Моҥкуруут туһунан өссө биирдэ
Физическэй сирэй моҥкуруукка барарын туһунан сокуон 2015 сыллаахтан олоххо киирбитэ.
Иэстэрин кыайан төлөөбөт биирдиилээн дьону, предпринимателлэри моҥкуруукка ыытыы туһунан сокуон кинилэри иэстэриттэн төлөрүтэр, ол аата олоҕу чэпчэтэр кыахтаах. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, ким баҕарар (биирдиилээн киһи эбэтэр предприниматель) моҥкуруут буолбутун туһунан суут нөҥүө билиниллиэн сөп.
Бастаан төһө иэстээххитин суоттанаҕыт. Моҥкуруукка барыы процедурата саҕаланарыгар суукка тиийэр бырааптаахтар:
Моҥкуруут барбытын туһунан биллэрэргэ быһаарыммыт киһи бэйэтэ.
Нолуогабай уорганнар (отчуоттуур болдьохторун түмүгүнэн).
Кирэдьиити биэрээччилэр.
Бу хаһыс да сылын үлэлиир сокуон дьоҥҥо туох барыстааҕый:
- Бастатан туран, гражданин иэһэ сотуллар.
- Иккиһинэн, иэһин кыччатан, атын графигынан төлүөн сөп буолар.
- Үсүһүнэн, киһи эбии иэскэ киирбэт, саҥа кирэдьиит ылбат.
Гражданин ылбыт кирэдьииттэрин сатаан төлүүр кыаҕа суох буоллаҕына, моҥкуруукка барарыгар:
Иэһин, кирэдьиитин сатаан төлөөбөтөҕө 90 сууккаттан тахсыбыт буолуохтаах;
Ону тэҥэ, гражданин сатаан төлөһүөм суоҕа диэн эрдэттэн сэрэхэдийэр эбит буоллаҕына, 90 суукканы кэтэспэккэ сайабылыанньа биэрэрэ, 500 тыһыынчаттан кыра иэстээҕэ сокуонунан көҥүллэнэр.
Бастаан арбитражнай суукка сайабылыанньа биэрэбит. Онно иэстээх киһи туһунан толору информация, иэстэрин уопсай суумата, кирэдьиит биэрээччилэрин ахсаана барыта ыйыллар.
Моҥкуруукка барбыт киһи 5 сыл устата кирэдьиит сатаан ылбат, 3 сыл устата ИП, ХЭТ арыммат, предприниматель буолбат, 5 сыл иһигэр өссө биирдэ моҥкуруукка барар кыаҕа суох.
Дьон саныырынан, моҥкуруукка барбыт киһи кыраныысса таһыгар тахсар кыаҕа сарбыллар. Оннук буолбатах, төттөрүтүн моҥкурууттааһын саҕаланна да, бу киһиттэн коллектордар, приставтар араҕаллар.
Ипотека иэһин мээнэ соппоттор. Сотторор да буоллахха, дьиэттэн матыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, ипотека ылалларыгар дьиэлэрин солуок уураллар.
Ханнык баҕарар кирэдьиити киһи бэйэтин кыаҕын билинэн ылыахтаах. Бэйэтин холугар сөп түбэспэт иэһи сүгэн баран, соҕотох быыһанар суоллара моҥкуруукка барыы буолбут дьон үгүстэр. Элбэх киһи бу быыһанар суолу ситэ билбэт, сокуоннай быраабын туһаммат.
Моҥкуруут буолартан куттанар наадата суох, бу туох да кыбыстыыта суох дьыала – судаарыстыба дьону быстар дьадайыыттан быыһыыр ньымата да диэххэ сөп.
Моҥкуруукка барбыт киһи соҕотох олорор дьиэтин ким да былдьаабат. Дьиэ иһинээҕи малын-салын, үлэтигэр туттар малын (холобур, суоппардаан айаҕын ииттэр киһи массыынатын) былдьаппат.
Моҥкуруутунан биллэриллибит киһи 3 сыл устата салайар үлэҕэ анаммат, кирэдьиит ыларыгар бастаан утаа эрэйдэри көрсүөн сөп.