Михаил Трофимов: «Оҕо иитиитин дьахтарга сүктэрэн кэбистибит»
Михаил Егорович Трофимов эр киһи кэрэмэһэ, нэһилиэк, улуус киэн туттар дьонуттан биирдэстэрэ. Кини Амма улууһун Чакырыгар 1966 сыллаахха тоҕус оҕолоох Трофимовтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Михаил кыра эрдэҕиттэн үлэни өрө туппут төрөппүттэрин холобурдарыгар иитиллэн, ханнык да үлэттэн чаҕыйбат буола улааппыта. Аҕата – Егор Михайлович Трофимов, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, үйэлээх сааһын тухары колхуос, сопхуос кадровай булчута, биэс уолун бэһиэннэрин кыра саастарыттан батыһыннара сылдьан булт араас албаһыгар уонна эр киһи, ыал аҕата быһыытынан бэйэтэ тугу сатыырыгар уһуйбута. Ийэлэрэ – Нора Федоровна, эдэр сааһыгар уһуннук ыанньыксыттаан, настаабынньыктаан баран, кэнники биэнсийэҕэ тахсыар диэри РайПО бэкээринэтигэр үлэлээбитэ.
– Бииргэ төрөөбүт тоҕуспут, онтон биэһэ – уолаттар. Кырабытыттан аҕабытын батыһа сылдьан оттоон-мастаан, бултаан, дьиэ таһынааҕы эр киһи үлэтин барытын толорор этибит. Сайын аайы звеноҕа оттуурбут. Аҕабыт Японияҕа сэриилэспитэ. Сэрии кэмигэр иискэ үөрэнэн, шинелигэр тиийэ байыаннай пуорманы тигэ сылдьыбыта. Дойдутугар эргиллэн баран ол дьарыгын бырахпатаҕа, сүрдээҕин иистэнэр этэ. Барыбыт таҥаспытын наһаа үчүгэйдик тигээччи. Оннооҕор ытыгар таҥас тигэрин өйдүүбүн. Атаҕа суох ыттаах этэ, бултуу барыахтарын иннинэ хас күн буолалларын суоттаан кээнчэлэрин тигэрэ. Наһаа өйдөөх ыт этэ, атаҕын тоһуйан биэрэн, кээнчэтин кэтэртэрэрэ. Ол курдук аҕам сатаабатаҕа суох этэ. Булчут буолан, этэргэ дылы, «натуральнай», сибиэһэй аска улааппыт оҕолорбут. Билигин бэйэбит эмиэ дьиэ кэргэммитин эмиэ айылҕа бэлэҕинэн аһатабыт.
Михаил Егорович бэйэтин үлэттэн дьолломмут киһинэн ааҕынар, «киһини үлэ киэргэтэр» диэн бигэ санаалаах.
– Оскуоланы бүтэрэн баран өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан «Эр дьону – пиэрмэҕэ» диэн бачыымы көтөҕөн, кылааһынан хотоҥҥо үлэлии барбыппыт, алта уол буолан ыанньыксыттаабыппыт. Бастакы үлэм оннук саҕаламмыта, салгыы сылгыһыттаабытым. Сыл кэриҥэ үлэлээн баран Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, ыраах Монголияҕа сулууспалаабытым. Дойдубар эргиллээт, эмиэ сылгыһытынан киирэн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын. Эчэйэн тохтоон ылбытым, бултуу сылдьан палааткаҕа умайаммын. Инньэ гынан тоҕус ыйы быһа балыыһаҕа сыппытым. Ат баайыытынан уһуннук дьарыктаммытым. Соҕурууттан кытта ат аҕалан сүүрдэр этибит. Тренер көмөлөһөөччүтүнэн конюшняҕа үлэлээбитим.
Трофимовтар ыал буолан алаһа дьиэни тэриммиттэрэ бэлиэр отуттан тахса сыл буолла. Ол тухары Михаил Егорович кэргэнинээн бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-өйөнсөн, оҕо-уруу тэнитэн, нэһилиэккэ, улууска ытыктанар ыал буолан кэллилэр.
– 1990 сыллаахха оскуола кэнниттэн биһиэхэ пиэрмэҕэ үлэлии кэлбит Амма кыыһын көрсөн ыал буолбуппут. Оччолорго үрэххэ кыстаан үлэлиир этим, ыал буолаат төттөрү онно барбытым, нэдиэлэҕэ биирдэ эмит дьиэбэр кэлэн барарым. Холбоһон баран алта сыл курдугунан дьиэ туттубуппут. Кэргэмминээн Мария Егоровналыын сэттэ оҕоломмуппут – үс кыыс, түөрт уол. Улахаммыт билигин отутуттан таҕыста, кырабыт, мурун бүөтэ уолбут, иккис кылааска үөрэнэр. Билигин номнуо сиэннэрдээхпит. Кэргэним кулуупка үлэлээбитэ, билигин биэнсийэҕэ олорор. Дьарыга элбэх, иистэнэр, оҕуруо анньар, сиэлинэн ону-маны оҥорор.
