19.01.2024 | 16:00

Милада Андросова: «Кыайыылаах буолбуппуттан улаханнык соһуйбутум»

Милада Андросова:  «Кыайыылаах буолбуппуттан улаханнык соһуйбутум»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

2024 сыл Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ уонна сыл логотибын оҥорууга айар күрэх саҕаланна. Оттон Арассыыйа үрдүнэн 2018-2027 сылларга Оҕо саас Уон сыла биллэриллэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр онно аналлаах эмиэ логотип күрэҕэр 2018 сыллаахха 9-с кылаас үөрэнээччитэ Милада (Люда) Андросова кыайыылааҕынан тахсыбыта. 
Бу алта сыл иһигэр Милада олоҕо хайдах уларыйбытын, дизайнҥа сыһыанын туһунан кэпсэттибит.

—Милада, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах кыыскыный?

— Мин Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Мин иккис оҕобун, убайым Василий бэйэтэ дьиэ кэргэннээх, балтым Лилианна Алдаҥҥа медколледжка үөрэнэр, быраатым Арылхан — оскуола үөрэнээччитэ. Ийэбит Анна Васильевна — оскуолаҕа, уһуйааҥҥа медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлиир.

— 2018 сыллаахха конкурс туһунан хайдах билбиккиний?

— Бу күрэх туһунан черчениеҕа учууталым Федот Семенович Стручков эппитэ. Дьиҥинэн, ол күрэҕи холонуу эрэ курдук көрөр этибит. WorldSkills-ка бэлэмнэнэ сылдьан, таарыйа кыттыахха дэспиппит. Онтубут өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах эбит. Оскуолабыттан иккиэ этибит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 46 кыттааччы баар этэ, сорохтор хастыы да үлэни ыыппыттар. Мин биир эрэ ойууну ыытан, кыайыылаах буолбуппуттан улаханнык соһуйбутум. Оттон бииргэ кыттыбыт уолум иккис миэстэҕэ тиксибитэ. Наҕараадалааһына Дьокуускайга Оҕо дыбарыаһыгар буолбута, грамота уонна ноутбук туттарбыттара; ол ноутбукпун билиҥҥээҥҥэ диэри тутта сылдьабын. Тэрийээччилэр Оҕо саас Уон сыла бүтүүтүгэр ыҥырыахпыт диэбиттэрэ, ол аата 2028 сылга көрсөрбүт буолуо. Оттон WоrldSkill-ка 4-5 миэстэ буолбутум; билигин санаан көрдөххө, критерийдэрин, быраабылаларын үчүгэйдик үөрэппэтэхпититтэн үрдүк миэстэлэргэ тиксибэтэхпит эбит.

— Логотибы хайдах толкуйдаабыккыный?

— Логотип тас көрүҥүн, ис хоһоонун учууталбын кытта толкуйдаабыппыт. Кыыс уонна уол — оҕо сааһы сирэйдээһин. Араас өҥнөөх сардаҥалаах араҕас эргимтэ — күн уруһуйа. Аллараа сэбирдэхтээх сибэкки — үүнэн  эрэр көлүөнэ. Эскииһин кумааҕыга уруһуйдаан, көмпүүтэргэ “CoralDraw” бырагырааманан тиһэҕэр тиэрдибитим, оччолорго уруһуйдуур планшеттар оскуолаларга суох этилэр.

— Уруккуттан уруһуйдуур этиҥ дуо?

— Кырдьыгынан эттэххэ, мин үчүгэйдик уус-ураннык уруһуйдаабаппын, черчение эрэ өттүттэн күүстээх буоламмын, графическай дизайнҥа киирбитим. Онон кыайыым акылаатын Федот Семенович бэйэтэ уурбута диир сиэрдээх буолуо. “CoralDraw” уонна “AutoCAD” бырагыраамаларга үлэлииргэ кини үөрэттэҕэ дии. Учууталым билигин даҕаны оҕолору черчениеҕэ үөрэтэр, араас куонкурустарга, НПК-ларга ситиһиилээхтик кытыннарар. Үөрэнээчччилэрэ бары даҕаны кини үөрэтэр ньыматын сөбүлүүр, уруоктарын интэриэһиргиир этибит. Мин, холобура, уруок кэнниттэн хаалан эбии үөрэнэрим, ыарырҕатан ыһыктынаары гыннахпына, санаабын көтөҕөн өйүүрэ. Уопсайынан, учуутал бэйэтин предметин сөбүлүүр буоллаҕына, оҕону интэриэһиргэтэрэ судургу.

— Бачча улахан таһымнаах күрэххэ кыайан баран салгыы графическай дизайнынан дьарыктаммытыҥ дуо?

— 9-с кылаас кэнниттэн Хамаҕатта Саха-француз лиссиэйигэр көспүтүм. Хомойуох иһин онно графическай дизайҥҥа үөрэтэр учуутал суох этэ. Онон  кондитерскай дьыаланы умсугуйан саҕалаабытым. Кылааһым салайааччыта, технология учуутала Алена Афанасьевна Аммосова, дьахтар киһи да быһыытынан, кондитерскай дьыаланы быдан ордорор этэ. Ол кэмҥэ кини аан бастаан оҕолору WorldSkills-ка кытыннара илдьибитэ. Онно мин улуустааҕы түһүмэххэ бастааммын, региональнай таһымҥа мусс торт астыахтаах этим. Ону оскуолабытыгар холодильник суох буолан, бэйэм маастар-кылааска үөрэнэн кыттыбытым. Оскуола оҕолорун кытта колледж устудьуоннара бииргэ күрэхтэһэр буоланнар, биллэн турар, кинилэр кыайдахтара дии.

— Оччоҕуна оскуола кэнниттэн туох идэни талбыккыный?

