы үчүгэйдик баһылаабыппыт.
– Ол аата оҕо үөрэҕи төрөөбүт тылынан ордук ылынар диэн буоллаҕа?
– Төрөөбүт тылынан үөрэммит оҕо үөрэҕэр, чахчы, ситиһиитэ киэҥ буолар эбит этэ. Прогимназияны бүтэрбит оҕолорбут нуучча тыллаах саха кылааһыгар киирэн баран билии-көрүү, тыл-өс өттүнэн мөлтөөбүттэрэ биллибитэ. Биһиги прогимназияҕа түөрт бөлөҕүнэн 18 иитээччи үлэлээбиппит. Биир бөлөххө 25 оҕо буолар. Бары тус-туһунан майгылаах, иитиилээх оҕолор буоллахтара дии. Уһун күнү быһа биир иитээччи буолбакка, группаҕа 15 иитээччи тус-туһунан киирэннэр дьарыктыыллара бары өттүнэн барыстааҕа. Иитээччигэ даҕаны улахан көмө эбит этэ.
Оҕону кытта үлэлиирбитигэр үлэһиттэр бэйэбит испитигэр араас семинардары ыытар буолбуппут. Ол барыта иитээччи сайдыытыгар олус туһалааҕа. Бастатан төрөппүт иннигэр үлэни билиһиннэрииттэн саҕалаан, төрөппүккэ сүбэлэри тарҕатарга тиийэ туһалааҕа.
Ити курдук үлэлээн, биһиги дьарыктаабыт оҕолорбут оскуолаларын мэтээлинэн түмүктүүллэрэ сөптөөх суолу тутуһан иитэн таһаарбыт туоһубутунан буолбута.
– Саҥаттан саҥа билиини баһылааһын киһи сааһыттан тутулуга суох диэн этии эйиэхэ тус бэйэҕэр сыһыаннаах курдук.
– Дьэ, ХХ-с үйэ саамай сайдыылаах кэмнэригэр үөрэх-билии эйгэтигэр үлэлээбит буоламмын, элбэх саҥаны, сонуну, сатаа-сатаама, кыай-кыайыма, билэргэ, үөрэтэргэ күһэллибит уонна ол кыайыыларбытыттан улахан дуоһуйууну ылбыт көлүөнэҕэ киирсэбит. Ол курдук, 1969 сыллаахха, саҥа учууталлыы барарбар, перонан суруйар эбит буоллахпытына, итинтэн ыла шариковай уруучуканан суруйарга саҥа ирдэбил турбута.
Онтон уһуйааммар үлэлии сырыттахпына арай көмпүүтэр үйэтэ кэллэ. Сэбиэдиссэйдэр бирикээстэрбитин, таабылларбытын көмпүүтэринэн эрэ оҥорорбутугар саҥа ирдэбил турда.
Уруучуканан үлэлии үөрэммит киһиэхэ миэхэ компьютерга үөрэниим бэрт дэбигис буолбатаҕа эрээри, олох хаамыытынан үөрэммитим. Дьыссааппар анаабыт көмпүүтэрдэрин дьиэбэр аҕалан туруордум даҕаны, балайда уһуннук чугаһаабакка сырыттым. Кыра кыыһым Туйаарам онно үлэлиирин ыраахтан көрөбүн эрээри, бэйэм хайдах эрэ чугаһаабаппын.
Ол гынан син үөрэнэммин аҕыйах тыллаах бирикээһи бэчээттиир буоллум. Аны онтубун принтерынан бэчээттэтэн таһааран баран хайдахтаах үөрбүппүн көрүөх этигит?!
Туйаарам ыйан-кэрдэн биэриитинэн хайдах куоппуйа оҥорорго, чыыһылатын, киһи аатын уларытарга үөрэнним.
Биирдэ бухгалтерияларым ыҥыран: «Егоровна, бу бирикээһиҥ чыыһылалара барыта биир турар»,– диэтилэр. Онтон ыла көмпүүтэргэ үлэлиир болҕомтолоох буолары ирдиирин өйдөөбүтүм. Үлэбэр илдьэ бараммын начаас көннөрөн аҕаламмын хайҕабыл бөҕө ылбытым.
Мунньахха: «Саамай саастааххыт Егоровна көмпүүтэри баһылаата. Оттон эһиги хаһан?» – диэн атын сэбиэдиссэйдэртэн ыйытар буоллулар.
