08.07.2021 | 17:13

Надежда Львова: «Алҕаһаабат киһи сайдыбат»

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Надежда Григорьевна Львова – Сунтаар улууһугар “КОРОНА”  атыы-эргиэн дьиэтин ситимин хаһаайката, уопсастыбанньык,  ситиһиилэээх бизнесмен, айар куттаах киһи. 
Бүгүн Надежда Григорьевна аан дойдуну аймаабыт хамсык кэмигэр биисинэскэ сыһыаннаах көрүүлэрин, анаарыыларын билсиэҕиҥ.

Бэйэ-бэйэни харыстаһан

– Хамсык кэмигэр биисинэскэ эмиэ ыарахан күннэр-дьыллар турдулар.  Дьаҥ-дьаһах намыраан, хааччахтааһыннар уһуллубуттарын да иһин, бастакынан охсууну ылбыт дьоҕус уонна орто биисинэскэ үлэлииргэ чэпчэки буола охсуо суоҕа.   Дьоҕус уонна орто биисинэс охсууну ыларыгар  харантыын миэрэлэрэ биллэрдик дьайдылар. Хамсык саҕаланар кэмигэр Сунтаарбытыгар атын тэрилтэлэр бары сабыллыбыттара, оттон нэһилиэнньэни аһынан-таҥаһынан хааччыйыы тохтоон хаалыа суохтааҕа.  Роспотребнадзор предпринимательствоҕа   кытаанах ирдэбиллэрин толорон, бастатан туран, үлэһиттэрбитин харыстанар маасканан уонна бэрчээккэнэн хааччыйар сорук турбута.   Салайар үлэһиттэрбитин ыҥыран сүбэлэһэн баран, суһал дьаһалы ылан, мааскаларбытын бэйэбит тигэн барбыппыт. Маҕаһыыҥҥа мааскалаах, бэрчээккэлээх киириини ирдээһин үлэһиттэрбитигэр сүктэриллибитэ. Үлэһиттэрбит ыарахаттары көрсүбүттэрэ, тэрилтэлэр бары сабыллан барбыттарыгар   куттанан, дьаахханан барбыттара өйдөнөрө. “Үлэҕэ тахсыбаппыт, үлэлээбэт кэммитигэр, бүддьүөт тэрилтэлэрин курдук, хамнаспытын төлөөҥ” диэн боппуруостар тура сылдьыбыттара. Үлэһиттэрбитин уонна нэһилиэнньэни харыстаан сорох маҕаһыыннарбытыгар түннүк нөҥүө атыылыы сылдьыбыппыт. Уопсайынан, дойдуга бүтүннүүтүгэр маннык аймалҕан турбатах буолан, биисинэс   ыарахан балаһыанньатыттан тахсар быһаарыылары ылына охсор, толкуйдуур уустуктардаах этэ.

 

Саҥа офиска

– Ыксаллаах кэмнэргэ киһи түргэнник толкуйдуур, нэһилиэнньэ туохха ордук наадыйарын үөрэтэр. Хамсык кэмигэр сүрүн сорукпутунан нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйыы буолбута, онон син бэйэбитигэр «уста» сылдьыбыппыт. Биир да күн өрөөбөккө күүскэ  үлэлээбиппит, маныаха бэйэм үлэһиттэрбэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Харыстанар миэрэлэри кытаанахтык  тутуһан, нэһилиэнньэ наадыйыытын учуоттаан үлэлээн, үп-харчы өттүгэр улаханнык оҕустарбакка,  офиспытын ыарахан кэмнэргэ тутан үлэҕэ киллэрдибит.  Санатан эттэххэ, саҥа офиһы тутуу бырайыага эрдэттэн былааҥҥа баара.  Бытаан соҕустук да буоллар, Саҥа дьыл иннинэ үлэҕэ киллэрдибит, үлэһиттэрбитигэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийэбит.

 

Биисинэс уонна туһанааччы сыһыаннара...

Биллэрин курдук, судаарыстыба тэрилтэлэргэ, нэһилиэнньэҕэ тустаах көмөлөрү оҥорор. Оттон биисинэс эйгэтигэр улахан көмө суоҕун кэриэтэ, судаарыстыба биисинэс эйгэтин кыайан быһаарыа суоҕа.  Хааччахтааһыннар бүппүттэрин, урукку олохпутугар төннүбүппүт да иһин, экэниэмикэ эмсэҕэлээһинэ, кириисис син биир баар буолуохтара. Мин санаабар, ырыынак уонна туһанааччы икки ардыларыгар сыһыаҥҥа улахан уларыйыылар тахсыахтара.    Үлэлии сылдьыбыт урбаанньыттар сорохторо эстэн, саҥа урбаанньыттар таҕыстылар. Ол эбэтэр онлайн үлэлиир, саҥаттан саҥа ньымалары тобулар, сүрүннээн табаары тиэрдиигэ үлэлииргэ атын көрүҥнэри көрдүүр атын көрүүлээх дьон кэлиэхтэрэ. Биир тылынан эттэххэ, урбаанньыттар атыннык үлэлиир-хамсыыр кэмнэрэ кэлбитин өйдөөн ылыннахтарына эрэ, салгыы үлэлиэхтэрэ.

