05.11.2024 | 18:59 | Просмотров: 345

Арассыыйа оборонаҕа министиэристибэтин үрдүк үөрэхтэригэр ыҥыраллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат байыаннай комиссариата 24-гэр диэри саастаах уолаттары Хабаровскай, Москва, Санкт-Петербург, Омскай, Пермь, Владивосток, Новосибирскай, Саратов куораттарга байыаннай үөрэх кыһаларыгар ыҥырар.
Арассыыйа оборонаҕа министиэристибэтин үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар, уопсай байыаннай, байыаннай-воздушнай, байыаннай-морской академияларга, сибээс академиятыгар, байыаннай-медицинскэй, Росгвардия, ЫБММ үөрэх кыһаларыгар үөрэниэн баҕалаахтар уопсай орто уонна орто анал үөрэхтээх буолаллара ирдэнэр. Үөрэх босхо, устудьуоннар уопсай дьиэнэн, байыаннай форманан, истипиэндьийэнэн хааччыллаллар, канкулларга босхо айанныыр кыахтаахтар.
Үөрэххэ туттарсыы бэрээдэгин сиһилии Mil.ru РФ оборонаҕа министиэристибэтин официальнай саайтыгар билсиҥ. 
Докумуоннары 2025 сыл муус устар 25 күнүгэр диэри туталлар. Сиһилии информацияны Дьокуускай к., Октябрьскай уул., 22 аадырыстан 40 каб. эбэтэр 36-51-73 төлөпүөнүнэн билсиэххэ сөп, диэн иһитиннэрэр Дьокуускай куорат байыаннай комиссариата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...