Ити барыта билигин суолтата суох курдук буолуо эрээри, ол кэмҥэ саамай наадалаах тыын боппуруоспут этэ.
Дьэ оннук саҥа технологияны барытын да баһылаабатарбын, вордка бэчээттиир, экселга үлэһиттэрим хамнастарын ааҕар буолбутум. Атын дьыссааттарбын үөрэтэр киһи буолтум. Билиим бэйэбэр эрэ буолбатах буоллаҕа дии.
Ол кэми санаабычча, биир түгэни өйдөөн кэллим. Киһи да күлэр ээ. Ону санаатахпытына, билигин даҕаны күлсэбит. Арай уһуйааммыт должностной инструкциятын көмпүүтэргэ бэчээттээн баар гынар түбүгэ буолла. Ону оҥороору куорат сэбиэдиссэйдэрэ үлэ чааһын кэнниттэн «Туллукчааҥҥа» муһуннубут. Түүнү быһа сатыыр-сатаабат дьон бэчээттээн бараммыт сарсыарданан дьиэҕэ тарҕаһыы буолла. Бары биир массыынаҕа симилиннибит. Массыынанан барар баҕаттан көтөхсөөччү – көтөхсөн, кыбыллааччы – кыбыллан. Арай ол истэхпитинэ ГАИ тохтотто. Суоппарбытын сэмэлээбитэ чахчы. Боротокуол эҥин диэн буолла. Мин түгэххэ олороммун үлэлээн иһэрбитин эппиппэр наһаа соһуйда: «Егоровна эмиэ бааргын дуо? Сарсыардааҥҥа диэри туох сүрдээх үлэһиттэргитий?»– диэн буолла уонна бары дьыссаат сэбиэдиссэйдэрэ олорорбутун көрөн, ыытан кэбистэ.
Көмпүүтэр киириитэ биһиэхэ оннук көрүдьүөс да түгэннэрдээҕэ.
– Көмпүүтэргин билигин даҕаны холбооботох күнүҥ, суох.
– Оннук, олоҕум, дьарыгым барыта көмпүүтэринэн салаллар буолан хаалла. Холобура, кинигэ таҥабын, онтум көмпүүтэрэ суох оҥоһуллубат. Архыыпка үлэлэһэрбэр эмиэ барытын көмпүүтэр нөҥүө булабын. Оҕолорбунуун, сиэннэрбиниин сибээһим эмиэ көмпүүтэрэ суох сатаммат. Онон киһи сааһыттан тутулуга суох үөрэххэ, саҥаҕа, билиигэ талаһара үчүгэй өрүтэ элбэх.
– Алта уоҥҥун ааһан баран үрдүк үөрэх дипломун ылбыккын билэбин.
– Чахчы, үрдүк үөрэх дипломун алта уон сааспар ылбытым. Эмиэ оччотооҕу кэм ирдэбилэ этэ. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин дипломун, үрдүк үөрэҕи аттестация эмиэ ирдиирэ. Онон, хата, көмпүүтэрим көмөтүнэн кэтэхтэн үөрэнэн, үрдүк үөрэх дипломун ылан турабын. Билигин аҕыс уончабар чугаһаатарбын даҕаны оҕолорум, сиэннэрим көмөлөрүнэн саҥаттан саҥа бырагыраамалары көмпүүтэрбэр баһылыыр киһибин.
– Надежда Егоровна, педагогика эйгэтигэр араас кэмҥэ кыыскыныын үлэлээтэргит даҕаны, иккиэн учууталлар сийиэстэрин дэлэгээттэрэ буолбуккут бу сэдэх түгэн эбит ээ?
– Мин Бүлүү куоратыгар оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин эйгэтигэр үгүс сыллаах уопуппун билинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи учууталлар XI-c сийиэстэрин дэлэгээтэ буолар чиэскэ тиксибитим. Оттон улахан кыыһым Лилиана Ивановна Антонова Өрөспүүбүлүкэтээҕи Учууталлар XIV-c сийиэстэрин дэлэгээтинэн талыллыбыта.
Кини 1985 сыллаахха Г.И. Чиряев аатынан Бүлүү 1N-дээх оскуолатын бүтэрэн баран Саха судаарыстыбаннай университетын физическэй факультетыгар үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрээт даҕаны Дьокуускай таһынааҕы Марха 1N-дээх оскуолатыгар физика учууталынан үлэтин быйыл номнуо 35 сылын саҕалаата. Сэбиэскэй кэмнии киэн тутта эттэххэ, үлэтин киниискэтигэр үлэҕэ киирбитин туһунан биир эрэ бэлиэтээһин баар.
