16.11.2021 | 17:00

Мин Кристина буолбатахпын

Мин Кристина буолбатахпын
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта «Саха» НКИХ ханаалыгар «Дьол тааһа» диэн сериал көстөн ааста. Дьон-сэргэ бу киинэҕэ ордук Кристина оруолун ырытта. Бу уустук уобараһы арыйбыт Ева Кузьменко – номнуо хас даҕаны киинэҕэ оонньообут артыыһын ааһан, бэйэтин Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээхпин диэн киэн тутта кэпсиир хоту дойду Кэрэ Куота. Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар театрдарын артыыһа Ева Кузьменко – «Киин куорат» бүгүҥҥү ыалдьыта.

Ева, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар.

— Туймаадабыт хочотун тапталлаах Дьокуускай куораппыт соҕотох сахалыы хаһыатын ааҕааччылара, дорооболоруҥ!

Мин киин куоракка төрөөбүтүм, улааппытым. Ол да буоллар ийэм дойдутугар Үөһээ Дьааҥыга элбэхтик сылдьар буоламмын, бэйэбин дьааҥыбын да диэн ылааччыбын. Оскуолабын Иван Шамаев салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейгэ бүтэрбитим. РК-лар үгэстэринэн диэххэ дуу, оскуолабытын бүтэрээт, бары тутуспутунан 90 % киин Арассыыйа үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар туттарсан киирбиппит. Ол курдук мин бастакы үөрэхпин Москваҕа ылбытым, эриэккэс сир баайын-дуолун үөрэтэр инженер идэтин баһылаабытым. Хомойуох иһин, ол идэбинэн тустаах үлэ миэстэтэ суоҕуттан үлэлээбэтэҕим. Алмаастаах Мииринэйгэ ыытаары гыммыттарын, биэс сыл тухары дойдубун, дьоммун, доҕотторбун ахтыбытым бэрдиттэн, барбатаҕым. Ол сырыттахпына 2014 сыллаахха бу үлэлиир театрым арыллыбытыгар, дьылҕам бэлэҕэ дии санаат, манна үлэҕэ киирэн хаалбытым. Анал идэлээх буолаары, кэтэхтэн АГИКИ "хореография" салаатын бүтэрбитим. Ону таһынан «Государственное и муниципальное управление» үөрэҕин ылбытым. Билигин ахсыс  сылбын театр артыыһынан үлэлии-хамсыы, айа-тута  сылдьабын. Артыыс идэбин үрдэтэр санааттан кэмиттэн-кэмигэр киин сирдэргэ ыытыллар үөрэх куурустарыгар, семинардарга үөрэнэбин.

Дьон үксэ эйигин үҥкүүһүт диэн көрөр буолуохтаах...

— Дьиҥэр, култуура эйгэтигэр 3-4 сааспыттан сыстыбытым. Маҥнай «Гулун» ансаабылга үҥкүүлээн саҕалаабытым. Онтон ыла үҥкүүбүн куруук «тута» сылдьабын. Устудьуоннуур да кэммэр «Чукотка» диэн ааттаах хотугу үҥкүү ансаамбылыгар сөбүлээн дьарыктанар этим. Өрөспүүбүлүкэ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ ыытар тэрээһиннэригэр үҥкүүһүт да, артыыс да быһыытынан элбэхтик кыттыбытым. Бэйэлэрэ иилиир-саҕалыыр тэрээһиннэригэр, атын да куораттарга куруук илдьэ сылдьааччылар.

— Театрга кэлии мээнэҕэ буолбатах эбит.

— Оннук. Театрбыт номнуо ахсыс сезонун арыйда, репертуарбытыгар 11 испэктээкиллээхпит. Саҥа дьыл саҕана өссө биир испэктээкил тахсыахтаах, режиссер Роман Дорофеев.

Оттон киинэҕэ хаһааҥҥыттан уһуллан саҕалаатыҥ?

— Киинэҕэ оонньооһун оҕо эрдэхпиттэн илдьэ сылдьар ыра санаам этэ. Ким буолуоххун баҕараҕын диэтэхтэринэ, бэйэбин артыыс эрэ быһыытынан ойуулаан, оҥорон көрөөччүбүн. Баҕа санааны уонна ыра санааны куруук төбөҕөр эргитэ, толкуйдуу сылдьар буоллаххына, дьиҥ чахчы туолар эбит  диэн түмүккэ кэллим. Ыра санааны куйаарга ыыттаххына «үлэлиир» диэннэрэ чахчы быһыылаах. Санаан да көрдөхпүнэ, төһө эмэ атын идэҕэ үөрэммитим, атын үлэҕэ киирбитим үрдүнэн, киинэбэр тиийдэҕим дии.

Бастакы оруолгар хайдах ыҥырыллыбыккыный?

