«Мои Документы» киин үлэтэ уларыйда
Ыам ыйын 15 күнүттэн “Мои Документы” киин Дьокуускайга баар офистарын үлэлэригэр уларыйыылар киирдилэр. Бу туһунан киин куорат олохтоохторугар иһитиннэрэр.
Аммосов уул., 18, Лермонтов уул., 123, Ярославскай уул., 37 турар офистар:
Бэнидиэнньик, оптуорунньук, сэрэдэ, чэппиэр, бээтинсэ – сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 диэри эбиэккэ тохтобула суох үлэлииллэр. Субуота, баскыһыанньа – өрөбүл күннэрэ.
Винокуров уул., 21, 203-с микрооройуон, 10 куорпус, Жорницкай уул., 30/1, Автодорожнай уул., 44 аадырыстарга баар офистар:
Оптуорунньук, сэрэдэ, чэппиэр, бээтинсэ, субуота – сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 диэри эбиэккэ тохтобула суох үлэлииллэр. Баскыһыанньаҕа, бэнидиэнньиккэ өрүүллэр.
Мординов уул., 21/1, “Созвездие” библиотекаҕа нэһилиэнньэттэн быстах кэмҥэ докумуоннары туталлар:
Оптуорунньук, чэппиэр, субуота – сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 диэри. 13-14 ч. – эбиэт. Бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ, бээтинсэҕэ, баскыһыанньаҕа өрүүллэр.
Төлөпүөнүнэн нэһилиэнньэни кытта үлэлиир киин нэдиэлэ алта күнүгэр сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 диэри эбиэккэ тохтобула суох үлэлиир. Баскыһыанньаҕа өрүүр.
Нэһилиэнньэттэн сайабылыанньалары ылыы уонна төлөбүрдээх юридическай өҥө эрдэттэн сурутуунан оҥоһуллар. mfcsakha.ru сайтка “Предварительная запись” диэни булаҕыт.