Михаил Егоров: «Ынахтарбын аармыйаҕа да сылдьан ахтарым»
Михаил Михайлович Егоров 1959 сыллаахха элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Олох кыра эрдэҕиттэн тыа сирин үлэтигэр эриллэн, буһан-хатан улааппыта. 1976 сыллаахха Хорообут орто оскуолатын бүтэриэҕиттэн үлэҕэ имиллэн барбыта. Ол курдук үс сыл Партизан Чурин аатынан үүт-табаарынай пиэрмэтигэр ыанньыксыттаабыта. Үлэлээбит иккис сылыгар үүтү ыаһыҥҥа үрдүк көрдөрүүлэри ылан барбыта, биир фуражнай ынахтан 2000 лиитэрэни ыыры ситиспитэ.
1979-1981 сылларга ытык иэһин толорон Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан кэлбитэ. Уонна эмиэ пиэрмэтигэр төннөн ыанньыксыттаабыта. Үлэтин таптыыр, кыһамньылаах, бэриниилээх уол сыл аайы үлэтин былаанын, көрдөрүүтүн улаатыннаран испитэ.
1989 сылга 1 фуражнай ынахтан 3000 лиитирэ үүтүн ыан “үс тыһыынчалаах” ыанньыксыттар кулууптарыгар ылыллыбыта, оройуонугар бу кирбиини аһарбыт бэһис киһинэн буолбута. 1992 сылтан 1996 сылга диэри Дьөгүөрэптэр ыал дьиэ кэргэн бэдэрээтэ буолбуттара, ньирэйдэрдээх 60 ыанар ынахтаммыттара. Дьиэ кэргэн үүтү ыаһыҥҥа, төрүөҕү элбэтиигэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ. Оччолорго дьиэ кэргэн бэдэрээтин Михаил улахан убайа Савва Михайлович салайбыта, ону таһынан Константин уонна Михаил дьиэ кэргэннэрэ үлэлээбиттэрэ. Манна Михаил саамай сүрүн үлэһиттэрэ буолбута. 1994 сыллаахха 1 фуражнай ынахтан 3387 лиитирэ үүтү ыыры ситиһэн, кэлэктиибигэр уонна сопхуоска үлэ былаанын толорорго сэмэй кылаатын киллэрсибитэ.
Михаил Михайлович үлэттэн хаһан да туора турбат киһи, ол курдук куруук тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар туһугар атын үлэһиттэри өйүүр, салайааччы буоллун, зоотехник буоллун, наада буоллаҕына ыанньыксыты, ньирэй көрөөччүнү, сүөсүһүтү солбуйар.
Кэлиҥҥи кэмҥэ искусственнай сиэмэлээһин боппуруоһа ханнык баҕарар хаһаайыстыбаҕа сытыытык турар. Салалта көрдөһүүтүн быһа гыммакка, 2020 сылтан Михаил Михайлович техник-осеменаторынан үлэлиир.
Михаил Егоров үлэлээбит уопсай ыстааһа 44 сыл, онтон тыа хаһаайыстыбатын араҥатыгар - 42 сыл, биир хаһаайыстыбаҕа - 38 сыл.
Кинини биир дойдулаахтара кыһамньылаах үлэһитин, дьиэ кэргэн бастыҥ аҕатын, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор актыыбынайдык кыттарын, чөл олоҕу пропагандалыыр, элбэҕи ааҕар, элбэх көлүөнэ ыччаты иитэн таһаарбыт, үлэҕэ уһуйбут настаабынньык, биир тарбахха баттанар киһинэн киэн тутта кэпсииллэр.
— Михаил Михайлович, оҕо сааһыҥ кэрэ кэмнэрин ахтан-санаан аас эрэ.
— Ийэм Мария Ивановна Лукина, аҕам Михаил Алексеевич Егоров диэннэр этэ, бииргэ төрөөбүт биэс уол этибит, бары аармыйаҕа сылдьыбыппыт, билигин соҕотохпун. Дьонум тыа боростуой үлэһиттэрэ этэ, аҕам тырахтарыыс, ийэм ыарыһах буолан туох үлэ көстөрүнэн үлэлээбитэ, үксүн балыыһаҕа сыппыта.
