Муҥутаан тиийинэн олорор харчыны иэстэн харыстааһын
2022 сыл олунньу 1 күнүттэн иэстээх гражданнартан муҥутаан тиийинэн олорор харчыларын туура тутар кыаллыбат. Иэс суотугар бүтэһик харчыттан ытыс соттубат туһугар тугу гыныахха нааданый?
1. Эһиги дьыалаҕытынан дьарыктанар суут бириистэбин быһаарыахха наада. Ону Госуслуги порталтан булуохха сөп.
2. Ыйдааҕы төлөбүрдэр киирэр каарталарын талыҥ, холобура, хамнас, бириэмийэ эбэтэр биэнсийэ. Ол каарта реквизиттэрин билиҥ.
3. Эһиги дьыалаҕытынан дьарыктанар суут бириистэптэрин салаатын билсиҥ.
4. Онно талан ылбыт счеккут реквизиттэрин ыйан, дьиэ кэргэн балаһыанньатын бигэргэтэр информацияны сыһыаран туран, тиийинэн олоруу алын кээмэйин устубаттарыгар сайабылыанньата суруйуҥ.
5. Ый аайы дохуот киирэрин уонна хантан кэлэн түһэрин туоһулуур докумуоннары сыһыарыҥ.
6. Иитимньилэр баар буоллахтарына, суукка тыытыллыбат суума кээмэйин үрдэтэр туһунан сайабылыанньата биэриҥ.
Бу кэннэ бириистэп тугу гынар?
Иэстээх киһиттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ суумалаах дохуотун устубат туһунан уураах таһааран, бааҥҥа ыытар.
Баан тугу гынар?
Муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйин учуоттаан, иэс төлөнөрүгэр төһө сууманы төлүөххүн сөбүн ааҕар.
Баан счекка хаалбыт харчыны ый бүтүөр диэри тыыппат. Гражданин кыайан туһаммакка хааллаҕына, харчы кэлэр ый 1-кы чыыһылатыгар иэс суотугар уһуллар.