14.11.2023 | 10:00 | Просмотров: 519

Медицина киинигэр бастакы бэрэсидьиэн өйдөбүнньүк кэбиниэтэ арылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 13 күнүгэр, Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-гы №-дээх балыыһаҕа – М.Е. Николаев аатынан Медицина национальнай киинигэр Михаил Николаев өйдөбүнньүк кэбиниэтэ арылынна диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, медицина киинин кэлэктиибэ, Михаил Ефимович Николаев кыыһа Ольга Андросова кытыннылар.

Санатар буоллахха, Медицина национальнай киинэ 1993 сыллаахха бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев Ыйааҕынан тэриллибитэ. Былырыын Ил Дархан Айсен Николаев, Михаил Ефимович киин тэриллиитигэр уонна доруобуйа харыстабылыгар сүҥкэн кылаатын иһин, кини аатын Медицина киинигэр иҥэрбитэ.

Өйдөбүнньүк кэбиниэккэ бастакы бэрэсидьиэн хаартыскалара, суруйуулара, кинигэлэрэ, тус тэриллэрэ бааллар. Манна сылдьыбыт киһи өрөспүүбүлүкэ устуоруйатын, Михаил Николаев чаҕылхай олоҕун-дьаһаҕын, кэскиллээх үлэтин кытта ыкса билсиһэр кыахтаах.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.