Оҕо сылдьан наһаа сэмэй, биллибэт-көстүбэт этим, билигин кылааһынан көрүстэхпитинэ кыргыттар “эн биһигини кытта үөрэммитиҥ дуо?” дииллэр, өйдөөбөттөр даҕаны. Урут хара үлэҕэ сылдьар дьон оҕолорун намтата көрөллөр этэ, оччолорго бэйэбин сэнэнэн хаалбыппын, баарым-суоҕум биллибэт, кимтэн да чорбойбот буоллаҕым, онон сорохтор олох да өйдөөбөттөр да эбит. Үөрэхпэр ахсааҥҥа аһара үчүгэй этим. Майаҕа биллэр тренер Василий Петрович Уваровка биир сыл тустууга эрчиллэ сылдьыбытым. Оҕо сааһым оннук ааспыта, үлэҕэ эриллэн улааппытым.
1974 сылтан ахсыс кылаас кэнниттэн ыанньыксыттаабыппынан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиибин, кэлин сааһыран, биэс сыл буолла ньирэй көрөбүн, таарыччы осеменатордыыбын.
— Тоҕо ыанньыксыттыы барбыккыный, бостуук, бороон көрөөччү, тырахтарыыс эҥин үлэтэ баара буолуо дии?
— Мин 12 сааспыттан ынах ыабытым, дьонум кэтэх сүөһүлээх этилэр. Онно, ийэм ыарыһах буолан, хотоҥҥо үксүн сылдьарым, онон атын үлэҕэ, идэҕэ барар санаам да суох этэ. Майаҕа биир сыл үөрэнэрбэр кылааспыт салайааччыта Арассыыйа, Саха АССР үтүөлээх учуутала Гаврил Афанасьевич Герасимов диэн этэ. Кини мунньахтарга эҥин бастыҥ үөрэнээччим тоҕо үөрэххэ барбатыҥ диирэ, дьонум кыахтара суох буолан ыыппатахтара, онон үөрэхтэн маппытым.
Ыанньыксыттыы сылдьан урут табаарыһым, өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр чөмпүйүөн ыанньыксыт Павел Петрович Шарины кытта уҥа-хаҥас бырахсар этибит, эрбии биитин курдук хардары-таары үлэлээбиппит. Үлэҕэ эккирэтиһэр, күрэхтэһэр киһилээх эйигин өссө үрдүккэ тардар. Онтон Байбалым миигин хаалларбыта, ол да буоллар кини кирбиитин батыстаҕым. Мин саамай күннээбит кэмнэрбэр 3390 кг ыыр этим, Шарин 4000 ыабыта. Бастакы комсомолец Анатолий Кривогорницын аатынан лауреат буола сылдьыбытым, оройуоҥҥа осеменениеҕа чөмпүйүөннээбитим, сопхуоска, улууска эдэрдэргэ бастаабытым.
— Кэлэктиипкэ үксэ дьахтар аймах буолуо дии, биир тылы булар уустук этэ дуу?
— Мин саҥата-иҥэтэ суох буолан бэйэм-бэйэбэр үлэлээччибин, эдэрбиттэн саастаах дьону ытыктыыр, убаастыыр, өрө көрбөт этим. Кинилэр уопуттарын үллэстэллэрэ, сүбэ-ама биэрэллэрэ. Сороҕор мөҕүллэҕин, эдэр сылдьан кыаҕыҥ, уопутуҥ да тиийбэт буоллаҕа. Бэйэм дьахталлары да, эр дьону да кытта уопсай тылы була сатыыбын. Үлэҕэ арааһынай буолар, биирдэ эмит этиһиэҥ, хайыаҥ, өйгөр тута сырыттаххына, үлэ тахсыбат буоллаҕа. Билигин эдэр ыччакка кыаҕым баарынан сүбэлиибин-амалыыбын, дириэктэрим этэрин курдук, кылаабынайа практика өттүгэр билиибин биэрэ сатыыбын.
