11.10.2024 | 16:00

Муосчут идэтин бүгүҥҥү кыһалҕалара

Муосчут идэтин бүгүҥҥү кыһалҕалара
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Тус бэйэбит төрүттэрбит үйэлэр улаҕаларыттан аҕалбыт норуот илиинэн оҥоһуга – муоһунан оҥоруу искусствотын бүгүҥҥү туругун туһунан бу эйгэҕэ үлэлиир маастар Николай Николаевич Петровтуун кэпсэттибит.

– Бастатан туран, хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин  диэн ыйытыыттан кэпсэтиибитин саҕалыах.

– Николай Петров диэммин. Өлөөн улууһун Ээйик бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Төрүт олохтоох көс тоҥустан төрүттээхпин. Аҕам Николай Петрович – табаһыт, ийэм Парасковья Игнатьевна үйэтин тухары булчуттары, табаһыттары тирии таҥаһынан хааччыйбыт иистэнньэҥ үтүөтэ этэ. Мин түөрт эдьиийдээх, түөрт убайдаах тохсус оҕо буолабын.

Дьоммут – үлэ дьоно. Элбэх бииргэ төрөөбүттэр буоламмыт дьоммутугар, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, дьиэ ис-тас үлэтин толорон улааппыппыт.

Элбэх оҕолоох ыалга барытыгар даҕаны улахан оҕолоро ийэлээх аҕаларыгар оҕону иитиигэ, дьиэни-уоту көрүүгэ сүрүн күүс-көмө, тутаах үлэһит буоллахтара. Кыраларга үтүө сабыдыаллаах буолалларын туһугар кинилэргэ турар ирдэбил үгүс быһыылааҕа. Биһиги төрөппүттэрбит, боростуой үлэһит дьон быһыытынан, бэйэлэрин холобурдарынан, сыһыаннарынан үтүө сүбэһит, сүрүн хайысханы муоһалааччы буолан эрдэхтэрэ.

Онон хаардаах хайалардаах, тунаарар туундаралаах Өлөөн уолабын.

– Муосчут идэтин хайдах талбыккыный?

– Киһи орто дойдуга айа-тута кэлэр дииллэр буолбат дуо? Онуоха саамай сүрүнэ ийэлээх аҕабыт истиҥ иэйиинэн бэлэхтээбит саамай улахан дьоллорун – олоҕу – киһи сиргэ-буорга тэпсибэккэ, өрө тутан, күн мичээрэ угуттуурун курдук сылаас сыһыанынан, ый чаҕылыйа тыгарын курдук көнө суолу ыйдаран дьоллоохтук олорорго бары күүһү ууруохтаахпыт. Уонна оннук олоҕу кэлэр көлүөнэ ыччакка тиксэрэн, өбүгэ ситимин тутуһуохтаахпыт – бу олох муудараһа. Онно айа-тута сылдьыы – саамай үтүө көстүү диэн толкуйдуубун.

Мин убайдарым мас уустара. Биир убайым – таксидермист. Сиэн бырааттарым эмиэ маска уһаналлар. Итинник көлүөнэттэн көлүөнэҕэ төрүттэрбит дьарыктара бэриллэн эрдэҕэ дии саныыбын. Мээнэҕэ ийэбит иистэнньэҥ буолбатах буолуохтаах. Онон уус диэн тылы удьуор утума диэн толкуйдуубун.

Мин бэйэм 1999 сыллаахха П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн бараммын "Сардаана" фабрикаҕа муосчутунан айар үлэбин саҕалаабытым.

Училищеҕа улуу муосчуттар, норуодунай худуоһунньуктар Федор Марковка, Василий Амыдаевка үөрэммит дьоллоох устудьуон буолабын.

“Сардаанаҕа” бастаан үлэлиирбэр биир улуу маастар, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга Егор Саввин сүбэтин-аматын куппар утаппыттыы иҥэринэн, муосчут быһыытынан дьиҥнээх оскуоланы ааспытым. Онон олохпор көрсүбүт учууталларбар махталым муҥура суох.

Муосчут быһыытынан "Драгоценности Якутии" тэрилтэҕэ эмиэ үлэлээбит кэмнээхпин. Кэнники 2009 сылтан бэйэм бэйэбэр бу дьарыкпын илиибиттэн араарбакка тута сылдьабын.

– Оҕо саас илдьитэ киһи олоҕор оруоллаах дии саныыгын дуо, Николай?

– Оҕо сылдьаммын өрүү оонньуур оонньуум быластылыын буолара. Күнү быһа салгыбакка арааһы барытын оҥоро олорорум. Билигин санаатахпына, айар эйгэ умсулҕана диэни аан бастаан ити кэмнэргэ туппут буолуохтаахпын. Быластылыынтан ону-маны оҥорорбуттан астына-астына оонньуурум. Ол эрэн маннык оҥоһук оҥорор идэ (үлэ) баар буоларын даҕаны билбэт этим. Уопсайынан, худуоһунньук диэн идэ баарын туһунан өйдөбүл даҕаны суоҕа. Хата, милиисийэ буолуохпун баҕарарым.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан мастан бастакы үлэм – булчут, оттон муостан бастакы үлэм – чубуку.

