07.11.2024 | 14:13

Михаил Николаев төрөөбүт күнүнэн «Махтал» кэнсиэр ыытыллар

Михаил Николаев төрөөбүт күнүнэн «Махтал» кэнсиэр ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 13 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүнэн «Махтал» кэнсиэркэ ыҥырабыт, диэн иһитиннэрэр Николаев-Киин.

Тэрээһин В.А. Босиков аатынан Музыка Үрдүкү оскуолатын, Аксения уонна Наталья Посельскайалар ааттарынан балет оскуолатын, Николаев-Киин өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстарын уонна Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын көҕүлээһиннэринэн ыытыллар. 
Кэнсиэр А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр күнүс 16:00 чаастан ыытыллар. Киириитэ босхо. 
Санатар буолахха, Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһыгар уонна социальнай-экономическай сайдыытыгар уһулуччулаах кылаатын сыаналаан, Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 13 күнүн Саха сиригэр Инновация күнүнэн биллэрбитэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...