28.04.2023 | 14:00

Монголлар сайдыыларын кистэлэҥэ туохханый?

Монголия судаарыстыбатын Дьокуускай куоракка хойукка диэри «Найрамдал» диэн ааттаах бородуукта маҕаһыына санатар этэ. «Доҕордоһуу” диэн тылбаастанар монгол “найрамдал” диэн тылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын биир бөдөҥ маҕаһыынын ааттаабыттара билигин даҕаны мээнэҕэ буолбатах эбит.
Монголлар сайдыыларын кистэлэҥэ туохханый?
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ мин Хатастааҕы Оҕо искусствотын дьиэтин «Оҕо саас» үҥкүү кэлэктиибин кытта Монголия Улан-Батор уонна Багануур куораттарыгар ыалдьыттаан кэллим. Урутаан эттэххэ, тус бэйэбэр элбэх саҥаны, сонуну, туһалааҕы билэн кэллим уонна биир дойдулаахтарбын бу, чахчы да, күн бүгүҥҥэ диэри доҕордуу судаарыстыбабытыгар, кыах баар буоллаҕына, булгуччу ыалдьыттаан кэлиҥ диэн ыҥырыам этэ.

Бастатан туран, этэргэ дылы, бэйэбит курдук сирэйдээх-хархтаах, биир төрүттээх уруулуу омуктарбыт буоллаҕа. Онон уулуссаҕа, маҕаһыыннарга атыҥырыы көрбөт буолан, дьиэҕэр тэҥэ холкутук сылдьаҕын. Аны туран, саастаах өттө куһаҕана суох нууччалыы кэпсэтэр эбит. Эбиитин – сорох монгол тыллара саха тылын санаталлар, майгынныыллар. Онон, сахатын тылын билэр киһи ыйдаҥардар кыахтаах.

Монголлар, бэйэбит курдук, астара барыта эт уонна үүт. Биһиги Бурятия Улан-Удэ куоратыттан кыраныыссаны оптуобуһунан туораатыбыт. Ол былаһын тухары, били, саха олоҥхотугар этиллэрин курдук, сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх, хонуу муҥунан хороҕор муостаах мэччийэр. Дьээбэ быһыытынан эттэххэ, онно барааннарын, верблюдтарын, козаларын эбэн кэбиһэҕин – Дьокуускайга кэлэн атыыланар чэпчэки сыаналаах Бурятия сүөһүтүн этэ сырыттаҕа ол. Чахчы сүөһүлэрэ-астара бэйэлэригэр дэлэй, айахтарын ииттинэр буолан, таска атыылыыр эбиттэр диэн көрө итэҕэйэҕин.

Аныгы монголлар сүөһүлэрин массыынанан бостууктууллар

Монголлар таҥнар таҥастара эмиэ бүтүннүү кэриэтэ бу сүөһүлэриттэн ылыллар бородууксуйа. Як, верблюд, коза ньуолах түүтүн, тириитин өрөн, имитэн таҥнар таҥастарын арааһын ааҕан сиппэккин; омуннааһына суох, атахтарыттан бастарыгар тиийэ туруору таҥнан олороллор – наскыттан саҕалаан, халыҥ соҥҥо, суорҕаҥҥа тиийэ. Ону сэргэ дьахтар симэҕин, эмп, маас, косметика, битэмиин арааһа – эмиэ сүрүннээн сүөһүлэриттэн ылыллар бороодууксуйа.

Шлакоблок диэн тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарар быыкаа собуот оҕолорун тутан, ыал барыта тэлгэһэтин көрүөтүгэр тиийэ шлакоблогунан оҥостубута сөхтөрдө. Биһиэхэ даҕаны кумах баар эбээт...

Баҕар ол да иһин буолуо, конкуренция кытаанаҕыттан, бэйэлэрин бэйэлэрэ толору хааччынан олороллоруттан, Европа судаарыстыбаларын маҕаһыыннара баар эрээри, сыаналара удамыр, оттон бырдах ыамын курдук аан дойдуну барытын ыстылар диир кытайдарбыт... суохтарын кэриэтэ.

Монголлар бэйэлэрэ кэпсииллэринэн, сыана коронавирус пандемиятын кэнниттэн икки бүк үрдээбит. Ол да буоллар, биһиги көрүүбүтүгэр, порциялара улаханынан, сыаналара чэпчэкитинэн, эттэрэ-астара элбэҕинэн, чахчы да, саха ааттаах аччыктаабат дойдута.

