Москваҕа уонна Санкт-Петербурга быһа көтөр буолабыт
Платон Ойуунускай аатынан Дьокуускай аэропордугар көтөр балаһаны уларытан оҥоруу түмүктэммитинэн уонна үлэлэтэргэ көҥүл ылыллыбытынан сибээстээн, аэропортка элбэх ахсааннаах пассажирдаах кэтит «фюзеляжтаах» салгын суудуналара төгүрүк сылынан уонна суукканан кэлэн түһэр кыахтаннылар диэн СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Сарсыҥҥыттан, алтынньы 10 күнүттэн, Москваҕа уонна Санкт-Петербурга быһа көтүү сөргүтүллэр, сырыыны «Якутия», S7 уонна АЛРОСА хампаанньалар толороллор.
Алтынньы 30 күнүттэн Дьокуускай-Москва-Дьокуускай маршрутунан «Аэрофлот» хампаанньа үлэлиэҕэ.
Санатар буоллахха, Дьокуускай аэропордун балаһатын уларытан оҥоруу 2018 сыллаахха саҕаланан, хас да түһүмэҕинэн, «Тырааныспар инфраструктуратын саҥардыы» национальнай уонна «Регионнааҕы аэропортары сайыннарыы» федеральнай бырайыактарынан үлэ ыытылынна.