31.08.2022 | 23:01

Мин эһэм олоҕуттан

Мин эһэм 1834-1944 сс. олорон ааспыт олоҕуттан кылгастык суруйарга холонобун. 
Мин эһэм олоҕуттан
Ааптар: Егор ЕГОРОВ, тыыл бэтэрээнэ, хомсомуол-баартыйа урукку актыыбынай чилиэнэ, Ньурба, Маалыкай
Бөлөххө киир

   Эһэбин ийэтэ Мэгэдьэк саамай биллэр баайыгар Дайыла Күөгэлэпкэ хамначчыт сылдьан төрөппүт. Эһэм 16 сааһыттан сылгыһыттаабыт, ол сылдьан сытыытын-хотуутун иһин сөбүлэтэн, сылгыһыттары кэрийэ сылдьан көрөөччү, дьаһайааччы буолбут. 
     Бу Дайыла Күөгэлэп баай (бу киһиэхэ Манчаары Баһылай кырдьан олорон «ыалдьыттаабыта» норуот номоҕуттан биллэр. Эрэд.) төһө ынахтааҕын-сылгылааҕын эһэбиттэн ыйыппакка хаалбыппын. Оттон, уопсайынан, 10-ча хоһуун эр киһи, эмиэ соччо дьахтар хамначчыт быһыытынан сылдьыбыттар курдук. 
   Дайыла Күөгэлэп Дьакаабыл ойуун диэн ааттаах хардарыта сылдьыһар, ыалдьыттаһар, эргинэр-урбанар тоҥус доҕордоох эбит. Онто сылга иккитэ: кыһын уонна саас элбэх таба туркутугар кыыл тириитин, түүлээҕи, эти киллэрэн арыыга-хайахха, чэйгэ-табаарга атастаһан тахсар эбит. Ол киирдэҕинэ улуу дьон иккиэн үрүҥ дьиэҕэ олорон аһыыллар, кэпсэтэллэр, арыгылыыллар. Биирдэ кинилэр олус улаханнык иирсэн атырдьах салаатыныы арахсыбыттар. Бу туһунан эһэм дьоҥҥо кэпсиирин оҕо эрдэхпиттэн истэн улааппытым. 
    Дьакаабыл ойуун ол кэлэ сылдьан эһэм ийэтин кытта кэпсэтэр эбит. Эһэм ийэтэ олус иистэнньэҥ, үтүө имииһит буолан, тоҥус баайа кэллэҕин аайы, кыыл тириитэ уонна этэ манньаҕа, араас таҥаһы тиктэрэ биэрэр эбит. Ол курдук, биирдэ Дьакаабыл ойуун Күөгэлэпкэ ыалдьыттаан баран дойдутугар бараары сылдьан анаан-минээн эһэм ийэтигэр киирэн эппит: 
     — Арааһа, көстөр илэ бэйэбинэн бу тиһэх сырыым буолуо. Ити мин табаарыһым аан дойду баарын тухары мэлдьи олоруох курдук даххаһыйар да – дьэ, ким билэн эрэр... Мин көрдөхпүнэ, үөлэһин буруота оһоҕун ураатыттан тахсан иһэн сүтэн хаалаахтыыр. Хата, ол оннугар эн Дьөгүөрүскэҥ оһоҕун буруота уһаан, тэнийэн, тарҕанан бара турарын бэл мин хараҕым дала муҥурун булан көрбөт. Эһиги уҥуоргу тумуһаххытыгар хойуу кыра мас ортотугар сүр улахан, хойуу лабаалаах аарыма тиит турар. Итиччэ улахан тиит сууллар кэмигэр төһө кыра-хара маһы тоҕо түһүөн сөбүн толкуйдаан көр. Эһиги да тойоҥҥут өлөр-хаалар күнүгэр кыра-кыаммат дьон үктэллэнэн барыан сөп. Онон, уолуҥ туспа ыал буолан чэчириирин туһугар, бу Дайыла Күөгэлэп киэҥ уоругуттан тэскилээн биэрэриҥ ордук буолуо этэ... 