— Оскуоланы бүтэрэрбэр обществознаниены туттарбытым. Тоҕо диэтэххэ ол кэмҥэ туох идэлээх буоларбын чопчу билбэт этим. Тохсус кылааска ийэм курдук медик буолуохпун баҕарар этим. Киһи улаатан истэҕинэ санаата эмиэ уларыйарынан, кэлин, медик үөрэҕэ, идэтэ ыарахан диэн санааттан, аккаастаммытым. Графическай дизайн өттүнэн идэлэнэрим эрдэ эппитим курдук табыллыбатаҕа. Онон ханна эрэ туттарсан киирбит эрэ киһи диэн санаанан салайтаран, Педагогическай институкка технология учууталын идэтигэр киирэн, быйыл бүтэһик төрдүс кууруспар үөрэнэ сылдьабын. Оҕолору үөрэтэр үчүгэй баҕайы, бу саас дипломнай үлэбин көмүскүүбүн, практиканы ааһабын. Пандемияттан сылтаан үөрэҕим биллибэккэ ааста. ППОС активиһа буолуохпун баҕарар этим даҕаны, сүүмэрдээһини дистанционно ыытаннар, айылҕаттан кыбыстанньаҥ киһи, “ээ, чэ, син биир пандемия буола турар” диэн, ол санаабыттан аккаастаммытым. Киирбитим да буоллар, үлэбин кытта дьүөрэлиэ суох эбиппин. Активистар куруук саҥаттан саҥа тэрээһиннэри ыыталлар, күн иллэҥнэрэ суох.

Дипломнай үлэм тиэмэтэ — көбүөр өрөр ньыманан оҥоһуктары оҥорууга үөрэтии. Тиэмэбин Тик-Токка видео көрөн булбутум.

— Үөрэххиттэн ураты тугунан дьарыктанаҕыҥ?

— Маникюр оҥоробун. Тыҥырах дизайнын уруккуттан сэргиир этим, онон 8-с кылааска дьүөгэлэрим төрөөбүт күммэр тыҥырах оҥорор набор бэлэхтээбиттэрэ. Бастаан балтыбар, ийэбэр, бэйэбэр оҥорон саҕалаабытым. Онтон 9-с кылааска ийэм Намҥа салоҥҥа үөрэттэрэ ыыппыта уонна 1-кы кууруска онно үлэлии киирбитим. Билигин дьиэбэр олорон бэйэм бэйэбэр үлэлиибин. Бу кэм иһигэр номнуо клиеннэрдээхпин, 2-с кууруска Намтан куоракка көспүппэр эмиэ тута клиеннэри булбутум, намнарым даҕаны куоракка кэлэ-бара сылдьан ааһаллар, дьүөгэлэригэр, аймахтарыгар кэпсииллэр. Инникитин атын дьону үөрэтээри “самозанятай” статуһун ылыахпын баҕарабын.

— “Учуутал идэтигэр үөрэнэр эрээри тоҕо тыҥырах оҥороҕун?”—диир дьон баар дуо? Кинилэргэ хайдах эппиэттиэҥ этэй?

— Сорохтор, кырдьык, өйдөөбөттөр, “Олоҕуҥ тухары тыҥырах оҥоро сылдьыаҥ дуо?”— диэччилэр суох буолбатахтар. Ол эрээри, мин санаабар, тыҥырах оҥоруута атын идэлэртэн туох да уратыта суох кэрэхсэбиллээх, туһалаах үлэ. Бэйэҥ сөбүлүүр, ону ааһан харчылаһар кыахтаах буоллаххына, туох куһаҕаннааҕый?

— Графическай дизайнҥа төннүөҥ этэ дуо?

— Хобби курдук илдьэ сылдьыахха сөп этэ, ол эрээри мин иллэҥ кэммин атаарар сөбүлүүр дьарыкпын буллум дии саныыбын, тыҥырах оҥоруута дизайнтан улахан уратыта суох, эмиэ айымньылаах, умсугутуулаах үлэ.

Дизайнмын сайыннарбатахпыттан төһө даҕаны хомойдорбун, икки куобаҕы эккирэтэр уустук буолуо ээ. Төттөрүтүн, сэргиир дьарыктарбын боруобалаан, сөбүлүүр идэбин буллум дии саныыбын.

— 2018 сылга аатыҥ Люда диэн этэ, билигин Милада буолбуккун. Хаһан уонна туохтан сылтаан уларыппыккыный?

— Ааппын оҕо эрдэхпиттэн уларытыахпын баҕарар этим, онон оскуоланы бүтэрээт ол баҕа санаабын толорбутум. Кыра эрдэхпиттэн чугас дьонум бары “Люда” оннугар “Мила” диэн ыҥырар этилэр. Итинтэн сылтаан икки диэки  арахсыы курдук этэ, билсиспит дьонум “Людмила эрээри хайдах Мила дэнэҕин” диэн соһуйаллара. Ону “Мила” диэн наһаа боростуойдук иһиллэрин иһин киэргэтэн “Милада” буолбутум. Уларытарбар ким да утарыласпатаҕа, ийэм, төттөрүтүн, өйөөбүтэ, тоҕо диэтэххэ мээнэ халлаантан ылбыт аат буолбатах буоллаҕа дии. Сорох дьон мистикаттан сылтаан уларыталлар, ол эрээри бу миэхэ сыһыана суох.

— Оскуола үөрэнээччилэригэр тугу баҕарыаҥ этэй?

— Элбэх куонкурустарга кытта сатааҥ, биир санаалаахтаргытын кытта алтыһыаххыт, саҥаны билиэххит-көрүөххүт. Атын дьон үлэлэрин көрөн-үөрэтэн, киһи бэйэтэ саҥаны толкуйдаан оҥорор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...