01.11.2024 | 16:50

Роман Дмитриев аатынан кытыл Дьокуускайга сэтинньи 4 күнүгэр арыллар

Роман Дмитриев аатынан кытыл Дьокуускайга сэтинньи 4 күнүгэр арыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 4 күнүгэр күнүс 12:00 чаастан Дьокуускай куоракка улуу олимпиец Роман Дмитриев аатын сүгэр кытылы арыйыы үөрүүлээх церемонията былааннанар.
2021 сыллаахха оччолорго Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев: «Куорат 202-с түөлбэтигэр биһиги Роман Михайлович Дмитриев аатынан кытылы тутар санаалаахпыт. Бу бырайыагы 2024 сылга диэри олоххо киллэрэр сыалы туруорабыт. Үүнэр көлүөнэ дьоммут улуу биир дойдулаахтарын ахта-саныы сылдьыахтаах. Оҕолорбут пааматынньык аттыгар туран: «Бу кимий?» – диэн ыйыттахтарына, биһиги «саха норуотун аан дойду үрдүнэн өрө көтүппүт, бүтүн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит киһи, биһиги кини туһунан өйдүү сылдьыахтаахпыт» диэн дьоһуннаахтык хоруйдуохтаахпыт,– диэн турар.
Бу сайын «Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэтин суол тутуутугар салаатын салайааччыта Владимир Макаров: «Киин куорат» хаһыакка Роман Дмитриев аатынан кытыл өрөмүөнүгэр 367 мөл. сокуобай үп-харчы көрүллүбүтүн туһунан этэн турар. «Үлэ барар кэмигэр бырайыакка уларыйыылар киирбиттэрэ. Ол курдук, көннөрү тротуар билиитэтин гранит тааска уларыппыппыт. Оттон көҕөрдүү уонна мас олордуу үлэтэ эһиил саҕаланыаҕа, быйыл буорун кутан, бэлэмнээн эрэ биэрэбит. Урут киоскалар турар сирдэрин хааллардыбыт, онно “СТО” МУП атыыны-эргиэни тэрийиэхтээх. Маны таһынан икки сылаас тохтобул үлэҕэ киириэҕэ.
Хантараак усулуобуйатын быһыытынан толору өрөмүөн сэтинньи ыйга түмүктэниэхтээх», – диэн иһитиннэрбитэ. 
Ол күн тиийэн кэллэ. Дизайн-бырайыак быһыытынан, манна сөтүөлүүр сири устунан амфитеатр, суунар, таҥас уларыттар кабинкалар, ийэ уонна оҕо хосторо, хачыаллаах чарапчылар, оҕо балаһаакката, атыы-эргиэн эрээттэрэ бааллар.
Үс смотровой балаһааккаттан иккитэ чарапчылаах. Улуу спортсмен аатыгар-суолугар сөп түбэһиннэрэн, итиннэ эти-сиини эрчийэр «Коркин тренажердара», воркаут балаһааккалар баар буолуохтаахтар. Бастакы смотровойга Өлүөнэ өрүскэ судоходство 100 сылыгар анаммыт пааматынньык оннунан хаалар. Суол уонна тротуар икки ардыларыгар оттоох-мастаах, ыскамыайкалардаах парклеттар бааллар. Уулуссаны сэргэ дьоҕус архитектурнай оҥоһуктарга эмиэ сырдатыы баар буолар.
Сэтинньи 4 күнүгэр бу кэрэ туонаны үөрүүлээхтик арыйыы былааннанар. Роман Дмитриев аатынан кытыл Дьокуускай куоракка баар буолла!
Санатар буоллахха, быйыл Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылынан төрөөбүт дойдутугар Эдьигээҥҥэ эмиэ кини аатын сүгэр элбэх функциялаах спорт саалата тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлкэ Ил Дархана Айсен Николаевы сэргэ Роман Дмитриев доҕоро, олимпиец, норуот дьокутаата Павел Пинигин ыалдьыттаан турар. Саҥа эбийиэк Арассыыйа арктическай эргимтэтин социальнай сайыннарыы былаанынан олоххо киирбитэ. Тутуу генеральнай бэдэрээтчитэ «БАРТ-Строй» хампаанньа, диэн иһитиннэрбитэ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс -сулууспата. Хаартыскалар: «Главстрой» МХТ уонна «Google Карты» сыһыарыы

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....