    Оччолорго да тойоҥҥо илин-кэлин түсүһээччи, иһит салаһааччы дьон элбэх буоллаҕа. Бу кэпсэтиини уоран истибит биир чаҕар дьахтар тойон хотунугар маны эбэн-сабан, тупсаран кэпсээн биэрбит. Сарсыарда аһаары олордохторуна дьиэлээх хотун тойоҥҥо «атаһым дии-дии атаҕар эрэ үҥпэт табаарыһыҥ түҥнэри төлкөлөөн, таҥнары таҥхалаан барбытын истэн кулгааххын сымнат» дии-дии оҕонньоругар ону барытын тиэрдэн биэрбит. 
     Түптэ-түрүлүөн бөҕө саҕаламмыт. Дайыла Күөгэлэп «миигиттэн тиэнэн барбыт аһын-табаарын барытын былдьаан ылыҥ. Бэйэҕит атаххыт соболоҥун биирдии толуу бууру туттуҥ» диэн сорудахтаан 10-ча эр бэрдин тоҥус ойуунун соноругар тэрийэн ыыппыт. 
     Били дьон Дьакаабыл тоҥуһу «Бэс үрэх» диэн сиргэ хоно сыттаҕына сиппиттэр. «Бэйэбит баҕабытынан буолбакка, тойоммут сорудаҕынан кэллибит» диэн барытын кэпсээн биэрбиттэр. Онуоха киһилэрэ «ону бэйэм да билэн-көрөн сытабын. Чэ, хайыаххытый, ол күтүр тугу ирдиирин барытын толорор буоллаххыт. Арай, өлөрүҥ-өһөрүҥ диэбит буоллаҕына, ону толорумаҥ. Ол тус бэйэҕититтэн иэстэбиллээх буолуо» диэбит. Инньэ диэн баран малын-салын барытын сүөкээн биэрбит. Табаны сатаан дьаһайа үөрэммэтэх дьон табаны тута сатаан эрэйдэнэллэрин көрөн, бэйэтин табаһыттарынан туттаран бэрдэрбит. Арахсаары туран «доҕорбор аны мин илдьиппин тиэрдиҥ. Аны саас чигди тиэргэни ат туйаҕа хотор буолуута эбэтэр күһүн добдурҕа саҕана мин ыалдьыттыы тиийиэм. Ону кэтэстин» диэбит. 
     Дьонноро кэлэн кэпсээбиттэригэр Дайыла Күөгэлэп «Ээ, тоҥ саах, киһиргээбэтин. Мин да таах олорон биэриэм суоҕа» диэн кэбиһэр. 
    Тымныы кыһын бүтэн күн уһаабыт, ылааҥы күннэр турбуттар. Дьэ мантан ыла тойонноро «ээ, ол иһин, хантан кэлиэй... Кэлтин да иһин, кэтээн сытан соһутан өлүү уутугар түһэриэх этим» диир идэлэммит. Дьакаабыл болдьоҕо ааспыт, сайын буолбут. Сыыйа аны күһүнү кэтэһэн барбыттар.

