22.01.2022 | 11:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн ааҕааччыларбар астыырга судургу салааттар ырысыаптарын уонна 100 киһилээх үбүлүөй, сыбаайба менютун бэчээттиэхпит.

«Haтaaha» салаат

Куурусса 1 буутун (окорочка), биир дьаабылыканы (күөҕэ ордук), обургу соҕус эриэппэ луугу, 1 устуука болгарскай биэрэһи уһун синньигэс гына быһабыт. Майонезтыыбыт, сөбүн көрөн туустаан биэриэххэ сөп. Элбэҕи оҥорорго биэрэс араас өҥүн туттуохха сөп, оччоҕо көстүүтэ дьэрэкээн буолар.

 

«Нежность» салаат

Туох наадата:

5 сымыыт;

5 орто хортуоппуй;

5 моркуоп,

2 обургу сүбүөкүлэ;

Майонез

 

Барыларын тус-туһунан ууга буһарабыт. Буспутун кэннэ теркаҕа аалабыт. 1 орто луугу бытархай гына кырбыыбыт. Салаат иһитигэр бастаан хортуоппуйу, онтон луугу, сымыыт үрүҥүн, моркуобу, сүбүөкүлэни, сымыыт уоһаҕын биир-биир уурабыт. Дьапталҕалар икки ардыларын сүөгэйинэн эбэтэр майонеһынан биһэбит. Баар буоллаҕына, үрдүгэр күөх үүнээйини табыгынатабыт.

«Летиция» салаат

Туох наадата:

200 г хопчуонай эт;

150 г маринованнай шампиньон эбэтэр опята тэллэй;

2 сибиэһэй оҕурсу;

0,5 г горох;

2-3 тутум күөх луук;

Туус, биэрэс;

200 г майонез.

 

Кубиктыы кырбаан баран барытын холбоон майонезтыыбыт.

Треска быардаах салаат

Туох наадата:

1 бааҥка треска быарын кэнсиэрбэтэ;

2 хортуоппуй, 1 моркуоп;

3-4 сымыыт;

2 эриэппэ луук;

10-12 устуука виноград, туус, биэрэс, майонез.

Моркуобу, сымыыты уонна хортуоппуйу ууга буһарабыт. Маннык араҥанан уурабыт: теркаламмыт хортуоппуй + треска быара (биилкэнэн илдьиритэбит) + луук + моркуоп теркаланар + виноград + сымыыт үрүҥэ + сымыыт уоһаҕа.

Күөх үүнээйинэн киэргэтэн, хас биирдии араҥатын майонезтаан холодильникка 3 чаас туруорабыт.

Дьиҥнээх «Оливье» салаат

Бу салааты дьон арааһынайдаан оҥорор. Урут “Мясной” салаат диэн ааттыыллара, оттон билигин “Оливье” диир буолбуттар. Дьиҥнээх салааппытын француз повара Оливье бу курдук астыыр эбит: куурусса этэ, маринованнай оҕурсу (тууһаммыт буолуо суохтаах), минньигэс дьаабылыка (кыратык аһыытыҥы буолуон син). Оҕурсуну уонна дьабылыканы хахтыыбыт. Оливье салаакка манныгы хайаан да тутуһуҥ: 6 хортуоппуйга 3 моркуоп, 2 луук. 1-2 маринованнай оҕурсу, 1 дьаабылыка, 200 г буспут куурусса (көтөр) этэ, кэнсиэрбэлэммит биир ыстакаан күөх горох, 3 сымыыт, бааҥка аҥаара майонез, бэйэ сөбүлүүрүнэн туус уонна биэрэс. Маны барытын кубиктыы кырбаан баран холбоон майонезтаан кэбиһэбит.

 

Тэллэйтэн «саҕынньах»

Туох наадата:

100-150 г хаппыт тэллэй;

3 устуука мундирдыы буспут хортуоппуй;

1 устуука эриэппэ луук;

1 устуука тууһаммыт оҕурсу, 100 г майонез.

Тэллэйи 20-30 мүнүүтэ туустаах ууга буһарабыт уонна мясорубкалыыбыт эбэтэр блендердиэххэ сөп.  Луугу, оҕурсуну бытархай гына кырбыыбыт. Бастакы араҥаҕа хортуоппуй, онтон тэллэй, үрдүн сүөгэйинэн сыбыыбыт, иккис араҥаҕа луук, оҕурсу, хортуоппуй, эмиэ сүөгэйинэн сыбыыбыт, тэллэй, үрдүнэн майонезтыыбыт. Укробунан, сымыытынан киэргэтэбит.

