06.11.2024 | 11:00

Дьокуускайга уонна улуустар кииннэригэр 39 Ийэ оскуолата үлэлиир

Дьокуускайга уонна улуустар кииннэригэр 39 Ийэ оскуолата үлэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлкэ улуустарын кииннэригэр арыллыбыт Ийэ оскуолаларыгар хат дьахталларга оҕо күүтэр кэмнэригэр араас хабааннаах көмөнү оҥороллор.  
Биир оннук оскуола Таатта улууһун киин балыыһатыгар үлэлиир. Ийэ буоларга бэлэмнэнэр дьахталларга уопуттаах акушердар уонна гинекологтар консультациялары биэрэллэр. «Бырагыраама быһыытынан, сөпкө аһааһынтан саҕалаан, массааска уонна эмтэриигэ тиийэ үөрэтэбит», - диэн иһитиннэрэр уопуттаах акушер, доруобуйа харыстабылын туйгуна Антонина Павлова. Оройуоҥҥа бүгүҥҥү күҥҥэ учуокка 72 хат дьахтар турарыттан, үгүстэрэ бу дьарыктарга көхтөөхтүк сылдьаллар. Кинилэри кытта медико-психолого-социальнай көмө кабинета эмиэ үлэлэһэр. 


Бэлиэтээн эттэххэ, сыл аҕыс ыйын түмүгүнэн Саха сирэ Уһук Илин регионугар оҕо төрөөһүнүгэр инники кэккэҕэ сылдьар. Онуоха ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйүүр харчынан көмө кээмэйэ кэлиҥҥи алта сылга 8 төгүл улаатан, 29,5 млрд солк. тэҥнэспитэ эмиэ төһүү буолара саарбаҕа суох. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр маннык 50-ча араас социальнай өйөбүл көрүҥэ үлэлиир, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....