Ыал буолуохпутуттан сүөһү ииттэбит, сылгылаахпыт. Хаһаайыстыба көрүүтүгэр сүрүн үлэһиттэр оҕолорбут – ынахтарын ыыллар, хотону көрөллөр-истэллэр, оттоһоллор. Кинилэр көмөлөрүнэн үрүҥ ас үрүлүйэр, бэйэ этин сиибит. Дьиэ кэргэнинэн оттуубут, сир астыыбыт, тэллэйдиибит, сөтүөлүүбүт. Оһоҕунан оттуллар дьиэлээх буоламмыт, саас аайы бары тутуспутунан тахсан мастыыбыт.
Трофимовтар оҕолоро бары сахалыы ааттаахтар, үлэни, чөл олоҕу, спорду өрө тута иитиллибит дьон.
– Улахан кыыспыт Сардаана ийэтин батан эмиэ иистэнэр, сахалыы таҥаһы тигэр. Бэйэтэ түөрт оҕолоох ийэ, Аммаҕа кийиит буолан олорор. Иккис кыыспыт Нораяна эмиэ ийэ, иккискэ үөрэнэр кыыс оҕолоох. Утумнаахтык мас тардыһыытынан дьарыктанар, Саха сирин уонна Арассыыйа маастара. Бу билигин эмиэ Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиигэ бараары бэлэмнэнэр. Кыыспыт билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы миэстэҕэ сылдьар, былырыын аан дойдуга кыттан иккис миэстэ буолбута. Нораны мас тардыһыытыгар убайа, улахан уолбут Сахаяр уһуйбута, хомойуох иһин, кини билигин биһиги кэккэбитигэр суох. Уолбут эмиэ мас тардыһыытынан ситиһиилээхтик дьарыктаммыта. Биир уолбут Дьулурхан Дьокуускай куоракка устудьуон, эмиэ спордунан дьарыктанар, хайыһардьыт. Былырыын ХИФУ хамаандатыгар киирэн миэстэлэһэн турар. Оскуолаҕа да үөрэнэр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэргэ үчүгэйдик кыттара. Орто уолбут Күндэлэй 11 кылааска үөрэнэр, эмиэ мас тардыһыытынан дьарыктанар. Кыра кыыспыт Күлүмчээнэ 7 кылаас үөрэнээччитэ, сүүрүк. Мурун бүөтэ Мургун иккис кылааска үөрэнэр, боруобаланан тустуунан дьарыктанан эрэр, бэлиэр хас да күрэхтэһиигэ кытынна. Спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктаналларын оҕолорбут бэйэлэрэ талаллар, биһиги сүбэһит буолабыт уонна бары өттүнэн өйүүбүт.
Михаил Егорович уол оҕону иитии туһунан бэйэтэ бүччүм санаалардаах. «Уол оҕо дьиҥнээх эр киһи, Аҕа дойдуну көмүскээччи буолуохтаах», – диир кини.
– Тус бэйэм санаабынан, биһиги, эр дьон, оҕо иитиитин наар дьахтарга сүктэрэн кэбистибит. Сэбиэскэй саҕана эр киһи үлэттэн ордубата, дьиэҕэ көстөрө ахсааннаах буолара. Билиҥҥи үйэҕэ, төттөрүтүн, дьахтар үлэлиир, эр киһи иллэҥсийдэ. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа – дьахтар аймах, аны дьиэлэригэр – ийэлэрэ. Онон эр киһи оҕону иитиигэ кыттыһар кэмэ кэллэ диибин. Уол оҕону аҕа киһи иитиэхтээх, бэйэтин холобурунан, батыһыннара сылдьан, эт-хаан өттүнэн эрчийэн. Билиҥҥи уол наһаа көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ сыһынна. Онон булгуччу бэйэни кытта илдьэ сылдьыахха, үлэлэтиэххэ-хамсатыахха наада. Саамай бэлиэтиэхпин баҕарарым – патриотизмтан тэйэн хааллыбыт. Оскуолаларга НВП уруоктарын сөргүтүөххэ наада. Сайыҥҥы лааҕырдары тэрийиэххэ, окко уолаттары илдьэ сылдьыахха, үлэлэтиэххэ диэн этии киллэрэ сылдьыбытым. Уол оҕо буһуохтаах-хатыахтаах уонна аармыйаҕа булгуччу сылдьыахтаах диэн бигэ эрэллээхпин.
Михаил Егорович ити этэрэ оруннаах, бэйэтэ спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаммыт, нэһилиэк эр дьонун түмэр, ыччакка холобур буолар киһи.
