Муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ иэс суотугар тутуллубат
2022 сыл олунньу 1 күнүттэн иэстээх гражданнартан суут уонна туһааннаах уорганнар аакталарынан ууруллубут иэс суотугар муҥутаан тиийинэн олоруу кээмэйэ суумалаах харчы тутуллубат. Гражданин маннык быраабынан туһанар туһугар тэриллибит дьыалаҕа сыһыаннаах суут бириистэптэрин салаатыгар сайабылыанньа киллэриэхтээх.
Сайабылыанньаҕа ыйыллар:
- Араспаанньата, аата, аҕатын аата;
- Гражданствота;
- Туоһулуур докумуоннарын реквизиттэрэ;
- Олорор сирэ;
- Төлөпүөн нүөмэрэ;
- Толоруулаах докумуон күнэ-дьыла, нүөмэрэ.
Өскөтүн регион муҥутаан тиийинэн олорууга быспыт суумата Арассыыйаҕа олохтоммут сууматтан үрдүк буоллаҕына, гражданин ханнык социальнай-демографическай араҥаҕа сөп түбэһэрин чуолкайдыахтаах (үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ, биэнсийэлээх, оҕо). Бу түгэҥҥэ кини ый аайы муҥутаан тиийинэн олорорго быһыллыбыт суумалаах харчыта тыытыллыбат.
Сайабылыанньаҕа чопчу ханнык бааҥҥа баар счетун харчыта тыытыллыа суохтааҕа ыйыллыахтаах. Баан аадырыһа, аата, счет реквизиттэрэ барыта. Тиийинэн олоруу муҥутуур алын кээмэйин биир эрэ бааҥҥа хаалларыахха сөп.
Суут бириистэбэ сайабылыанньаҕа ыйыллыбыт информацияҕа олоҕуран, туһааннаах уураах таһааран, ону толорор бааҥҥа ыытар.
Иэстээх киһи инбэлиит эбэтэр атын иитимньилээх түгэнигэр, гражданин муҥутаан тиийинэн олорууттан ураты сокуонунан олохтоммут үбү-харчыны хаалларар туһунан сайабылыанньаны түһэрэр бырааптаах.
УФССП Саха сиринээҕи пресс-сулууспата
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр муҥутаан тиийинэн
олоруу кээмэйэ:
I-кы эргимтэ– 22 356 солк.
Үлэлиир дьоҥҥо – 24 369 солк.;
Биэнсийэлээхтэргэ – 19 227 солк.;
Оҕолорго – 23 229 солк.
(Манна Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай оройуоннара, Айхал, Удачнай, Мииринэй киирсэллэр).
II-c эргимтэ – 18 726 солк.
Үлэлиир дьоҥҥо – 20 411 солк.;
Биэнсийэлээхтэргэ – 16 104 солк.;
Оҕолорго – 19 457 солк.
(Манна Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай бааллар).