Нэһилиэнньэ дохуота олус кыччаабыта биисинэскэ эмиэ охсор. Аан дойдуга барытыгар, бородууктаҕа эмиэ сыана үрдүү турар.  Бу, баҕар, табаар тиийбэтиттэн буолуон сөп. Хамсык кэмигэр үгүс тэрилтэ оҥорон таһаарыыта тохтообута, ол ханнык эрэ кэм тухары дьайа сытыаҕа.

Н.Львова – 2018 с. «Дьыалабыай Арассыыйа биисинэс-ледитэ» 
Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска “Меценатство” номинация кыайыылааҕа

Биисинэскэ эр киһи уонна кэрэ аҥаар

– Мин санаабар, биисинэскэ эр дьоннор уонна кэрэ аҥаардар көрүүлэрэ уратылаах. Эр киһи ордук киэҥник, далааһыннаахтык көрөр уонна тэтимнээх хамсаныыны, түргэн түмүгү көрө охсуон баҕарар. Оттон кэрэ аҥаар чуолаан хаһаайыстыбаннай өттүн ымпыгар-чымпыгар диэри көрүнэр, мындыр буолан, хас биирдии деталга болҕомтотун уурар.  Бытааннык да буоллар, түмүгүн көрөр. Биисинэс эйгэтин кэрэ аҥаардара эр дьон курдук далааһыннаахтык толкуйдуурбут буоллар, биллэн турар, өссө киэҥник хардыылыа этибит.

 

Алҕаһы оҥорортон куттаныахха сөп дуо?

– Биисинэскэ хаһан да эриэ-дэхси буолбат, алҕастар да тахсаллар. Биһиги элбэх сыыһаны, алҕаһы оҥорон үөрэммиппит.   Мин санаабар, сыыһаны оҥорбот киһи сайдыбат. Хаһан баҕарар алҕаһааһын уонна боруобалааһын көмөтүнэн эрэ сайдаҕын.  Холобур, мин аан бастаан саҕалыырбар Дьокуускайга уонна Мииринэйгэ биисинэс эйгэтигэр киирэ сатаабытым табыллыбатаҕа. Араас толкуйдар, санаалар бааллара, ол гынан баран, туохтан саҕалыахпын билбэт этим. Дьахтар күндү саҕынньаҕын атыылыыр маҕаһыыны арыйарга сананан, Грецияҕа атыылаһа барбытым. Туох баар харчыбын барытын илдьэ баран, енот саҕынньахтары аҕалбытым. Саҕынньахтарбын кыайан батарбакка, бэйэтин сыанатыгар атыылаабытым.  Ити эмиэ алҕаһааһын буоллаҕа, бу хайысханан кыайан барбат эбиппин диэн тохтообутум. Арааһа, ыллым да маҕаһыын арыйан кэбиспитим буоллар, табыллыбатах урбаанньыт буолуом этэ. Биисинэс эйгэтэ халбаҥ, эйигин хас хардыы аайы алҕаһы оҥоруу кэтэһэр, оттон ол алҕастарбытыттан үөрэнэбит, сайдабыт.

 

Бизнес-ледигэ ханнык хаачыстыбалар наадаларый?

– Элбэх үтүө хаачыстыба наада. Оттон мин түөрт сүрүн хаачыстыбаны бэлиэтиим. Бастатан туран, саамай наадалаах хаачыстыба – сэмэй быһыы, дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыан. Иккиһинэн, уопсай тылы сатаан булуу. Хас биирдии биисинэс-леди дьону кытары кэбэҕэстик кэпсэтэр дьоҕуру баһылааһына инникитин үлэлиэхтээх килийиэнин кытары алтыһарыгар көмөлөһөр. Үсүһүнэн, бэйэни кыатаныы, холку буолуу. Предпринимательство мэлдьи ыгым балаһыанньаттан тахсыыны, эппиэтинэстээх быһаарыыны ылыныыны кытары сибээстээх. Онон ханнык баҕарар балаһыанньаҕа бэйэни тардынар, эйэҕэс-сайаҕас буола үөрэниэхтээхпит. Төрдүһүнэн, чиэһинэй, кырдьыксыт, эрэллээх буолуу.

 

Аан дойдуну анаарыы

Ханна эрэ атын сиргэ барыахпын баҕардахпына, аан бастаан кинигэлэри ааҕан, интэриниэти хасыһан билсэбин. Мин хаһан даҕаны аҥаардас сынньана, загардыы диэн барбаппын. Бастатан туран, тиийбит сирим кэрэ-бэлиэ миэстэлэригэр, мусуойдарга сылдьабын. Музыкальнай үөрэхтээх да буоламмын (пианистка) дуу, композитордар, суруйааччылар хайдах олорбуттарын интэриэһиргиибин.  Маннык сылдьан олус элбэҕи билэҕин-көрөҕүн, анааран, билгэлээн көрүүҥ сайдар – бу барыта үлэҕэр быһаччы туһалаах. Уопсайынан, бэйэтин сайыннарыан баҕарар киһи сири-дойдуну илэ хараҕынан көрүөхтээх, билсиэхтээх. Ону таһынан биисинэстээх дьон хайдах саҕалаабыттарын, ситиһиилэммиттэрин үөрэтэбин. Айымньылаахтык сыһыаннаһар (творчески) киһи биисинэскэ ордук тахсыылаах буолар эбит дии санаатым. Итинник киһи ордук ырытар, анаарар, толкуйдуур уонна саҥаттан саҥаны киллэрэргэ дьулуһар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...