– Эдэрбиттэн спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаммытым, ордук тустуунан, волейболунан. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар күрэхтэһиилэргэ наар кыттааччыбын. Нэһилиэкпитигэр Кононов Алексей Юрьевич баһылыгынан талыллыаҕыттан, кинилиин сүбэлэһэн, 2016 сылтан «Эрчим» диэн эр дьон түмсүүтүн тэрийбиппит. Миигин түмсүү бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Бастакы хардыыларбытын субуотунньуктартан саҕалаабыппыт. Кэнники регистрациялатаммыт кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэ диэн буоллубут, инньэ гынан ыырбыт кэҥээн иһэр. Тэрээһиннэрбитин үбүлээри, усунуос олохтообуппут, бастаан тыһыынчалыы, кэнники биэстии мөһөөк гынныбыт. Сыл саҥатыгар мунньахтыыбыт, былааммытын оҥостобут, онон сиэттэрэн үлэлиибит. Түмсүүбүтүгэр эдэр уолаттартан саҕалаан оҕонньотторугар тиийэ икки сүүсчэ киһилээхпит. Сүрүн үлэлэрбитин кэпсиир буоллахха, саҥа оҕо уһуйаанын тутуспуппут. Уопсайынан, нэһилиэккэ ыытыллар үлэҕэ барытыгар субуотунньуктаан кытта сатыыбыт. Холобур, ыһыыга кэлбит бурдугу сүөкүүргэ көмө наада буолар, онно эмиэ биһиги тиийэбит. Бастаан тэриллэрбитигэр дьону түмэр уустуктардаах этэ, билигин мустабыт диэтибит да, бары кэлэллэр.
Итини таһынан «Эрчим» түмсүү нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар күүс-көмө буолар, араас таһымнаах күрэхтэри тэрийэр.
– 2016 сылга, тэриллээт, нэһилиэкпит кырдьаҕастарыгар байанай бэлэҕэ диэн Ньукуолуҥҥа кус түҥэппиппит. Кэнники эр дьоно суох ыалларга, соҕотох ийэлэргэ түҥэтэр буоллубут. Билигин кустарыттан баҕа өттүнэн кыттыһар булчут элбээтэ, онон бэлэхпит да эбилиннэ диэн үөрэбит. Күһүн, муҥха буолла даҕаны, эмиэ оннук гынабыт. Харчыбытын кыттыһаммыт, Санкт-Петербургтан сакаастааммыт нэһилиэккэ улахан муҥха атыыласпыппыт. Инньэ гынан нэһилиэнньэни муҥхалатабыт. Онно биир уолу анаабыппыт, муҥханы кини көрөр-истэр. Ол быыһыгар оскуола оҕолоругар диэн эмиэ туспа муҥха тэрийэбит.
Аны куйуур күрэҕин ыыппыппыт түөрт-биэс сыл буолла. Бастаан нэһилиэкпит иһигэр тэрийэн баран, ыаллыы нэһилиэктэрбитин ыҥырар буолбуппут, онтон аны кэнники үс сыл улуус таһымыгар таҕыстыбыт. Улахан болҕомтону төрүт дьарыкпытыгар оҕону уһуйууга уурабыт, ол иһин хамаандаҕа булгуччу оҕо баар буолуохтаах. Икки улахан киһи кыттар – кырдьаҕас уонна орто саастаах. Күрэхпит бириистэрин барытын бэйэбит булабыт. Баһылыкпыт Кононов Алексей Юрьевичтыын ыкса үлэлэһэбит. Ол курдук, муус ылыытын тэрийсэбит, эмиэ кырдьаҕас-кыаммат дьоммутугар көмөлөһөн түҥэтэбит.
Былырыын нэһилиэкпит ыһыаҕар кырдьаҕас үлэһиттэрбит ааттарын үйэтитээри тыраахтыр күрэҕин иилээн-саҕалаан ыыппыппыт, онно 8 хамаанда кыттыбыта. Ол кэнниттэн күһүн улуус салалтата биһиэхэ кэлэн Тырахтарыыс күнүн тэрийбитэ, онно уон хамаанда кытынна.
Кэпсэтиибит түмүгэр, Михаил Егорович кэрэ аҥаардары барыларын бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, хаһыаппыт нөҥүө олоҕун аргыһыгар дириҥ иэйиитин тириэртэ.
– Тапталлаах кэргэммэр Мария Егоровнаҕа махталым муҥура суох, сэттэ оҕону күн сирин көрдөрөн, улаатыннаран, дьиэтин-уотун, сүөһүтүн-аһын барытын бэйэтэ бэрийэн кэллэ. Мин үлэбинэн наар суохпун, ол быыһыгар ыйы-ыйынан бултуу баран хаалааччыбын. Күндү киһибин Аан дойдутааҕы дьахтар күнүнэн эҕэрдэлиибин уонна чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабын.