01.11.2024 | 18:00

Санааҕытын түһэримэҥ!

Санааҕытын түһэримэҥ!
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.

Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы бэчээттэппитим буолуой?! Оттон кини тус олоҕун туһунан  сиһилии билбитим, чахчы даҕаны, киинэҕэ көстөртөн итэҕэһэ суох уустук дьылҕалаах, күүстээх санаалаах дьиҥнээх эр бэрдэ эбит.

«Эрэл» инбэлииттэр  уопсастыбаларын салайааччыта, «Айар Кут» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, хаартыска, кинигэ бэчээтинэн дьарыктанар «Долун» тэрилтэ төрүттээччитэ Егор Федоров-Долун – биһиги бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит.

Егор Гаврильевич, Сочи куоракка доруобуйаларынан хааччахтаахтар ортолоругар Арассыыйа күрэҕэр Саха сирин хамаандата бастаан кэлбититтэн кэпсэтиибитин саҕалыах.

Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ортотугар куруук ыытыллар. Быйылгы күрэхтэһиигэ Саха сириттэн барбыт хамаандабыт маҥнайгы миэстэни ылан, кыайыылаах үрдүк аатын сүгэн кэллибит.

Сочи куоракка буолан ааста. Хамаанданы Лилия Егорова салайан илдьэ сырытта. Күрэхтэһии көрүҥэ элбэх: парабиатлон, дартс, теннис, дуобат, бочча, саахымат. Мин саахымат көрүҥэр кыайыылаах буоламмын, хамаандам бастыырыгар сэмэй кылаатым баарыттан үөрэбин. Күрэх швейцарскай систиэмэнэн барда. Москуба, Петербург, Нижний Новгород, Башкортостан, Осетия курдук сирдэртэн күүстээх оонньооччулардаах хамаандалары кытары күөн көрсүһүү буолла.

Саахыматынан хаһааҥҥыттан дьарыктаммыккыный? Төрөппүттэриҥ, оҕо сааһыҥ туһунан ахтан ааһыах.

1971 сыллаахха  Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр сэттэ оҕолоох ыалга орто оҕонон төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам иккиэн сопхуос хотонугар олохторун үтүөтүн бараабыттара, иккиэн бэтэринээрдэр этэ.  

Оҕо эрдэхпиттэн ийэлээх аҕам саахыматтыылларын көрө улааппытым. Аҕабыныын дьиэм иһигэр наар оонньуур этибит, хотоору гыннаҕына, «кыайыы кыһыл былааҕа тэтэрэн эрэр» диэн күлэрэ-үөрэрэ.

Егор Гаврильевич, эн айар эйгэҕэ кэпсээнньит быһыытынан биллэҕин.

Уус-уран литератураҕа киирдэххэ, оҕо эрдэхпиттэн суруйабын. Кыра сырыттахпытына ийэбит барыбытын остуол тула олордуталаан баран «Хотугу сулус» сурунаалтан кэпсээн ааҕара. Оннук киэһэлэр үксүн суорат сии олордохпутуна буолара. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан кинигэ ааҕыытыгар ылларбытым, кыра кылаастартан Робинзон Крузоттан саҕалаан, Мопассан уон туомун эккирэппитим. Уруоктарга учууталлартан элбэхтик сэмэлэнэрим даҕаны, кинигэбин былдьатарым даҕаны. Дьиктитэ баар, ол кинигэлэрбин төттөрү биэрбэт этилэр. Ханна гыналларын билбэтим. Бука, библиотекаҕа туттаран эрдэхтэрэ. Ол сылдьан кыралаан хоһоон айар буолбутум, кылгас кэпсээннэри да суруйталыырым. Суруйталаабыппын тырыта тыытан суох гынан испиппиттэн билигин хомойо саныыбын.  Төһөлөөх элбэх айымньы, сюжет симэлийбитэ буолла?

Кэлин кэпсээннэрим «Чолбоҥҥо», «Күрүлгэҥҥэ», өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар барытыгар бэчээттэммиттэрэ. Прозаҕа түөрт кинигэлээхпин.

