08.03.2022 | 16:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Буолаары турар Аан дойдутааҕы дьахтар күнүн көрсө улахан уустуга суох, маҕаһыыннарга баар бородуукталартан минньигэс бүлүүдэлэри астыыргытыгар сүбэлиибит.

Эриллибит эттэн «Бугуллар»

Бу олус минньигэс уонна тотоойу бүлүүдэни астыырга биһиэхэ наада:

Эриллибит эт – 700 грамм;

Эриэппэ луук – 2 устуука;

Мас арыыта – 2-3 остолобуой ньуоска;

Сиикэй сымыыт – 1 устуука;

Буспут сымыыт – 3 устуука;

Хортуоппуй – 2-3 устуука;

Сүөгэй – 3 остолобуой ньуоска;

Сыыр – 150 грамм;

Туус, биэрэс (ким төһө сөбүлүүрүнэн).

 

Эриллибит эппитигэр тууспутун-тумабытын, 1 сиикэй сымыыппытын эбэбит. Эриэппэ луугу кыра гына кырбыыбыт, хобордооххо мас арыыбытын кутан сылытабыт уонна луукпутун саһарчы ыһаарылыыбыт.

Буспут сымыыттары бөдөҥ теркаҕа аалабыт эбэтэр кырбастыыбыт. Онтон сүөгэйбитин кутан булкуйабыт.

Сыырбытын эмиэ бөдөҥ теркаҕа аалабыт, хортуоппуйу орто теркаҕа аалабыт, ыгыллыбыт уутун сүөкүүбүт, сэрэнэн ыга түһэбит.

Духуопкабыт пуорматын мас арыытынан ньылҕаарыччы сотобут. Эриллибит эппитин төкүнүтэн мээчик оҥортуубут, пуормаҕа угаттаан баран, кэтилиэт курдук кыратык хаптатан биэрэбит. Онтон кэтилиэттэрбит үрдүгэр ыһаарылламмыт луукпутун, үрдүгэр хортуоппуйбутун уурабыт, туустуубут, биэрэстиибит. Үрдүн бэлэмнээбит сүөгэйдээх сиикэй сымыыппытынан биһэбит, онтон теркаламмыт сыырбытын уурабыт.

Пуормабытын фольганан бүрүйэбит уонна 180 кыраадыска диэри итийбит духуопкаҕа угабыт. Ити кэнниттэн 40-45 мүнүүтэ буолан баран пуормабытын хостуубут, фольгатын устабыт уонна өссө 5-7 мүнүүтэҕэ духуопкаҕа төттөрү угабыт.

Балыктаах бөрүөк

Балыктаах бөрүөгү астыырбытыгар биһиэхэ маннык састаап наада:

Слоенай тиэстэ – 500 грамм;

Треска эбэтэр лосось (ким ханныгы сөбүлүүрүнэн) – 200 грамм;

Моркуоп – 100 грамм;

Эриэппэ луук – 60 грамм;

Буспут рис – 60 грамм;

Сиикэй сымыыт – 1 устуука;

Үүт – 10 мл;

Мас арыыта – 20 мл;

Минньигэс биэрэс – 1 грамм;

Кунжут – 5 грамм;

Хаҕыламмыт томат - 80 грамм.

1. Балыкпытын ыраастаан, сууйан баран, кыра гына кырбастыыбыт, мас арыылаах итии хобордооххо уган, эрдэттэн бэлэмнэммит моркуобу уонна луугу кытта ыһаарылыыбыт. Туустуубут, тумалыыбыт, үчүгэйдик булкуйабыт. Онтон буспут риспитин эбэбит, булкуйабыт уонна салгыы аҕыйах мүнүүтэ ыһаарылыы түһэбит, итиннэ хаҕа суох, кырбастаммыт томаппытын кутабыт, өссө 5-6 мүнүүтэ буһара түһэбит.

2. Ыһаарыламмыт бөрүөкпүт иһин сойутабыт. Ол кэмҥэ тиэстэбитин бэлэмниибит. Бэлэм слоенай тиэстэни 4 мм халыҥнаах буолуор диэри тэнитэбит, илиигэ сыстар буоллаҕына, кыратык бурдук табыгынатабыт. Тиэстэбитин икки гына аҥаардыыбыт. Онтон бөрүөкпүт буһуохтаах пуорматыгар тиэстэбитин тэлгэтэбит, испит сойбут буоллаҕына, тиэстэ үрдүгэр кутабыт, иккис тиэстэбитинэн бүрүйэбит, кытыыларын үчүгэйдик быһыта тутан холботолуубут, буһарыгар паара тахсарын курдук онон-манан тэһитэ анньабыт, үрдүнэн кыратык тиэстэ ордорон киэргэтиэххэ сөп.

3. Биир сиикэй сымыыты 10 мл үүтү кытта үчүгэйдик булкуйабыт уонна бөрүөкпүт таһын сотобут. Бөрүөк үрдүгэр кунжут табыгынатыахха сөп. Бөрүөкпүтүн 175 кыраадыска диэри ититиллибит духуопкаҕа уган 20-25 мүнүүтэ буһарабыт.