Биһиги, сахалар, бүгүҥҥү биир кыһалҕабыт – тылбытын сүтэрэр куттал. Монголияҕа ийэ тылын билбэт монгол суох. Кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-эмэнниин, куораттыын-тыалыын бука бары төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр. Оуене диэн 32 сыл ыстаастаах нуучча тылын учуутала кэпсээбитинэн, Сэбиэскэй сойуус саҕана Монголия бары оскуолаларыгар нэдиэлэҕэ биэс чаас нуучча тылын уруога бэриллэр буолан, саастаах өттө нууччалыы балайда билэр эбит. Кэлин нуучча тылын чаастарын английскай тыл былдьаан, нэдиэлэҕэ икки эрэ чааһа хаалбыт. Онон аныгы Монголияҕа төрөөбүт тылын кытта английскай тылы үчүгэйдик билэр көлүөнэ айар-тутар эбит. Ол да буоллар нуучча тылын иккис омук тылын быһыытынан илдьэ сылдьаллара хайҕаллаах.

Төрөөбүт тылга ытыктабыллаах сыһыаны, биллэн турар, төрүт култуура күөртүүр. Күннээҕи остуолгар өбүгэҥ аһа-үөлэ турар, санныгар өбүгэҥ таҥаһын уурунар, ийэҥ-аҕаҥ, урууларыҥ-аймахтарыҥ ынаҕы, сылгыны үөрдээн иитэр буоллахтарына, тылгын сүтэрэриҥ күчүмэҕэй.

Юртаҕа тимир оһоххо бэлимиэннээх чэй оргуйа турар

Патриоттуу өй-санаа, дойдумсах буолуу итинтэн саҕаланара чуолкай. Буолан ааспыт бэстибээл кыттыылаахтара үс сүүстэн тахса 6-тан 17-гэр диэри саастаах оҕолор бүтүннүү Монголия аймактарын (биһигинэн улуустарын диэбит курдук – Г.С.) оҕолоро. Тус бэйэм манна биир сөхпүтүм – кыттааччылар бэйэлэрин нүөмэрдэрин толорон бүттүлэр даҕаны, саалаҕа киирэллэр уонна, оҕолор оҕолор курдук, ыһыытаан-хаһыытаан, ытыс хабыллыар диэри таһынан, атын кыттааччыларга ыалдьаллар. Ити патриоттуу быһыы, дойдумсах буолуу биир чаҕылхай көстүүтэ. Биһиги оҕолорбут курдук төлөпүөҥҥэ хатаммыт, төлөпүөннэрин «ахтан» харахтарын уота уостубут биир даҕаны оҕону көрбөтүбүт. Бу – бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаах сыһыан, иитии, култуура, диссипилиинэ. Сайдыы, биллэн турар, итинтэн саҕаланар.

Ыалдьартан – илии, таптыыртан харах арахпат диэн саха өһүн хоһоонунуу, Улан Баторга сылдьан, Дьокуускай куорат олохтооҕо буоларым быһыытынан, анаан-минээн куоракка тупсаҕайдык дьаһанан олоруу холобурдарын көрө сатаатым. 3 мөлүйүөн кэриҥэ нэһилиэнньэлээх бөдөҥ мегаполис ырааһа, истиэп дойду эрээри олордуу маһа элбэҕэ ымсыырдыбат буолуон сатаммат. Биллэн турар, биһиги биир кыһалҕабыт – уулусса туалета эмиэ бэркэ быһаарыллыбыт. Бэл, куорат киин болуоссатыгар – Сухэ Батор аатынан болуоссакка кичэллээхтик киэргэтэн олордуллубут талахтар быыстарыгар юрта быһыылаах уулусса туалета турар. Сухэ Батор болуоссата биһиэхэ Ленин, Орджониккидзе болуоссаттарын курдук куорат бөдөҥ маассабай тэрээһиннэрэ ыытыллар миэстэтэ. Кыһалыннахха, таптахха, киин болуоссакка даҕаны туалеты хайа баҕар харахха быраҕыллыбат гына оҥоруохха сөп эбит.

Ити курдук, уруулуу монгол норуотун сайдыытын кистэлэҥэ – ийэ тыл, төрүт култуура уонна өбүгэ дьарыга диэн этиэххэ сөп эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...