2018 сыллаахха Валерий Никифоров – Суор Уола буоламмыт «Айар Кут» диэн суруйааччылар сойуустарын тэрийбиппит. Сойуус төрүттэммитин кэннэ, тэрилтэ хайаатар да сурунааллаах буолуохтаах диэммит, ону ылсан барбыппыт. Сурунаалбытын «Айар Кут» диэн ааттаабыппыт, онтубут аҕыйах ахсаанынан тахсар. Бу кэлэр 2025 сылтан тирааһын элбэтэн баран, библиотекаларга тарҕатар үлэни ыытыахтаахпыт.

2013 сыллаахха «Хопто хаһыыта» кэпсээҥҥинэн режиссёр Аркадий Новиков уус-уран киинэ устан турардаах. Бу олоххо буолбут түбэлтэ дуо?

Арыычча улаатан баран табаарыспыныын Радик Даниловтыын Өлүөнэ очуостарын диэки наар балыктыы барар этибит. Ол сылдьан биирдэ кулуһун тула олордохпутуна, биир киһи кэлэн кумахтан кыыһы булбуттар диэн кэпсээбитэ. Үһүйээн буоллаҕа. Онно олороммут, кэпсэтиибит «ууга түһэн өлбүт киһи дууһата хоптоҕо кубулуйар» диэҥҥэ тиийбитэ.

Аһаан баран кумахха баран сыттахпына, үрдүбүнэн хоптолор көт да көт. Онно сытаммын ити ууга түһэн өлбүт кыыс дууһата бу сылдьара буолуо  диэн санаа төрүт өйбүттэн тахсыбатаҕа. Ити курдук кэпсээн сюжета үөскээбитэ. Балыктыы сылдьар киһиэхэ суруйарым да суох, билиҥҥи курдук илиибэр төлөпүөн да суох. Онон өйбөр хатанан хаалбытынан эрэ суруллубута.

Кэлин билбитим, олоххо ол чахчы буолбут түбэлтэ эбит этэ. Эдьигээн кыыһа сүтэн хаалбытын өрүс кытылыттан булан ылбыттар. Оруобуна мин үөлээннээҕим кыыс. Ону кэпсээн оҥорон таһаарбытым.

«Хопто хаһыыта» кэпсээним 2012 сыллаахха прозаҕа бастакы миэстэни ылбыта. Саха литературатыгар саҥа сүүрээн ыарахан жанр быһыытынан киирбитэ. Ол түмүгэр эдэр суруйааччылар 18-с сийиэстэригэр ыҥырыллан кыттыбытым.

Куйаар ситиминэн хаартыска бөҕөнү бэчээттээтэҕиҥ. Бу тустаах дьоҥҥо аһары наадалаах өҥө эбээт. Уонна оттон сурунааллары таҥан, оҥорон таһаарар эбиккит дии?

Куоракка киирэн бараммын «Үһүс көлүөнэ оскуолата» Социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи кэлим киинигэр үлэлээбитим. Ол кэмҥэ дьон бассаап нөҥүө ыытар хаартыскатын кумааҕыга бэчээттээн таһаарар өҥөнү Дьокуускай куоракка аан бастаан мин саҕалаабытым. Онно үлэлии сылдьаммын «Тирэх»-хэ бараммыт, бомжтар докумуоннарын оҥорсорум, хаартыскаҕа түһэртиирим. Кэлин ол оскуолаттан уурайаммын, табаарыспыныын Валерий Никифоров Суор Уолун кытта кинигэ оҥорон барбыппыт. Бастаан кыра брошюралартан саҕалаабыппыт, билигин халыҥ тастаах кинигэлэри бэчээттиибит. Ону сэргэ икки сурунаалы таһаарабыт. Инбэлииттэргэ аналлаах «Сайдыс» диэн уонна сойууспут иһинэн тахсар «Айар Кут» диэн сурунааллары таһаарабыт. Итини таһынан А4 кээмэйдээх өҥнөөх кинигэлэри бэчээттиибит. Сыанабыт хас эмэ төгүл чэпчэки. Тоҕо диэтэххэ тэрилтэбит нэһилиэнньэ социальнай араҥатыгар ананар. Айар киһи барыта улахан типографияларга бэчээттэтэр кыаҕа суох. Оттон биһиги типографиябытыгар, холобура, хоһоон хомуурунньугун биир кинигэтин сыаната биллэ кыра. Айымньыларын киэҥ араҥаҕа оннук тарҕатар киһи аҕыйаҕа суох. Онон биһиги «Долун» дьоҕус типографиябытыттан кынаттанан норуокка тахсыбыт айар куттаах элбэх. Кинилэргэ тирэх буолабыт, кыах биэрэбит диэтэххэ, омнуо буолбатах.

