02.11.2024 | 12:00

Былыргы нуучча иконаларын быыстапката арылынна

Былыргы нуучча иконаларын быыстапката арылынна
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Алтынньы 25 күнүттэн Национальнай ойуулуур, дьүһүннүүр түмэлгэ худуоһунньук-реставратор Адольф Овчинников Былыргы Ладога, Псков уонна Новгород таҥара дьиэлэри фрескаларын уонна иконаларын саҥардан уруһуйдаабыт хартыыналарын быыстапката арылынна.

Худуоһунньук-реставратор уонна былыргы нуучча уруһуйун чинчийээччи Адольф Николаевич Овчинников (1931–2021 сс.) VIII-XV-с үйэлэрдээҕи таҥара дьиэлэрин фрескаларын кичэллээхтик үөрэтэн, үтүктэн уруһуйдаабыта реставрация эйгэтигэр улахан кылааты киллэрбитэ. Олор истэригэр Былыргы Ладогаҕа Георгиевскай таҥара дьиэтэ, Улуу Новгород куоракка Преображенскай Спас таҥара дьиэтэ уо.д.а. бааллар.

“Өрөспүүбүлүкэ национальнай ойуулуур, дьүһүннүүр түмэлэ И.Э. Грабарь аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы ускуустуба научнай-реставрационнай киинин, чопчулаан эттэххэ, “Адольф Овчинников иконотекатын” кытта ураты быыстапканы арыйда. Бу түгэҥҥэ анаан быыстапка салайааччыта Александр Анатольевич Горматюк кэлэн, биһиги түмэлбитигэр экспозицияны оҥорорго көмөлөстө. Былыргы нуучча уруһуйун сайдыытын билиһиннэрэр бу быыстапка ураты эйгэтин бииргэ оҥордубут”, — диэн түмэл дириэктэрэ Влада Тимофеева суруналыыстарга кэпсээтэ.

Бүтүн Арассыыйатааҕы художественнай научнай-реставрационнай киин хомуурунньугуттан “Былыргы нуучча уруһуйа А.Н. Овчинников нэһилиэстибэтигэр” диэн быыстапкаҕа 38 экспонат, ону тэҥэ Национальнай ойуулуур, дьүһүннүүр түмэл пуондатыттан 90-ча хартыына, мал-сал киирдилэр. Ол курдук, Овчинников айар үлэтигэр орто үйэлэр саҕанааҕы былыргы нуучча куораттарын киин таҥара дьиэлэриттэн ымпыгар-чымпыгар диэри үтүктэн уруһуйдаабыта уонна иконография сыллар устата хайдах уларыйбытын көстөр.

“Мин санаабар, 12-с үйэттэн 16-с үйэҕэ диэри былыргы нуучча уруһуйун көрдөрөр кыах баара дойдубут култууратыгар улахан суолталаах. Бу сүрүннээн Адольф Николаевич Овчинников айымньылара, 1950-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕалаан олоҕун тухары үлэлээн кэлбитэ. Бу үлэлэр бары реставрация түмүгэ, ол аата — уруһуй туох баар уобарастарын, матырыйаалларын чинчийэн уонна ити түмүгүнэн толору хатылааһын буолар, — диэн Александр Горматюк суруналыыстарга быыстапка сүрүн санаатын туһунан кэпсээтэ. Ону таһынан быыстапка таҥара дьиэтин ис өттүн үтүктэр инсталляциялардааҕын бэлиэтээтэ. Быыстапка саалатыгар киирэн ыалдьыт таҥара дьиэтигэр сылдьар курдук сананар: сөрүүн салгын, симик уот уонна таҥара дьиэтигэр курдук мэлииппэ-ырыалар иһиллэллэр.

“Биһиги быыстапка тиэмэтинэн лиэксийэлэри ыытыахпыт, епархияттан исписэлиистэри, искусствоведтары уонна аҕабыыттары ыҥырыахпыт. Анал саалаҕа Грек Феофан, Рублев, Дионисий уонна реставратордар үлэлэрин туһунан киинэлэр көрдөрүллүөхтэрэ. Улахан худуоһунньуктар ааттарын бары билэр буоллахтарына, улахан үлэни ыытар реставратордар ааттара үгүстүк киэҥ араҥаҕа биллибэт», — диэтэ Влада Тимофеева.

“Былыргы нуучча уруһуйа А.Н. Овчинников нэһилиэстибэтигэр” быыстапка түмэл бастакы этээһигэр ыытыллар уонна 2024 сыл алтынньы 25 күнүттэн — 2025 сыл тохсунньу 19 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....