— Ханнык баҕарар идэҕэ ситиһии хаачыстыбаттан кэлэр, эн санааҕар?
— Саамай сөпкө этэҕин. Кэргэн ыларбар аҕа кынным ыанньыксыттыырбын истэн арыгы иһэриҥ, табах тардарыҥ, эбэтэр эмтэммитиҥ буолуо диэбитэ. Кэлин билэн баран кыыспыт наһаа үчүгэй киһиэхэ баран дьоллоох олохтонно диэн санааларын этэннэр, махтананнар үөрдүбүттэрэ.
Дьиэтээҕи усулуобуйаттан, өйөбүлтэн үлэҥ хаачыстыбата тупсар, ситиһии кэлэр. Мин саамай өйөбүлүм дьиэ кэргэним буолар. Ситиһиини ылыаххын баҕарар буоллаххына, бириэмэни аахсыбакка үлэлиэххин наада. Спортсмен курдук, доруобуйаҕын да сиэртибэлээн туран. Үлэҕэ барыта санаа хоту сыппат, олох диэн, этэргэ дылы, остуол ньуурун курдук көнө буолбат, түһүүлээх-тахсыылаах, дьон барыта биир халыып эбитэ буоллар, олохпут интэриэһинэйэ да суох буолуо этэ, арай санаабытыҥ хоту туолан истэҕинэ.
Кэргэним Ирина Егоровна Анисимова Чурапчыттан төрүттээх. Амматтан сүгүннэрэн аҕалбытым. Олохпор дьоллоохпун дэнэбин, олох диэни биллим, сиэн минньигэс сытын биллим, барыта холбоон биэс сиэннээхпит.
Билигин оҕолорбун, сиэммин хайаан да үөрэхтээх буолуохтааххыт диэн куруук этэбин, мин холобурбун хатылаабатыннар, дьоллоох оҕо сааһы, кэрэ олоҕу эрэ баҕарабын. Кыыһым Ирина Иванова спордунан дьарыктанар, Арассыыйаҕа тиийэ хайыһардыы сылдьыбыта, маастарга кандидат. Биир марафону сүүрдэҕинэ, маастар буолуохтаах. Аналын көрсөн ыал буолан, уол оҕону бэлэхтээн, күммүт-ыйбыт киниттэн тахсар.
— Түөр уонтан тахса сыл биир күн өрөөбөккө, сынньаммакка үлэлиир, эттэххэ дөбөҥ, үлэҕин тугуҥ иһин сөбүлүүгүнүй?
— Кыра эрдэхпиттэн сүөһүгэ үлэлээбитим, аармыйаҕа баран икки сыл сулууспалаабыт кэммэр эрэ тохтуу сылдьыбытым. Оннооҕор олохтоохтор: “Дьөгүөрэп Миисэ аармыйаттан кэлээт да сарсыҥҥытыгар ынахтарыгар тахсыбыта”, - диэн билигин да күлэн кэпсээн оҥостоллор. Ынахтаргын оҕо оҥостон кэбиһэҕин, ол иһин тус олохпун хойут оҥостон, 33 сааспар биирдэ ыал буоллаҕым.
Аармыйаҕа сылдьан ынахтарбын ахтар этим ээ. Кылгастык сулууспам туһунан кэпсиир буоллахха, олус бэркэ сылдьыбытым. Барыам иннинэ партияҕа киирээри кандидат этим. Ол иһин тиийээппин кытта партийнай сэкирэтээр хаба тардан ылан суруксут оҥорбута, сотору уурайан барыан иннинэ хамандыыры кытта кэпсэтэн ас ыскылаатыгар сэбиэдиссэйинэн кэпсэтэн киллэрбитэ. Онон наһаа үчүгэй киһиэхэ түбэспитим, наһаа аһынар, хайгыыр этэ. Оччолорго чеченнэр, дагестаннар хомуньууһу олох абааһы көрөллөрө. Оннооҕор остоолбоҕо кэлгиллэн турбут кэмнэрим баар этэ, уҥуохпунан кырабын, ханнык эрэ кыараҕас харахтаах сахабын, күлүү-элэк оҥостон атаҕастаары гыммыттара, хомуньуус буолбаппын дэттэрээри. Мин дьэ саха оҕото ньоҕой диэбиттэринии эппиппин толорор киһибин, суох диэтим да суох. Онно хамандыырым түбэһэн кэлэн быыһаан турардаах. Биир Хорообут олохтооҕо уол Иван Егорович Птицын диэн Красноярскайга үөрэнэ тиийбитигэр, миигин кытта аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыт Уус Алдан уола кэпсээбит үһү: “Дьэ өһөс саха уола баар этэ, омуктарга да бэриммэтэҕэ, сахалары олус өйүүр этэ, ыскылаакка үлэлиир буолан”, - диэн сөҕөн эппит. Киһиэхэ саамай күндү – дьон махтала, ханнык да уордьантан, мэтээлтэн улахан наҕараада ол дии саныыбын.
