05.11.2024 | 20:00

Сомоҕолоһуу күнүгэр бастыҥ үөрэнээччилэр Арассыыйа гражданинын пааспарын туттулар 

Сомоҕолоһуу күнүгэр бастыҥ үөрэнээччилэр Арассыыйа гражданинын пааспарын туттулар 
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сомоҕолоһуу күнүгэр Куорат дууматын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу Евдокия Евсикова куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрин кытта көрүстэ.
Көрсүһүү «Разговоры о важном» кылаас чааһын халыыбынан буолан ааста. Евдокия Евсикова оҕолорго Куорат дууматын үлэтин ис хоһоонун билиһиннэрдэ, Сомоҕолоһуу күнүн историятын туһунан кэпсээтэ. Бу күн оҕолор куорат историятыттан уонна салайааччылар туһунан элбэх интэриэһинэйи биллилэр. Холобура, Евдокия Ивановна Дьокуускай куораты 1957-1961 сс. салайбыт Николай Дмитриевич Терешкин туһунан элбэҕи кэпсээтэ.
Көрсүһүү 14 саастарын туолбут 8 кылаас үөрэнээччилэригэр Арассыыйа гражданинын пааспарын туттарыынан түмүктэннэ. Кинилэр ортолоругар Национальнай гимназияттан Роман Блахиров, 9 №-дээх оскуолаттан Арина Варфоломеева, Саха гимназиятыттан Анна Кириллина, 5 №-дээх оскуолаттан Тимур Осипов, 17 №-дээх оскуолаттан Кирилл Цыденов, Саха корейскай оскуолаттан Кристина Харина бааллар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....