Тойон кими да чугаһаппакка, түүлээҕин-үбүн уурунан ампаарыгар утуйар эбит. Куйааһырҕаан. Биирдэ күнүскү чэй саҕана тиэргэҥҥэ айдаан-куйдаан бөҕө буолбут. Эһэм таһырдьа ыстанан тахсан көрбүтэ, тойонноро атын баайар бастыҥ сэргэтин кууһан туран эккирии сылдьар эбит. Туох да ис хоһооно суохтук «һуу-һуу... ооһо-һуу» эрэ диир үһү. Ыстаҥалыырыгар баркыта бэрбээкэйигэр түһэн хаалан туос сыгынньах эбит. Киһилэрин сэргэттэн бэрт эрэйинэн араарбыттар. Кэлин киһитийэн баран кэпсээбит «Ампаарбар утуйа сыттахпына улахан сундуук иһиттэн Соһо (?) тахсан мэнэрийэ-мэнэрийэ мин диэки эмэһэтинэн лаҕыйан чугаһаабытыгар баттаҕар түһэн эрэрбин өйдүүбүн...» диэбит. 
     Күһүн буолбут. Аны иккис болдьохторун кэтэһэн олорбуттар. Арай биирдэ үрүҥ дьиэҕэ үөгү-хаһыы бөҕө буолбут. Эһэм киирэн көрбүтэ: тойонноро «оо, абам эбит, илэ көрө сытан сиэттэхпиэн!» дии-дии муннун хоҥоруута быһа ыстаммытыттан хаан бөҕө сүүрэрин хам тутта сатыы олорор эбит. Ону үүс-киис тириитин кэриэрдэн баран хам баайбыттарын кэннэ кэпсээбит. 
     Арҕаа диэки дүҥүр тыаһаабыт. Ону истэн оронугар өттүгэстээн соһутаары оҥостон сыппыт. Сытан эрэн көрдөҕүнэ, хара киргил кэлэн бастыҥ сэргэтигэр олорон ампаар, хотон диэки куукуҥнаабыт, онтон киирэр аан холуодатыгар кэлэн олорбут. Дайыла «дьэ, чугаһаата, бэйэ, мин диэки хайыһан эрдэҕинэ соһутуом» диэн бэлэмнэнэн сыппыт. Киргил оһох кэннин, онтон уҥа, хаҥас диэки дьүккүҥнээн баран кини диэки хайыһан эрдэҕинэ Дайыла үөгүлүү сатаабыт да – саҥата иһиттэн тахсыбатах. Киргил кини муннун быһа анньыбыт. Дайыла онтон бэттэх киһи көрүүтүгэр барбыт. Бу сытан үтүө санаата таайбыта дуу, ойуун хомуһуна санаа уктарбыта дуу, эһэм ийэтин ыҥыртаран ылан «мин аны туран киһи буоларым биллибэт. Соҕотох уолум муспут баайбын салгыа саарбах, күүлэй киһитэ. Онон ити уолгун ыал оҥорон атын сиргэ олохтоо. Били күтүр эппитэ кэлэрэ буолуо. Миинэр атын, уулаах тыйы уонна уулаах тиҥэһэни кытта биир тыһаҕаһы баай төрдө диэн аныыбын» диэбит. Эһэм аах ол кэннэ үөрүүнү кытта түөрт көстөөх Дуолукаан диэн аҕыйах ыаллаах сиргэ тахсан олоҕурбуттар. 
     Оттон Дайыла Күөгэлэп ойуун эппитин курдук дьылҕаламмыт. Хоҥоруутун быстыбыта сыххаран орон киһитэ буолбут. Биирдэ уола түүлээҕин эргитэн Дьокуускайтан кэлбит. Онно биир аһаҕас эттээх киһи көрдөҕүнэ, сыарҕаҕа сытар кырыы дьааһыктан кыра буруо тунааран тахсан оҕонньор сытар сирин диэки тиийэн сүппүт. «Табаар быыһыгар саһан буоспа ыарыы тахсыспыт» диэн сурах тарҕаммыт. Онтон сылтаан Дайыла Күөгэлэп олоҕор өлөөччү өлбүт, куотааччы куоппут. Ити саҕана эһэм отуччалааҕа үһү. 
     Быһата, Дьакаабыл ойуун этиитэ барыта туолбут. 