Бу тэрилтэҕэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоннуун үлэлииргин истэбит. Туох санааттан?

Тэрилтэбит үлэһиттэрэ бары, чахчы, инбэлииттэр. Дьарыктаах буоллуннар, дьоҥҥо туһаны аҕалартан дьоллоннуннар диэн санааттан бөҕө буоллаҕа дии. Эпидемия кэмигэр офистанан бүппүппүт. Ол кэнниттэн аныгы кэм кыаҕынан дьиэбититтэн олорон үлэлиибит. Ким эрэ верстка оҥорор, ким эрэ хаартыскаларынан дьарыктанар. Сурунаалы хамаанданан үлэлээн кыайа тутабыт. Бэйэм эрэдээктэр быһыытынан салайабын, үлэни торумнаан, ыйан-кэрдэн биэрэбин. Ханнык баҕар үлэҕэ курдук араас түгэннэри көрсөн ааһааччыбыт. Холобур, сорох ааптардар көннөрөрү сөбүлээбэттэр, көннөрдөххүнэ, өһүргэнээччилэр да баар буолаллар. Оччоҕуна сурук ылан баран, хайдах ыыппыттарынан, сыыһалаах-халтылаах бэчээттиирбитигэр тиийэбит. Ол биһиэхэ, оҥорон таһаарааччыларга, үчүгэйэ суоҕа чуолкай эрээри, ааптар быраабын кэһэр кыахпыт эмиэ суох.

Икки сыллааҕыта Дьокуускай куорат иһинэн «Лучший работодатель г. Якутска» буолбутум. Ол эбэтэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо бэйэ кыаҕар эрэли, уопсастыбаҕа туһаны, дьиэ кэргэннэрин иитэр кыахтаахтарыттан үөрүүнү бэлэхтиирбит сыаналаннаҕа. 

Анал дьиэлээх-уоттаах буолларбыт диэн баҕа санаалаах эбиккит.

Дьиэ кэргэммэр икки уолбут анал байыаннай дьайыыга сылдьаллар (биир уолбут мобилизацияҕа түбэспитэ, иккис уолбут силовик буолан үлэтинэн сылдьар). Онон, баҕар, туох эмэ көмөнү ылыам дуу диэммин тэрилтэбэр офис көрдөөммүн Дьокуускайбыт аҕа баһылыга Евгений Григорьевка киирэ сылдьыбытым. «Долун» типографиябар офис көрдөөн.

Хомойуох иһин, электроннай почтабар «куорат таһынааҕы Табаҕаҕа уонна Кангалааска эрэ бааллар» диэн хоруй кэлбитэ. Биһиги, доруобуйабытынан  хааччахтаах дьон, оччо тэйиччи айаннаан тиийэн үлэлиир кыахпыт суох. Ол эрэн санаабытын түһэрбэккэ, күннээҕи кыһалҕабытын хайдах баарынан ылынаммыт, үлэлээбиппит курдук үлэлии олоробут.

Долун диэн айар аатыҥ эн олоххор туох суолталааҕый? Уонна оттон, Егор, киһи олоҕу олоруута көнө хонууну туорааһын буолбат, бу туһунан кэпсиэххин сөп дуо?

Долун диэн  айар ааппын Багдарыын Сүлбэ сахалыы ааттар тустарынан кинигэтиттэн ылбытым. Булгуруйбат хорсун санаалаах диэн суолталааҕын бэйэбэр чугастык ылыммытым. Биирдэ Сэмэн Тумат бу сахалыы аат буолбатах, уларыт диэбитин ылымматаҕым. Хата, пааспарбар суруллар ааппынан Дьөгүөр диэтэхтэринэ, истибэт курдукпун. Кутум-сүрүм Долун диэни ордук ылынар.

Киһи олоҕор араас түгэн элбэх бөҕө буоллаҕаа... Бэйэм олохпор буолан ааспыт түгэннэри эргитэ санаатахпына...

