06.11.2024 | 01:15

Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!

Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

12 №-дээх саҥа маршрут

Cаҥа маршрут 25-с уонна 15-с №№-дээх маршруттар оннуларыгар киирэр.  Бастакы уонна тиһэх тохтобула – 1-кы Борисовка. 
Көнөтүк барарыгар: 1-кы Борисовка – Арктическай оскуола – Сосновай бор (Билибин уул.) – Баһаарынай чаас – Билибин, 43 – 18 №-дээх оскуола – Автодром – Ильменскай – Советскай – Лонгинов – Сайсары – «Айхал» оҕо киинэ – Каландаришвили (Лермонтов) – 103-с кыбаартал – Ростелеком – Петровскай – 17 №-дээх оскуола – Доҕордоһуу болуоссата – Ленин болуоссата– «Центральнай» киинэ тыйаатыра – Спорт оскуолата – Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ – Банковскай – Архыып – ЯКСМК – Якутская – Кольцевая – Кыайыы паарката – Севастопольскай – Можайскай – Новопортовской – 2-с Борисовка – Газомагистральнай – Рамсар –2-с даамба – Сосновай бор (Хатыҥ Үрэх шоссета) – Механизатор – Металлобаза – Хуторок – Чочур Муран – Бүлүүлүүр суол 6 км – 1-кы Борисовка.

Төттөрү барарыгар эмиэ 1-кы Борисовкаттан Бүлүүлүүр суолга тахсар уонна эмиэ бу маршрутунан таҥнары айанныыр, Кольцевой оннугар «Столичнай» ырыынагынан эргийэр.


 
35 №-дээх маршрут 

Быйыл Речниктэр уулуссалара өрөмүөннэммитин, былырыын Бабушкин, Кржижановскай уулуссалара оҥоһуллубуттарын бэлиэтээн туран, оптуобустар Рихард Зорге уулуссатынан Речниктэр, Бабушкин, Кржижановскай уулуссаларын ааһан, Очиченко уулуссатыгар тиийэллэр, онтон салгыы олохсуйбут схеманан айанныыллар.
Промышленнай уокурук олохтоохторо «Столичнай» ырыынакка диэри супту тиийэр кыахтаналлар.

(Маршрут «КИТ маҕаһыын» тохтобултан хоҥнор уонна онно эргийэн кэлэр)
Көнөтүк барарыгар: КИТ – Рихард Зорге – 4 №-дээх почта – 2 №-дээх спорт оскуолата – ГРЭС – Блюз – Кожзавод – Авиагруппа – Водоканал – Энергосбыт – Уу тырааныспарын института – Кыайыы болуоссата – Алмазэргиэнбаан – Прогресс – Баанньык – 2 №-дээх универсам – Аммосов аатынан сквер – Университет – КФЕН – Сайсары муостата – Арктическай университет – 3 №-дээх поликлиника – Гимеин – Ийэ скверэ – Сайсары күөл – Набережнай – 14 №-дээх оскуола – Каландаришвили – 103-с кыбаартал – Ростелеком – Октябрьскай – «Туймаада» стадион – Бааһынай ырыынага – Областнай балыыһа – Манньыаттаах – Котенко уулуссата – Онкология диспансера – 27 №-дээх оскуола – Новинка – 8 Марта – Профлицей – ЯКСМК – Якутская – Саҥа хлебозавод – СПИД центр – Очиченко – Патриот – 1-кы колония – Патриот – Очиченко – КамАЗ автоцентр – Беринг – Бабушкин – КИТ.
Төттөрү өттүгэр барарыгар «Саҥа хлебозавод» тохтобултан Якутская уулуссаҕа Столичнай ырыынагынан ааһар.
 
Санатар буоллахха, куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко уонна «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» МХТ салайааччыта Эдуард Садовников ааспыт нэдиэлэҕэ Сайсары олохтоохторун кытта оптуобустар маршруттарын саҥа схематын  дьүүллэспиттэрэ.
Ол курдук, Сайсары уокуругун олохтоохторо билиҥҥи 15-с №-дээх маршрут оннугар саҥа 12-с №-дээх маршрут киирэриттэн долгуйалларын биллэрбиттэрэ. Маны сэргэ 6-с №-дээх маршруту Три Сосны уулуссаҕа киллэрэн, оҕолор 18-с уонна 14-с №№-дээх оскуолалаларга кыһалҕата суох сылдьалларын хааччыйар наадатын бэлиэтээбиттэрэ. Өссө биир этиинэн куорат машруттарын барытын муниципальнай оҥоруу буолбута.
Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата иһитиннэрэринэн, 2, 4, 5, 6, 7, 12, 14, 16, 19 уонна 35 №№-дээх оптуобустар сэтинньи ый бүтүүтэ саҥардыллыбыт схеманан сырыыларын саҕалыахтара.
Оттон оптуобустар саҥа схемаларын Олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар https://yakutskcity.ru/press-tsentr/novaya-marshrutnaya-set-kak-budut-ezdit-avtobusy-v-gorode-yakutske/ эбэтэр «Киин куорат» хаһыат саайтыгар билсиҥ: https://kiinkuorat.ru/articles/optuobus-reformata-sistiemeni-biirde-saba-tutan-ularytar-tabyllybat
 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....