«Звезднай» түөлбэҕэ бастакы оптуобустар сэтинньи ортотуттан сылдьан саҕалыахтара
Бэнидиэнньиктээҕи куорат Олохтоох дьаһалтатын үлэтин былаанныыр мунньахха Суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрбитинэн, саҥа «Звезднай» түөлбэҕэ бастакы оптуобустар сэтинньи 15 күнүн эргин сылдьан саҕалыахтаахтар.
Бастаан 1 №-дээх маршрут оптуобустара сылдьыахтара, 14 №-дээх маршрут арыый хойутаан, куонкурус түмүктэннэҕинэ киириэҕэ.
Санатар буоллахха, ааспыт нэдиэлэҕэ «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота» Сакаасчыт сулууспата АУо (РИА), «Главстрой» МХТ, ЯПАК МУТ уонна 14-с №-дээх оптуобус маршрутун салайааччылара «Звезднай» түөлбэҕэ бастакы оптуобус тохтобулун миэстэтин быһааран тураллар.
Көһө сылдьар мунньах кыттыылаахтара хас да барыйааны көрбүттэрэ. Сүрүн мэһэйинэн, тутуу бүтэ илигинэн, «С» сектор тула барыта буор суоллар сыталлара буолбута. Түмүккэ 1 уонна 14 №№-дээх оптуобустар түөлбэҕэ эргийэн тахсалларыгар «С» секторга «А» сектор өттүттэн киириигэ миэстэни анаабыттара.
Куорат мастар-былаанынан «Звезднай» түөлбэҕэ кэнэҕэһин өссө 5 оптуобус тохтобула тэриллиэҕэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Хаартыска: РИА