Дьэ маннык, олох үөрэтэрин ылынан, үөрүйэхтэригэр үөрэнэн, киһи тылын истэн, үчүгэйи үтүктэн үтүөнү саныыра-ыралыыра барыта үтүө өттүнэн бэйэҕэр төннөр эбит.

Онон оҕо сааска тугунан умсугуйарыҥ бу инники идэҕиниин ситимнээх буолар эбит дии саныыбын. Оҕо кыра сааһыттан дууһатынан ылынар дьарыга инники идэтигэр сыһыаннаах эбит диэн чопчулуохха сөп. Оҕолорум улахаттар, үлэһит, устудьуон дьон. Онон үс саастаах кыра кыыспар маны өйдөөн көрө сатыыбын.

– Быыстапка айар киһиэхэ суолтатын тириэрдиэх эрэ.

– Муосчут быһыытынан үлэлэрим элбэх быыстапкаҕа турбуттара. Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, устудьуоннуу сылдьаммын "Юные дарования России" улахан быыстапкаҕа кыттаммын диплом ылбытым. Ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр Тюменьҥа буолбукка эмиэ дипломнаахпын. Кэнники муосчут быһыытынан  кыттыым үгүс. Биһиги курдук айар үлэһиттэр – бэйэбит оҥорон таһаарааччылар – үлэбитин көрдөрөрбүт, норуокка таһаарарбыт быыстапка эрэ буолар. Кэнники сыллартан этэр буоллахпына, 2023 сыллаахха Москубаҕа "Сокровище Севера" быыстапкаҕа үһүс миэстэни ылбытым.

– Мас уонна муос матырыйааллар оҥоһук буолан тахсалларыгар туох уратылаахтарый?

– Мас диэн дэлэй буоллаҕа. Хайдах баҕарар улаханы да, кыраны да оҥоруохха сөп. Кинини силимнээн даҕаны, быһан-отон даҕаны баҕарар кээмэйгин ылыаҥ, баҕарар оҥоһуккун ситиһиэҥ.

Оттон муос матырыйаал быһыытынан сэдэх. Көстөр түгэннээх да буоллаҕына, бас быстар сыаната. Ону биирдиилээн маастар ылар кыаҕа даҕаны тиийбэт. Иккиһинэн, кинини силимниир кыаҕыҥ суох. Ол эбэтэр баҕарарыҥ курдук баараҕай оҥоһук тахсыбат.

– Муосчуттарга бүгүҥҥү күҥҥэ кыһалҕалаах боппуруос тугуй, Николай?

– Үөһэ эппитим курдук муос матырыйаал быһыытынан сыаналааҕа муостан оҥорор искусство мөлтөөтөр мөлтөөн иһэригэр тиэрдэр кутталлаах диэтэххэ омнуо буолбатах. Эдэр дьоммут матырыйаалтан сылтаан идэлэринэн үлэлээбэккэ, атын хайысханы тутуһаллар. Бу биһиги муосчуттарга тирээн кэлбит кыһалҕабытынан буолар.

Биһиги көлүөнэ муосчуттар өссө уопуттаах маастардардыын алтыһан, кинилэртэн үөрэнэн тахсыбыт дьоммут. Эдэрдэрбитигэр матырыйаалтан сылтаан оннук кыаҕы биэрэр кыахпыт аччаатар аччаан иһэрэ хомолтолоох.

"Сардаана", "Драгоценности Якутии" диэн тэрилтэлэрбитигэр урукку курдук муоска үлэлиир сыахтар суохтар. Онон маастардар соҕотохтуу үлэлиир буоланнар, эдэрдэр көрөн үөрэнэр кыахтара эмиэ суох. Матырыйаал дэлэйэ буоллар, эдэрдэрбит даҕаны ылсыах этилэр буоллаҕа дии. Ону баара хотуттан Кытай дьоно быһалыы атыылаһаллара иһиллэр.

Тус бэйэбит төрүттэрбит үйэлэр улаҕаларыттан өрө тутан кэлбит дьарыктарын кэлэр көлүөнэҕэ бэлэхтиир, үөрэтэр иэспитин  умнубакка үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Ол иннигэр муосчуттарга анаан улахан түмэр мастарыскыай баара буоллар, кырдьаҕас көлүөнэ, орто, эдэр саастаах муосчуттар мустаммыт бэйэ бэйэбитин көрөн, алтыһан, маастар-кылаастары тэрийсэн, бу эйгэ сайдыытыгар улахан оруоллаах уонна суолталаах буолуох этэ дии саныыбын.

Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...