16.03.2022 | 09:00

Музыка оскуолатын быыстапката

Музыка оскуолатын быыстапката
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Хатас нэһилиэгин быйылгы биир дьоһун тэрээһининэн олохтоох музейга уочаратынан тэрилтэлэр көһө сылдьар быыстапкалара буолар. Оскуолабыт быыстапкатын туһунан кэпсээбиппит. Бэҕэһээ, кулун тутар 15 күнүгэр, Хатастааҕы музыка оскуолата 44 сыл усталаах туоратыгар тугу үлэлээн-хамсаан, кэҥээн-тэнийэн кэлбитин кэпсиир истиэндэлэр, хаартыскалар,  үҥкүү көстүүмнэрэ, музыкальнай үнүстүрүмүөннэр, кыайыыны-хотууну туоһулуур кубоктар  уо.д.а. тэлгэммит, ыйаммыт, ууруллубут быыстапката арылынна.


1978 сыллаахха үс үлэһиттээх 50 оҕолоох арыллыбыт оскуола күн бүгүн төһө-хачча буолбутун истэ-көрө, сэргэҕэлии кэлбит дьон история страницаларын арыйан, бэрт сэргэх сэһэни-кэпсээни иһиттибит, көрдүбүт. 44 сыл история кээмэйинэн оҕотук саас, онтон нэһилиэк холугар, күннээҕи олоххо  кырата суох кэм. Бу сыллар тухары дойдуну кытта тэҥҥэ хаамсан, сайдан-үүнэн, силиһэ-мутуга дириҥээн, аал луук маһа сириэдийэн, икки СӨ култууратын үтүөлээх уонунан СӨ култууратын туйгуна үлэһиттээх буспут-хаппыт, үлэлиир кыахтаах уонна баҕалаах кэлэктиип ситимнэһэ субуллар ситиһиилэрдээх даҕаны, үлүмнэһэ эккирэтэр ситиһиллиэхтээх сыаллаах-соруктаах даҕаны. Оскуоланы, анал үөрэҕи бүтэрэн баран кэлэн үөрэппит учууталларынаан тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар Анастасия Охлопкова, Екатерина Егорова, Айыына Сивцева Постникова  утум ситимэ быстыбатын туоһута буолаллар. Улуу Москуба куоракка Строганов аатынан академияны бүтэрбит Акулина Шелковникова СӨ Ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба түмэлигэр исписэлииһинэн үлэлии сылдьара эмиэ  бу оскуола ситиһиитэ, киэн туттуута буолар. "Тускул" КК хореографтыы сылдьар Дайаана Иванова эмиэ бу оскуола выпускницата. Быйыл М.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены бүтэрээри сылдьар Саша Белолюбскай бу оскуола норуодунай үнүстүрүмүөннэр отделениетын бүтэрбитэ.Күн бүгүн манна атын музыкальнай оскуолаларга дириэктэрдээбит үс учуутал үлэлии сылдьара эмиэ биир туспа сонун.  Оскуола тэриллиэҕиттэн 44 сыл биир хардыыны туора хаампакка, биир боруогу атыллыы сылдьар Зинаида Оконешникова кэпсиирэ-сэһэргиирэ элбэх. 
Оскуола кэлэктиибин "Гармония"вокальнай ансаамбыла, норуот үнүстүрүмүөннэрин  "Сандал" оркестра бу тэрээһини күүркэтэн, киэргэтэн биэрдэ. Кэлбит дьону-сэргэни, тэрийээччилэри Хатас олохтоох дьаһалтатын салайааччыта Пермяков Евгений Петрович эҕэрдэлээтэ. История страницаларын арыйан айаннатта Саргылана Григорьева. Кэпсээни отделениелар салайааччылара салҕаатылар. 


Алгыстаах алаадьынан айах тутан, сэргэхситэр сэһэннээх, кэрэхсэтэр кэпсээннээх үтүөкэн үлэһиттэрдээх Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар (директор Лемешева Христина Николаевнаҕа) барҕа махтал. Махтал түмэлбит дьиэтин куруутун ыраастык, чэбэрдик көрөн, киһи эрэ сылдьыан курдук тупсаҕай көрүҥнүүр Баишев Петр Анатольевичка.
Музей бу күннэргэ хайдах үлэлиирин туспа биллэриэхпит. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...