Лилиана талбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлииригэр холобур буолбут дьонунан оскуолаҕа үөрэнэригэр физикаҕа учуутала Людмила Ивановна Сивцеваны, преподавтеллэрин Раиса Иннокентьевна Петрованы, Валерий Гаврильевич Сыромятниковы, бастакы учуутал быһыытынан практикатын салайбыт Римма Васильевна Романованы, Виктор Филиппович Потаповы, бастакы дириэктэрин Аравиди Алла Викторовнаны уонна Степанова Наталья Романовнаны ааттаталыыр. «Кинилэр инникини көрүүлэрэ, киэҥ билиилэрэ куруук инники кирбиигэ саҥаны үлэҕэ киллэрэрбэр олус интэриэһинэй этэ» диир. Оҕом махталлааҕын ийэ киһи өрүү үөрэ истэбин. Үгүс сыллаах сыралаах үлэтэ «Дети Саха-Азия» норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда стипендиатын аатынан, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ анал ааттарынан бэлиэтэммитин киэн тутта кэпсиибин.
– Кыыскыныын аны биир бырайыаккыт туһунан кэпсии түс эрэ.
– Мин билигин Бүлүү куоратыгар олоробун, Лилианам – Дьокуускайга. Оҕолорум бары даҕаны тус-туһунан сиргэ олорор буоланнар, миэхэ болҕомтолорун сүрүннээн «онлайн» уураллар диэн күлэбин. Онуоха ырааҕы чугаһатар эрэллээх доҕотторбут, көмөлөһөөччүлэрбит – аныгы технологиялар, көмпүүтэр, төлөпүөн буоллахтара. Төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа олордорбун, күн бокуойа суохпун. Төрөөбүт сирим Чараҥайым дьонун-сэргэтин түмэргэ ыраахтан олорон үлэлэһэн, дойдубар биир санаалаахтарбыныын стелла оҥордубут. Бу – архыыпка хас да сыллаах үлэм түмүгэ. Дьиэбэр даҕаны олорон, Дьокуускайга да баран СӨ архыыбыгар үлэҕэ бэрт элбэх бириэмэбин анаатым. Ымпыгын-чымпыгын билбэхтэстим, үөрэнним.
Кыыһым Лилиананы кытта эмиэ көмпүүтэр нөҥүө сонуну үллэстиинэн муҥурдаммаппыт, быйыл күһүн аҕабыт Иван Иванович Сивцев, хомсомуол, партия үгүс үлэтин көҕүлээбит, тэрийбит, хаһаайыстыбаннай салайааччы, төрөөбүтэ 85 сылыгар анааммыт кинигэ бэлэмнээтибит. Бу кинигэҕэ аҕабыт төрүччүтүн, үлэтин, хаһыакка матырыйаалларын мунньаммыт бар дьоммутугар, аймах-билэ дьоммутугар бэлэх ууннубут. Үлэлээбэт киһи маны күннээҕи дьарык оҥостоммун, үгүс үлэтин бэйэм оҥордум, кыайдым диэн сүрдээҕин үөрэбин. Хас биирдии матырыйаалы көмпүүтэргэ таҥным. Ону көннөрөн, сааһылаан, дьоһун үлэ буолан таҕыста.
Өбүгэ ситимэ үйэлэргэ быстыбатын диэн оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр эһэлэрин аатын үйэтитии буоллаҕа.
Бу кинигэбит «Кэскилбит сирдьит сулуһа» диэн ааттыын кэнчээри ыччаппытыгар ыраахха, сырдыкка, үрдүккэ сирдиир сулус буола туруо диэн эрэнэбит. Оҕолорбут бары үөрэхтээх, үлэһит дьон буола улаатаннар, сиэннэр эмиэ дьоһун дьон. Аны хос сиэннэр кэллилэр. Онон Сивцевтар олохпут оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр, хос сиэннэргэ салҕана турар.
Түгэнинэн туһанан бука бары учуутал, иитээччи идэлээх дьону идэлээх бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибит.
Үйэ саас тухары чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ, байылыат олохтонуҥ, дьоллоох буолуҥ!
Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан.