06.11.2024 | 10:00

Роман Дмитриев аатынан кытыл арылынна!

Роман Дмитриев аатынан кытыл арылынна!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 4 күнүгэр Дьокуускай куоракка улуу олимпиец Роман Дмитриев аатын сүгэр кытылы арыйыы үөрүүлээх церемонията буолан ааста.
Роман Дмитриев аатынан кытылы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыыга СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Георгий Гаврильев, Роман Дмитриев огдообото Антонина Дмитриева, спортсменнар, уопсастыбаннас кыттыыны ыллылар. 
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бу түгэн Сомоҕолоһуу күнүн кытта ситимнээҕэ сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Куорат баһылыгын э.т. Георгий Гаврильев Роман Дмитриев аатынан кытыл Дьокуускай куорат маастар-былаанын иитинэн тутуллубутун бэлиэтээтэ. Дойду баһылыга Владимир Путин бигэргэппит маастар- былаанынан соторутааҕыта Дьокуускай куоракка Ленин болуоссата арыллыбытын, аны аҕыйах кэминэн Сайсары кытыла уонна Ийэ сквера тутуллан бүтэллэрин санатта уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, киин куоракка маннык эбийиэктэр тутуллалларыгар кылааттаах дьоҥҥо барыларыгар куорат олохтоохторун аатыттан махталын биллэрдэ. 


Антонина Дмитриева куорат бу эҥэригэр баар кытылга Роман Дмитриев аатын биэрээри гынабын диэн этиини хара маҥнайгыттан сөбүлүү истибитин бэлиэтээтэ. «Роман Михайлович Өлүөн эбэни олус таптыыра. Өрүс үрдүгэр төрөөбүт, улааппыт киһи аата Өлүөнэ кытылыгар сытар уулуссаҕа бэриллибитэ олус үчүгэй», – диэтэ уонна СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэҥҥэ, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатыгар, бырайыак олоххо киирэригэр тус кылааттарын киллэрбит Родион Федоровка уонна Алексей Филипповка махталын биллэрдэ. 
Бырайыак быһыытынан, Роман Дмитриев аатынан кытыл 1 км тахса усталаах. Манна 374 м усталаах куорат сөтүөлүүр сирэ киирсэр. 
Санатар буоллахха, быйыл Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылынан төрөөбүт дойдутугар Эдьигээҥҥэ эмиэ кини аатын сүгэр элбэх функциялаах спорт саалата тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлкэ Ил Дархана Айсен Николаевы сэргэ Роман Дмитриев доҕоро, олимпиец, норуот дьокутаата Павел Пинигин ыалдьыттаан турар. Саҥа эбийиэк Арассыыйа арктическай эргимтэтин социальнай сайыннарыы былаанынан олоххо киирбитэ. Тутуу генеральнай бэдэрээтчитэ «БАРТ-Строй» хампаанньа, диэн иһитиннэрбитэ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс -сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....