05.11.2024 | 13:35

Ил-эйэ ичигэс тыына иилии кууста

(Хатаска Ил күнэ олус сэргэхтик ааста)
Ил-эйэ ичигэс тыына иилии кууста
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Ил-эйэ илгэлээх тыыныгар олус диэн наадыйар кэмҥэ олорорбут кистэл даҕаны, сымыйа даҕаны буолбатах. Үрдүбүтүгэр киэҥ куйаарга эйэлээх халлаан наадатын эппитинэн-хааммытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан биллибит, ол туһугар долгуйабыт, ис сүрэхтэн кыһаллабыт.

Саха дьоно барахсаттар, Эллэй эһэбит эппитинэн, Омоҕой оҕонньор олохтообутунан, эйиэнэ-миэнэ диэбэккэ, түөлбэлээн олорор үтүөтүн билэбит. Дьокуускай куорат хонноҕор кэҥээн-тэнийэн, силис-мутук тардан, аныгы олох балысхан баалларыгар охсуллубакка сахалыы өйү-санааны, төрүт үгэстэри, сатабылы тутан олорор хайҕаллаах Хатаспытыгар Сахабыт сирин бары улуустарыттан элбэх киһи кэлэн олохсуйан, олбуорданан, тэлгэһэлэнэн, сирдэнэн-уоттанан, оҕолонон-урууланан, көлүөнэ ситимин тутан олорор. Ол эрээри ханнык баҕарар киһиэхэ төрүт дьонун, хаан-уруу аймахтарын дойдута, киинэ түспүт, күн сирин көрбүт сирэ-уота олоҕун тухары дууһатын уоскулаҥа, сүрэҕин чопчута буолар.

Бу этии туоһутунан Хатаска Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн «Ил күнэ» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Дьэ манна буолла туох-хайдах дьонноох-сэргэлээх дойдуга кэлбиппиний диэн сэргээһин, “былыр үйэ кэлэн” силиһэ-мутуга дириҥээбиттэри, хос сиэҥҥэ диэри кэҥээбиттэри айхаллааһын, өрдөөҥҥү доҕоттору көрсөн сырдыы үөрүү!

Бу күн 11 улуустан силистээх-мутуктаах дьон Хатас туһугар туруулаһан үлэлээбит биир дойдулаахтарын доргуччу ааттаатылар. Ол курдук, таатталар – Виталий Васильевич Сивцевы, Агафья Поликарповна Баишеваны, «Баҕарах» түөлбэ салайааччыта Попов Николай Семеновиһы уо.д.а., уус алданнар – Бээрийэ, Түүлээх (Уус Алдан), Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Анна Ионовна Копырина, СӨ норуотун маастара, РФ үтүөлээх бырааһа Людмила Степановна Саввинаны, СӨ норуотун айымньытын маастара Анна Петровна Пестереваны, СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна Николай Михайлович Андросовы, ньурбалар – Учууталлар учууталлара, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Евгения Степановна Иннокентьеваны, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Титовна Семенованы, СӨ култууратын туйгуна, талба талааннаах Саргылана Васильевна Григорьеваны, бүлүүлэр – РФ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Герасим Семенович Васильевы, 7 №-дээх спорт оскуолатын 21 сыл салайбыт Евгений Егорович Гоголевы, “Таба”НАУоК төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Иван Афанасьевич Абрамовы уо.д.а. бииртэн биир киһи киэнэ кэрэмэстэрин, саха киэнэ саарыннарын.

Талах курдаах таатталар туох да омуна, албына суох Тааттаттан кэлбит талаҕынан курданан киирбиттэрэ тыл-өс мээнэҕэ буолбатаҕын туоһулаата. Өлүөхүмэлэр далааһыннаахтык, ымпыгар-чымпыгар тиийэ ааҕынан-суоттанан, оҥостон-симэнэн, сценаны толору турдулар, ыллам-дьэллэм ырыаһыттара эстрада сулустарыттан хаалсыбаттыы дэлэйдик-холойдук ыллаатылар. Горнайдар аан дойду таһымнаах күрэхтэр муҥутуур кыайыылахтарын иитэн таһаарбыт Варвара Иосифовна Контоеваны иннилэригэр уктан, Манчаары оонньууларын «сирэйдэрэ» буолбут  киһи саҕа куукулаларынан арыалланан киирбиттэрэ астык көстүү. Сунтаар улууһа төрүт тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэрбит оһуохайы чорботто, бүлүүлэр ытыс ымыыта хомуска бэрт түргэнник ансаамбыл тэринэ охсон, дьүрүскэн дорҕоону көтүттүлэр, үөһээ бүлүүлэргэ, ньурбаларга, сунтаардарга саха санаалаах хайҕабылын ылбыт Людмила Спиридонова, Игорь Егоров, Юрий Гольдеров көмө-тирэх буоллулар. Өлөөннөр хоту дойду олохтоохторо күҥҥэ күүстээх тардыһыыларын, олоххо баҕаларын тулхадыйбат туоһута буоллулар. Манна буолла талааннаахтары, дьоҕурдаахтары былдьаһа-тараһа, күлэ-оонньуу, «хайа, доҕор, эн биһиэнэҕин ээ» диэн “өйдөтөр” этиилэр.

Бэстибээл биир түһүмэҕинэн олохтоох библиотека бэлэмнээбит Хатас туһунан викторина буолла.

Ити курдук дьоро киэһэ устата иэйэн-куойан туран суруллубут хоһооннор ааҕылланнар, ырыалар ыллананнар, оҕо-уруу холбоһон, эбээ-эһээ сэргээн, ас-үөл да атыыланан, 2025 сылга бэлиэтэниэхтээх Хатаспыт 380 сылыгар бэлэмнэнии саҕаланна.

Оттон мустубут дьон киирэр аантан уруйдуу көрсүбүт сылаас алаадьы дыргыл сытын, итии үүттээх чэй минньигэс амтанын, сомоҕолоһуу, түмсүү тыынын өтөрүнэн умнубаттара чуолкай. Эбиитин тэрийээччилэргэ – Хатас дьаһалтатын баһылыга Е.П. Пермяковка уонна «Тускул» КК дириэктэрэ В.А. Чепаловка – эһиилги «Ил күнүн» өссө киэҥ сиргэ – саҥа тутуллубут «Дьулуур» спорт саалатыгар ыытарга этии киллэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....