07.02.2022 | 16:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаппыыста торда

Хаппыыстаны арааран баран ууга буһаран ылабыт уонна тиэстэҕэ оймоон ылан икки өттүн ыһаарылыыбыт, араҥа аайы майонеһынан биһэбит.

Тиэстэтигэр: биир куринай магги, биир сымыыт, уу. Блины тиэстэтин курдук буолуохтаах уонна буһарыыта эмиэ оннук, хобордооххун арыынан биһэ-биһэ ыһаарылыыгын, кыратык саһарда да, бэлэм буолар.

 

Убаһа рулета

1. Эти ортотуттан сэрэнэн кырбаан саҕалыыбыт;

2. Түгэҕэр диэри бүтүннүү быһыллыбат;

3. Тэнитэргэ табыгастаах гына төгүрүччү быһабыт;

4. Эт өтүйэтинэн бүтүннүү сынньабыт;

5. Форма биэрэбит;

6. Хаһа кырбаан бэлэмниибит;

7. Чесногу бытархайдык кырбыыбыт;

8. Рулет оҥорорго бэлэмниибит;

9. Фольга тэнитэбит;

10. Фольга үрдүгэр сынньыллыбыт эти ууран баран үрдүгэр хаһа кутабыт;

11. Төгүрүччү чесноктуубут, туустуубут;

12. Эти биир өттүттэн саҕалаан рулет курдук эрийэн

барабыт, онтон фольгаҕа суулаан эрийэбит;

13. Итии духовкаҕа 15-20 мүнүүтэ буһарабыт. Итиилии бэриллэр эбэтэр сойбутун кэннэ сокууска быһыытынан ууруохха сөп.

Ынах оһоҕоһуттан халбаһы

Ынах чараас оһоҕоһун ылаҕын, сууйааҕын, үрэн бэрэбиэркэлиигин. 

Фарш бэлэмниигин: ынах иһин сууйан-сотон өр буһараҕын. Мясорубкаҕа эрийтэрэҕин. Туустуугун, хара биэрэстиигин, сиикэй сымыыт кутаҕын. Дэлби булкуйаҕын.

Ким бэйэтэ сөбүлүүрүнэн тумалыыр, приправа эбэр.

Оһоҕоһун биир өттүн баайаҕын уонна бэлэмнээбит эриллибит искин ньуосканан кутаҕын. Толору ыгыччы кутуохтааххын. Салгына суох буолуохтаах. Сарделька курдук тута-тута, баайан иһэҕин. Бүттэ.

Туматыгар ыһаарыламмыт лууктаах моркуобу, чесногу эбиэххэ сөп.

Арыыга ыһаарылыы түһэн баран, оргуйа турар ууга кутан, чаас курдук кыра уокка буһараҕын.

Эриллибит ынах этин сибиинньэ сыалаан кутуохха эмиэ сөп.

 

Кыра соботтон кэтилиэт

Буспут собону улахан уҥуохтарын, хайыытын уҥуохтарын ылҕаан баран, мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, тума, биэрэс, чеснок эбиэххэ сөп.

Фаршы буспут риhи кытта булкуйуллар уонна кэтилиэт оҥоһуллар. Кыра арыылаах хобордооххо икки өттө саһарыар диэри буһараҕын. Буспут балык буолан өр буһарбаккын. Сиикэй собо кэтилиэтин курдук хараарбат, арыыны оборбот. Элбэҕи оҥордоххо, таһырдьа тоҥороҕун. Ыксал буоллаҕына, киллэрэн тута итии хобордооххо начаас буһара охсоҕун.

 

«Чайка» салаат

5 устуука сымыыт;

150 г сыыр;

300 г күөх горох;

Майонез;

1 устуука эриэппэ луук;

Туус, хара биэрэс.

Маринадка: 150 мл уу, 9 бырыһыаннаах уксус, 2 ост. нь. саахар.

Лууккутун эрдэттэн маринадка сытыаран аһыытын таһаарыҥ. Сыыр теркаланар, атыттар кубиктыы кырбаналлар.

Холбоон баран майонезтаан кэбиһэҕит. Бу күннээҕигэ сииргэ бэрт түргэн, оҥоһуллуута судургу минньигэс салаат.

Ис халбаһы

Ынах, убаһа да ыраас иһиттэн оҥоһуллар.

Быары, бүөрү, сүрэҕи эриттэрэн баран, ыһаарыламмыт луук эбиллэр, туус, биэрэс бэйэ сөбүлүүрүнэн кутуллар. Барытын үчүгэйдик булкуйан баран, сууйуллубут ыраас оһоҕоско кута-кута, аҕыйах миэстэ хаалларан баран баайан иһэҕин.

Буһара туран салгынын таһааран тэһэ кэйэҕин, ол кэннэ мас арыытыгар булкуйан духуопкаҕа лиискэ ууран ситэри саһарчы буһараҕын.

Маны барытын буһаран баран тоҥорор үчүгэй, киллэрэн сылытан сииргэ үчүгэй.

Кэриэйдии моркуоптаах салаат

200 г моркуоп (морковь по-корейски маҕаһыыҥҥа атыыланар);

1 бааҥка кукуруза;

4 устуука сымыыт;

200 г крабовай палочка;

Чеснок бэйэ сөбүлүүрүнэн;

Майонез эбэтэр сүөгэй;

Туус, күөх тума.

 

Сымыыты буһараҕыт, чесногу илдьиритэҕит, дириҥ миискэҕэ барытын кубиктыы кырбыыгыт, моркуоп бэйэтинэн барар уонна майонезтаан эбэтэр сүөгэйдээн остуолга уураҕыт. Күөх үүнээйинэн киэргэтэҕит.

«Морской бриз» салаат

Мин кэнникинэн сыраны-сылбаны ылбат, буһарыллыбат, аҕыйах бородууктанан оҥоһуллар түргэн, судургу салааттары астыыр буоллум. Онтуларым үгүстэрэ крабовай палочкалаахтар. Онон крабовайы хаһы даҕаны маҕаһыынтан ылан тоҥорон кэбиһэбин. Атына үксэ холодильниккар баар буолар.

2 устуука болгарскай биэрэс;

200 г крабовай палочка;

300 г ветчина (сыаналааҕа ордук);

100 г сыыр.

Барытын уһун синньигэс гына соломолу кырбаан баран майонезтаан кэбиһэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...