* * * 

     Эһэм 110 сааһын туолан баран өлбүтэ. Дьиктитик өлбүтэ. 
    100 сааһын туоларыгар мин алталаах этим. Эһэм биһикки уокка оттор маспытын тиэйэбит. Бу сылдьан оҕонньор «өлөрүм чугаһаата, хаһан баҕарар күр гынан хаалыам. Онон оҕом Дьөгүөркэ биһикки Тугут Сиэбит чэкээтигэр баар хаппыт бэһи көрө барыахпыт, туһаҕа туруох буоллаҕына үөрэҕэстээн тиэйэн кэлиэхпит» диэн дьиэбититтэн икки биэрэстэлээх сиргэ бардыбыт. Тиийэн көрбүппүт, эһэм кэпсээбит бэһэ силистэри түөрүллэн охто сытар эбит. Эһэм «о-һо, өссө охтон бэлэмнэнэн сытаахтыыр эбит. Бу саас турара ээ. Кыайбат дьон диэн билэр буоллаҕа» диэн үөрдэ. Эрбээн көрөн баран эһэм «истиин-тастыын чэгиэн эбит» диэн быһаарда. 
    Дьэ ол маһы лаабыс оҥорон баран аҕам үөһэттэн, эһэм аллараттан эрбээн хаптаһын бэлэмнээбиттэрэ. Ол хаптаһыммыт10 сылы быһа кыстыыр-сайылыыр сирбит аайы көсүһэн таһаҕас буола сылдьыбыта. 
     1944 с. муус устар ыйыгар киэһэ эһэм эмискэ «бөлүүн эйигин илдьэ кэллибит, бэлэмнэн диэтилэр, ону өсөһө барбатым. Бу түүн илдьэллэрэ буолуо. Били маһы киллэрэн сылытыах, айанныыр сэппин бэлэмниэх» диэн кэпсээннээх буолла. Аҕам «бу да оҕонньор, онтон өлбүтүҥ да кэннэ бэлэмниэхпит буоллаҕа» диэн көрдө. Аҕам сөбүлэспэтэҕэр хаптаһыннары мин киллэрэн оһох чанчыгар сылыта уурдум. Ол киэһэ хоруоп оҥоруутун түбүгэр түстүлэр. Эһэм көнүөҕүнэн көнөн туран биэрдэ уонна бэйэтиттэн биир харыс үрдүк гына хоруоп кээмэйин быстылар. Эһэм «кырдьаҕас киһи өллөҕүнэ эдэрин саҕа буола үрдүүр.

Хаппыт-куойбут уҥуоҕун силгэтэ барыта тэнийэр, уунар» диэмэхтээтэ. Хоруоп оҥоһуллубутун кэннэ «көһүйбүт киһини сууйтаран эрэйдиэхтээҕэр, тыыннаах эрдэхпинэ суунууһубун» диэн суунна. Айанныыр таҥаһын ылан бодуруобуна кэтэн кэбистэ. «Бука, сарсыҥҥы күнү көрдөрөн баран ылаллара буолуо. Налыччы соҕус утуйуоҕуҥ» диэн буолла. 
     Сарсыарда аһылыкка эһэм уһуктан миэхэ куруускаҕа үүт ылларан истэ уонна биһигини алҕаан бэрт элбэҕи эттэ-тыынна, аан дойдуну, аар айылҕаны кытта бырастыыласта. 
    Остуолга олорон саҥа аһаан эрдэхпитинэ тыас «кыык» гынна. Тиийэн көрбүппүт, оҕонньорбут «баран» хаалбыт. Эһэбит ити курдук ыраах айаҥҥа барардыы бэйэтэ тэринэн-бэринэн, биир айалыыр-ынчыктыыр дорҕоону таһаарбакка, барытын бэйэтэ ыйа-кэрдэ сытан өлбүтэ. 
    Оттон биһиги аймах били Дьакаабыл ойуун эппитинии олус киэҥник тэнийэн, сир-сир аайы тарҕаһан-тэнийэн олоробут. Төһө-төһө буолбуппутун аахпыт да суох. Онон, былыргы да ойууттар өтө көрөр буолар эбиттэр. Ол тоҥус ойууна түстээбит төлкөтө өссө да салҕанан бара турдун диэн алҕаатаҕым буоллун. Дом. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...