Пуормата суох баахыла

Минньигэс трубочка-баахыланы оҥостуон баҕарар, ол эрээри пуормата суох дьоҥҥо бу олус үчүгэй сүбэ. Бу састааптан 12 устуука баахыла тахсар.

Састааба:

Сымыыт – 3 устуука;

Саахар – 150 грамм;

Үүт – 100 мл;

Ынах арыыта – 100 грамм;

Бурдук  200 – грамм;

Буспут сгущенка – 1 бааҥка.

Сымыыты кытта саахары ытыйабыт, кыратык туустуубут, үүппүтүн, ууллубут сылаас эбэтэр сойбут арыыбытын кутабыт, бурдукпутун эбэбит уонна үчүгэйдик булкуйабыт.

Хобордоохпутун кыра уокка сылыта уурабыт, 1-2 остолобуой ньуоска тиэстэни кутаммыт, тарҕатан чараастык биһэбит. Биирдии өттүттэн эргитэ сылдьан 2-3 мүнүүтэ саһарчы буһарабыт. Итиилии трубочка гынан суулуу охсобут. Сойбутун кэннэ трубочка иһигэр сөбүлүүр креммитин эбэтэр буспут сгущенканы кутуохха сөп. Көннөрү да сииргэ олус минньигэс.

Суши-торт

Састааба:

Кыһыл балык (семга);

Буспут рис – 150 грамм;

Нори лиис – 1 устуука;

Оҕурсу – 1 устуука;

Творожнай сыыр;

Саахар, туус;

Рис уксууһа – 1 остолобуой ньуоска.

Киэргэтиигэ наада:

«Терияки» соус – 2 остолобуой ньуоска; 

Креветка;

Ханнык баҕарар искэх (икра).

Риспитин сууйан баран сымныырын курдук ууга сытыара түһэбит, онтон буһарабыт. Бустаҕына рисовай уксууһу кутан булкуйабыт.

Нори лииспитин бэлэмнээн, синньигэс гына кыптыыйынан кырыйабыт. Торт оҥоруохтаах пуормабытын салапаанынан бүрүйэбит. Онтон састааппытын араҥанан уурабыт: балык – сыыр – оҕурсу – сыыр – нори лиис (кырыллыбыт), рииспитин кутабыт. Итиэннэ пуормабыт үрдүгэр улахан тэриэлкэни (пуорманы лаппа сабары) уурабыт, онтон таҥнары тутаммыт сэрэнэн тэриэлкэҕэ сүөкүүбүт. Бастакы балыктаах араҥабыт үөһэ буолла. Үрдүн ким хайдах баҕарарынан киэргэтэбит.

Кальмардаах кытай салаата

Бу илиҥҥи салааты астыырга биһиэхэ наада:

Кальмар;

Крабовай палочка;

Сибиэһэй оҕурсу;

Моркуоп;

Чочунаах;

Луук;

Туус;

Кыһыл бороһуок биэрэс;

Сүөгэй;

Соевай соус.

Бастаан оргуйа турар ууну туустуубут, кальмарбытын угабыт уонна 2 мүнүүтэ оргута түһэбит. Өр сытыарбаппыт, тута хостуубут уонна тымныы ууга угабыт. Сойбутун кэннэ кырбастыыбыт. Моркуоппутун уһун синньигэс гына теркалыыбыт. Крабовай палочкалары, сибиэһэй оҕурсуну соломолуу быһаттыыбыт. Барытын иһиккэ кутабыт, туустуубут, биэрэстиибит, соевай соус кутабыт уонна сүөгэй эбэн булкуйабыт. Салаат састаабын төһө гынарын хас биирдии киһи бэйэтэ сөбүлүүрүнэн, быһа холоон оҥорор.

Эттээх сылаас салаат

Бу олус тотоойу, минньигэс салааты астыырга биһиэхэ наада:

Ханнык баҕарар эт (ынах, убаһа, сибиинньэ этэ);

Болгарскай биэрэс үс арааһа (кыһыл, араҕас, күөх);

Сибиэһэй оҕурсу;

Луук;

Чочунаах биир өлүүтэ (долька);

Оливки арыыта (атын мас арыыта да буолуон сөп).

Эти, оҕурсуну, болгарскай биэрэстэри соломолуу быһаттыыбыт. Моркуоппутун уһун синньигэс гына теркалыыбыт. Луугу кырбыыбыт. Бу салаат саамай сүрүн уратыта – састааппытын барытын тус-туспа ыһаарылыыбыт. Оливковай, биитэр атын мас арыытын хобордооххо кутабыт, ититэбит уонна биирдии көрүҥүнэн ыһаарылыыбыт. Барытын бииргэ кутан буһардахха, салаат амтана уларыйар. Онон буһаран баран биирдэ холбуубут уонна булкуйабыт. Оччоҕо олус минньигэс салаат тахсар.

Бу салааты сылаастыы эрэ буолбакка, сойбутун да кэннэ сиэтэххэ, амтана уларыйбат.

Минньигэстик аһааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...