Гранаттаах салаат

Туох наадата:

500 г куурусса куҥ этэ;

I бааҥка кэнсиэрбэлэммит ананас;

1 улахан гранат;

Бэйэ сөбүлүүрүнэн майонез.

 

Кууруссабыт этин туустаах ууга буһаран баран салаакка сөптөөх гына кырбыыбыт, гранаты ыраастыыбыт, үс гыммыт биирин киэргэтиигэ хаалларабыт, уоннааҕытын кууруссалаах ананаһы кытары булкуйабыт уонна майонезтыыбыт.

ЭДЬИИЙ КАТЯТТАН БЫРААҺЫННЬЫК МЕНЮТА

ЭТТЭЭХ БЭРЭСКИ

Фарш (ынах этэ) – 4 кг, рис – 1,3 кг, бурдук – 4 кг, доруоһа – 2 пакет, тиэстэҕэ анаан мас арыыта – 0,50 г, туус – 2 ост. ньуоска, бытархай саахар – 2 ост. ньуоска, бэрэски буһарарга мас арыыта – 3 бытыылка (750 г).

 

БЕЛЯШ

Фарш (ынах этэ) – 3 кг, сибиэһэй хаппыыста – 1,5 кг, эриэппэ луук – 0,7 г, бурдук – 4 кг, доруоһа – 2 пакет, бытархай саахар – 4 ост. нь., мас арыыта – 1 ыстакаан, сыбыырга анаан сымыыт – 2 устуука.

 

САХА ЛЭППИЭСКЭТЭ

Үүт – 2 кг (аһыйбыт да буолуон сөп), уу – 1 кг, суода – 0,10 г, үрүҥ бурдук – 2,5 кг, хара бурдук – 1,3 кг.

 

АЛААДЬЫ

Үүт – 300 г, сымыыт – 2 устуука, уу – 110 г, бурдук – 510 г, мас арыыта – 180 г, туус.

 

БААХЫЛА

Үүт – 300 г, уу – 100 г, бурдук – 425 г, сымыыт – 1 устуука, саахар – 50 г, мас арыыта, туус.

 

СОРКУОЙ

Эт (ханнык баҕарар) - 7 кг, хортуоппуй – 7 кг, луук, араас туус-тума.

 

ТЕФТЕЛЬ

Фарш – 4 кг, рис – 800 г, сымыыт – 4 уст., луук – 0,5 кг.

 

ДУХУОПКАҔА БУҺАРЫЛЛАР ОКОРОЧКА

Окорочка – 10 кг, (быһа холоон 18 атах), 3-4 гына аҥаардыыгын, туус-тума, окорочкаҕа аналлаах тумалык.

 

СҮӨГЭЙ САЛАМААТА

Сүөгэй – 3,5-4 кг, бурдук – 2,5 ыст., туус – 2 ост. ньуоска.

 

АРЫЫ САЛАМААТА

Ынах арыыта – 3-3,5 кг, бурдук – 2-2,5 ыст., уу – 3 кг.

 

ОЛИВЬЕ САЛААТ

Ынах этэ – 7 кг, хортуоппуй – 5 кг, горох – 6 бааҥка, кэнсиэрбэлэммит оҕурсу – 6 бааҥка, сымыыт – 90 устуука, эриэппэ луук – 500 г, майонез – 2 кг.

 

ПЕСТРАЙ САЛААТ

Убаһа этэ – 5 кг, помидор – 4-5 кг, сибиэһэй оҕурсу – 3 кг, эриэппэ луук – 500 г, сыыр – 500 г, майонез – 2 кг.

 

«СЕЛЕДКА ПОД ШУБОЙ»

Селедка – 14 устуука, хортуоппуй – 3 кг, сүбүөкүлэ – 2 кг, сымыыт – 60 устуука, эриэппэ луук – 1 кг.

 

ИНДИГИРКА

Чыыр, уомул – 13 устуука, эриэппэ луук – 1 кг, хара биэрэс, кыһыл искэх – 3 бааҥка, мас арыыта.

 

«ОБЖОРКА»

Ынах этэ – 3 кг, моркуоп – 5 кг, кэнсиэрбэлэммит оҕурсу – 3 бааҥка, эриэппэ луук – 1 кг, мас арыыта.

 

«НОВИЗНА»

Пекинскэй хаппыыста – 5 упаковка, горох – 5 бааҥка, сымыыт – 10 устуука, ветчина – 750 г, сыыр – 100 г, эриэппэ луук – 1 кг, помидор – 2 кг, сибиэһэй оҕурсу – 1,5 кг, майонез – 250 г, хартыыһа – 5 ч. ньуоска.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...