«Уол оҕо биир күн ат үрдүгэр, биир күн ат өрөҕүтүгэр» диэн өбүгэлэрбит чахчы да бэргэнник эппиттэр дии саныыбын. Ким эдэр сылдьыбатаҕай? Киһиэхэ саамай умнуллубат кэмнэрэ диэн барыта үчүгэй түгэн эрэ буолбатах. Эдэрбэр хорсунум, дохсунум. Куоталаһа оонньуу сылдьаммын суол эргииригэр уруулбун кыайан туппакка, матасыыкылтан бырахтараммын атахпын, сиспин, төбөбүн улаханнык эчэппитим. Ол түмүгэр билигин көлүнэр көлөм инбэлиит кэлээскэтэ. Санаам түһэр, кэбириир кэммэр бэйэбэр тиийинэр санаалар киирбиттэрэ мэлдьэх буолбатах. Бу мин олоҕум  биир кэрчик кэмнэрэ буоллахтара. Баары-баарынан эттэххэ, итинник. Быстах санааҕа билиэн барбакка, ити түгэннэри, хата, мүлчү түһэммин, бу билигин аттыбар таптыыр доҕордоох, оҕолордоох, сиэннэрдээх, үлэлээх-хамнастаах олорорум миэхэ улахан кыайыым. Манна Долун диэн ааппын сыһыара санаатахпына, чахчы хорсун санаалаах буоламмын олох кытаанах тургутууларыттан босхоломмутум диибин.

Олохпор саамай үрдүк ситиһиим диэн киһи тэҥинэн сылдьыым буолар.  Дьоҥҥо туһалаах буоларбыттан дуоһуйуу туруга кууһар. Мин бэйэбин ылан көрдөхпүнэ, дьон курдук хаама-сиимэ сылдьар, сүүрэр-көтөр кыаҕа суох киһибин. Ол гынан баран онтон, этэргэ дылы, "тостон" хаалбакка, дьон  ортотугар олорорбуттан, айарбыттан-тутарбыттан, аттыбар чугас истиҥ дьонноохпуттан дьоллоох киһи эбиппин.

Эдэр сааспар Улахан Ааҥҥа сүөһү хаһаайыстыбалаах этим. Бэйэтэ да мөлтөх доруобуйам соһуччу бэргээн, ороҥҥо хат охторбута. Ол түмүгэр хаһаайыстыбам эстибитэ. Ойохпуттан арахсыбытым. Бэйэм орон киһитэ буолбутум. Соҕотоҕун олорон арыгыга ыллара сыспытым. Онтон маннык табыллыа суох диэммин куоракка көспүтүм. Эдэр сааспар билсибит доҕорбун иккистээн буламмын, сүрэхпитин холбообуппут. Иккиэн икки өттүттэн оҕолордоох дьон холбостохпут дии. Олох диэн оннук түһүүлээх-тахсыылаах түгэннэрдээх. Дьылҕа хаан ыйааҕынан өбүгэлэрим иккистээн көрүһүннэрбит күндү киһибэр Мотябар махтанабын. Миигин киһи гыммытыгар. Үөрэбин, дьоллонобун бу олохпуттан.

Эйигин истэ олорон үрүҥ күн сырдыга кэрэтэ барыта киһиэхэ бэйэтин илиитигэр баар эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо тугу тириэрдиэҥ этэй?

Саха сирин инбэлииттэригэр кылаабынайа санааҕытын түһэримэҥ диэн этэбин. Ханнык да балаһыанньаҕа түбэстэргит, өрөйөн-чөрөйөн биэриҥ! Иннигитигэр былаанна оҥостуҥ. Сыллааҕы былаан киһиэхэ сырдык диэки хардыылыырыгар тирэх буоларын өйдүөҕүҥ.

Иккиһинэн, айылҕаҕа тахса сатааҥ. «Эрэл» инбэлииттэр уопсастыбабыт иһинэн Еланкаҕа баазалаахпыт. Онно дьиэлэригэр соҕотоҕун сытар, олорор дьоммутун сайыҥҥы өттүгэр таһаараммыт, айылҕалыын алтыһалларыгар, күүс-уох ылыналларыгар, бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, сэргэхсийэн кэлэллэригэр кыах биэрэбит. Кулуһун тула кэпсэтии, кутааҕа буспут ас, сөтүө, сибиэһэй салгын, түптэ сыта бу барыта саха киһитигэр сүрдээх чугас айылгы буоллаҕа.

Уонна дьоҥҥо чугаһааҥ. Мин саахалга түбэһэн баран собус-соҕотоҕун сыппытым, кими да чугаһаппат, киллэрбэт этим. Ол төрүт сыыһа эбит. Олох олорор диэн наһаа да үчүгэй.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....