— Урукку уонна билиҥҥи ыанньыксыт үлэтэ туох уратыланнай?
— Билигин илии үлэтэ суох, быдан чэпчээтэҕэ дии. Механизированнай курдук буолла, сорохтор сөбүлүөхтэрэ суоҕа гынан баран, билиҥҥи дьон үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, тута хамнаһын, харчытын ыйыталаһаллар, ол быыһыгар үлэһит, сүрэхтээх оҕолор бааллар. Урут түөрт туонна көөнньөрбө оҥорон, түгэҕин ылаары уһаат түгэҕэр түһэн хаалар түгэннэр да бааллара. Усулуобуйа дьаабы, ууну кэһэ сылдьан үлэлиигин, онно холоотоххо билигин салалтабыт усулуобуйаны тупсара, үлэбитин чэпчэтэ сатыырыгар махтанабыт эрэ. Билигин биһиги сааһыран, үлэлиир баҕа улахан да, сороҕор кыах тиийбэт.
— Тыа сиригэр сүөһүнү элбэтэргэ, эн санааҕар, туох соруктар наадаларый?
— Үүт уонна эт себестоимоһын улаатыннараллара буоллар. Син кыралаан үрдээн иһэр даҕаны, онтуларын кыайан толумматтар. Оттуур сир суох, биир киһиэхэ биир га эрэ ананар, оҕоҕо га аҥаара, ол диэн кыра. Мин урукку ходуһаларбын оттуубун, бэйэм кэтэх сүөһүлээхпин.
Ааспыт нэдиэлэҕэ, ыам ыйын 19 күнүгэр, сайылыкпытыгар көһөн кэллибит. Биэс ыанньыксыт, икки ньирэй көрөөччү, осеменатор, арыыһыт баарбыт, 150 ыанньыктаахпыт, 100 ньирэйдээхпит.
“Хорообут” ХЭТ диэн улахан тэрилтэлээхпит, ынах сүөһүнэн, сылгынан дьарыктанабыт. Дириэктэрбит Валерий Афанасьевич Колосов диэн, наҕыл, үчүгэй, үлэһит киһи, бииргэ үөскээбит үөлээннээҕим, боростуой ыал оҕото буолан судургу, көнө, биир бэйэм сирбэппин. Үлэһиттэрбит бастайааннайдар, үс ыал сааһыраннар уурайдылар, үс саҥа ыал көһөн кэллэ. Мин быйыл аҥаардас ньирэйинэн бардым. Осеменатордыыбын. Көрдөрүүм үчүгэй, уопуттаах үлэһит диэн ууратыахтарын баҕарбаттар.
— Ааҕаачыларга баҕа санааҥ.
— Билиигитин хаҥатыныҥ, хаһыатта, кинигэтэ ааҕыҥ, элбэх билиилээх буоллаххытына үөрэхтээх, үтүө дьон буолуоххут. Кинигэ, хаһыат – киһи доҕоро. Биһиги ыал күрэхтэһиигэ “Ааҕар дьиэ кэргэн” диэн номинациялаахпыт. Уонна самаан сайын үтүөтүн сомсон бука бары этэҥҥэ сылдьыҥ, сир астааҥ, оттооҥ-мастааҥ, доруобай буолуҥ!