— Ити 2011 сыллаахха устудьуоннуу сырыттахпына этэ. Оччолорго «Саха» НКИХ “Суорумньу” диэн ааттаах сериалы таһаарбыта. Манна миэхэ Нуораҕана диэн ааттаах биир сүрүн оруолу биэрбиттэрэ. Уһуллан баран наһаа сөбүлээбитим эрээри, атын эйгэҕэ үөрэнэ сылдьар буоламмын, киинэҕэ, сериалга уһулларбын тохтоторго быһаарыммытым. Онтон 2018 сыллаахха театрбар үлэлии сырыттахпына биир үтүө күн продюсер Петр Хикки эрийэн, «Күлүк Хомус» диэн абааһылаах киинэҕэ ыҥырбыта. Кастины этэҥҥэ ааһан, киинэбит тахсыбыта. Дьэ, бу киинэ кэннэ улам-улам ыҥырыылар, этиилэр киирэн барбыттара. Бэйэбэр араас уобарастары боруобалаан көрөбүн.

Наһаа кутталлаах киинэ этэ дии... аҥаардас көрө олорон да этиҥ сааһа арыллыах курдук. Маннык уһулларгар сиэри-туому тутуһаҕын, ыраастанаҕын дуо?

— Биллэн турар, “ужас” киинэлэргэ оонньоон баран, киһи ыраастанар. Сиэри-туому киинэҕэ эрэ буолбакка, олохха-дьаһахха куруук тутуһа сатыыбын. Сахалыы иитиилээх буоламмын, дьиҥ олох ирдэбилигэр, көстүүтүгэр уонна өбүгэ үгэһигэр итэҕэйэбин.

Мин маннык саныыбын. Артыыс идэтин талбыт буоллаххына, ханнык баҕарар оруолу оонньуохтааххын. Туохтан толлон турбакка, саллыбакка, инниҥ хоту баран иһиэхтээххин. Бу – идэ. Талан ылбыт, баҕарбыт үлэҥ диэн. Иккис өттүнэн, артыыс уонна кини толорор оруола – тус-туһунан дьон. Артыыстан сүктэриллибит оруолу көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тиэрдии эрэ ирдэнэр. Ол иһин оруоллары кыра-улахан, ыарахан-чэпчэки диэн араарбаппын, барытын боруобалыы сатыыбын.

Дьэ, «Дьол тааһа» сериалга Кристина Егорова оруолун бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоотуҥ.

— Бу сериалга сүрүн оруолга Степан Сивцев-Доллу уһулла сылдьан олус хомолтолоохтук биһиги олохпутуттан туораабыта. Инньэ гынан уһуллар кэммит уһаан биэрбитэ. Дьиҥинэн, киинэ эрдэ тахсыахтааҕа.

Оттон чуолаан сериал жанрын туһунан кэпсээтэххэ, урут сэмээр сахалыы сериаллары хайдах усталлара, артыыстары кимнээх сүүмэрдииллэрэ буолла диэн санаан ылар этим. Арай биир күн массыынанан айаннаан истэхпинэ төлөпүөн тырылаата, билбэт нүөмэрим. Дьиҥэр, айаннаан иһэн төлөпүөҥҥэ эппиэттээбэт идэлээхпин. «Саха» НКИХ-тан эрийэбит, сериал уһуллаары турар, эйигин биир оруолга көрөбүт, биһиэхэ кэлэ сылдьарыҥ буоллар”, - диэтилэр. Тута омсолоох, мөкү соҕус уобарас диэн сэрэттилэр. Тиийдим. Сериаллар отделларын салайааччыта Марфа Пермякова көрүстэ. «Дьол тааһыгар» ити курдук кэлбитим.

Үгүс көрөөччү Кристинаны абааһы көрдө ээ.

— Көрөөччү оруолу абааһы көрбүт буоллаҕына, ол аата артыыс оруолун сөпкө арыйбыт диэн буолар. «Дьол тааһын» кэнниттэн сорох дьон социальнай ситиммэр суруйан кыыһыраллар, мөҕүттэллэр, үөхсэллэр. Аахайбакка буола сатыыбын. Барыларыгар ити мин буолбатах, ити Кристина диэн персонаж диэн быһааран биэрэр уустук. Ону өйдүүр киһи өйдүүр. Бу уобарас миэхэ, мин дьиҥ олохпор ханан даҕаны сөп түбэспэт. Кристина биһикки тус-туһунан майгылаах, эйгэлээх, санаалаах-оноолоох дьоммут.

Инники былааннаргыттан сэгэтэ түһэриҥ буоллар?

— Өссө даҕаны интэриэһинэй бырайыактарга үлэлээбит киһи диэн баҕа санаалаахпын, үлэм сүнньүнэн эмиэ бэрт кэскиллээх түгэннэр күүтэллэр. Бары дьоллоох, доруобай, чэгиэн буолуҥ!

Кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Айар үлэҕэр саҥа саҕахтары баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...