Медиа-оскуолалаах Дмитрий Попов
—Үс сыллааҕыта М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет естественнэй наукаҕа институтун географияҕа кафедратын бүтэрбитим. Устудьуоннуур кэммэр бэйэм үөрэммит 31 №-дээх оскуолабын холбуу туппутум. Билигин оскуолабар 7-11 кылаас оҕолорун дьарыктыыр медиа-киини салайабын. Ону таһынан хас да сыл репетиторскай кииҥҥэ географияҕа консультациялары биэрбитим уонна суруналыыстыкаҕа дьарыктаммытым. Кыра эрдэхпиттэн хаартыскаҕа түһэрэрбин, саҥаны айарбын-тутарбын сөбүлүүбүн.
— Медиа-оскуола туһунан санаа хайдах үөскээбитэй? Педагогическай үлэ эйигин тугунан умсугутта?
— Оҕолору хаартыскаҕа, видеографияҕа үөрэтэр оскуола туһунан санаа өссө 2018 сылга кэлбитэ. Ити кэмҥэ бэйэм оскуолабар «31-й кадр» диэн медиа-бөлөххө биэс сыллаах уопуттаах этим. Мин бу эйгэҕэ араас омук уонна Арассыыйа бырайыактарын үөрэтэн баран биирдиилээн дьон көҕүлээбиттэрэ быдан кэскиллээх диэн өйдөөбүтүм.
2020 сыллаахха миигин «Skills Camp» үөрэх бырайыактарын акселераторыгар ыҥырбыттара. Иһиттим-истибэтим диэтим да, доҕотторбун Валерий Кривогорницыны, Виктор Кривогорницыны, Сардаана Неустроеваны уонна Лена Васильеваны ыҥыртаан, хамаанда тэрийдим. Соһуйуохпут иһин, бастакы миэстэ буолбуппут.
— Кистээбэккэ эттэххэ, саҕалыыргар төһө харчылаах этигиний?
— Биһиэхэ 500 тыһыынча солкуобай наада этэ. Олортон 150 тыһыынчаны «Skills Camp 2020» күрэхтэн ылбыппыт, ону тэҥэ 100 тыһыынча сууманы кирэдьиит ылбыппыт уонна 250 тыһыынча мунньуу харчыбытын туттубуппут. Харчыбыт улахан өттө миэбэл, тиэхиньикэ атыылаһарбытыгар барбыта. Үөрэхпитин толору арыйыахпытыгар диэри куурустарбытын кыралаан ыыта сылдьыбыппыт уонна баҕалаах оҕолору ылан дьарыктаабыппыт. Тоҕо диэтэххэ фотоаппарат, видеокамера уонна хас даҕаны көмпүүтэр курдук бастакы уочарат наадалаах тэрил барыта баар этэ. Манна биири бэлиэтиэхпин баҕарабын — үөрэх эйгэтигэр барыс, үп-харчы киллэринии диэн үлэлээбэт. Бу салааҕа улахан уопут, күүстээх методологическай тирэх уонна бэйэни салайыныыга дьулуур наада.
— Медиа-оскуолаҕыт сүрүн сыала тугуй?
— Биһиги 2021 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр арыллыбыппыт. Билигин «Хаартыска уонна видео», «Фильммейкинг» уонна «Цифровой дизайн» куурустардаахпыт. Хас биирдии оҕо үөрэнэр кууруһун бүтэрэригэр кэммиэрсийэлээх бырайыактаах, ырыынак туһунан өйдөбүллээх, сакаасчыты кытта сатаан үлэлиир буолан тахсар. Ону таһынан барыларыгар ханнык баҕарар эйгэҕэ туһалаах soft skills дьоҕуру иҥэрэбит. Онтон сиэттэрэн оҕо хамаандаҕа үлэлии үөрэнэр. Үлэбит былаһын тухары номнуо 100-тэн тахса оҕону үөрэтэн таһаардыбыт.
— Куурус кэнниттэн оҕолор үлэлии барыахтарын сөп дуо?
— Сорох устудьуоннарбыт биһиги кэккэбитигэр киирэллэр, саҥа киирбит сакааһы барытын кинилэргэ туттарабыт. Сорохтор номнуо бэйэлэрин бырайыактарынан үлэлээбитинэн бараллар.
— Үлэҕэр ордук тугу сөбүлүүгүн?
— Үлэҥ кимиэхэ эрэ туһалааҕын, ким эрэ олоҕун тосту уларыппытын көрөр олус үчүгэй.
— Инникитин туох былааннааххытый?
— Балаҕан ыйын 25 күнүттэн саҥа үөрэх дьылын саҕалыахпыт. Преподавателлэр таһымнарын үрдэтиигэ үлэлиибит, үөрэхтээһин – тохтоло суох барар уһун бырайыак. Быйыл Саха сирин ыччаттарыгар аналлаах Үүнэр көлүөнэ пааркатын кытта медиа-хакатон тэрийдибит, сылын аайы ыытыллар Ykt Geek Fest тэрээһиҥҥэ кылгас киинэ устуутугар күрэҕи ыыппыппыт. Эһиилгиттэн өссө интэриэһинэй түгэннэр буолуохтара диэн эрэллээхпин. Барыгытыгар айымньылаах уонна таһаарыылаах үлэни, ситиһиини баҕарабын!
— Махтал, Дима, эһиэхэ эмиэ ситиһиилэри!