04.12.2021 | 18:00

Мэһэйдэри төлө көтөн

Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Коронавирус хаарчахтара күн-түүн дириҥээн иһиэх кэриҥнээхтэр. Ол тухары бука бары, били, этэргэ дылы, тыыммакка да, кутуйах иинин хаста олорбуппут иккис сыла буолла. Дьиэҕэ хааллан олорон тугу гыныахпытый? Оҕолуун-уруулуун олохпут улахан аҥаарын компьютер иннигэр атаарабыт.

Ол олорон, баҕар, билиибит чиҥээбитэ, мэйиибит хойдубута буолуо эрээри, уопсастыбаҕа өй-санаа уларыйыыта чахчы баран эрэрин билиниэххэ наада.

Аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимҥэ хараҕым “Атлант-Саха» диэн тоноҕос уҥуоҕун эмтиир тэрилтэҕэ хатанна. Үөһэ ахтан ааспытым курдук, төлөпүөн, компьютер сиэртибэтэ буолан, сис да мөлтөөтө. Хаста да уһаты-туора ааҕан, билсэн, үөрэтэн баран, бу тэрилтэни кытта билсэргэ сананным. Киһи, биллэн турар, санаабыт киһитин эрэ барытын кытта аҥаар кырыытыттан билсэ-көрсө сатаабата куолу, наадалааҕынан аахтаҕына, биитэр соһуйан «һык» гыннаҕына буоллаҕа... Тэрилтэ салайааччыта, чахчы да сайдам санаалаах саха эр бэрдэ Сайдам Михайловы кытта кэпсэтэн баран, дьэ, киһи туохтан уонна тоҕо соһуйар суоллара баарый диэххэ.

 

Аҕа холобура

Бу «Эр бэрдэ” рубрикабытыгар уол оҕо аҕа холобуругар улааттаҕына ордук тирэхтээх, ситиһиилээх буоларын туһунан суруйан кэллибит. Сайдам Михайлов эмиэ биир кэмҥэ эмискэ аҥаар атаҕа аккаастаан, Кытайынан, маннааҕы отоһуттарынан, быраастарынан эмтэнэ сатаабыт. Онто бастаан эрэ көмөлөспүккэ дылы буолан баран, ыарыыта ааһар ааттан ааспыт. Ол кэмҥэ икки инсульт кэннэ орон-тэллэх киһитэ буолан сыппыт аҕата наар ааҕан, дьарыктанан, санаатын күүһүнэн атаҕар туран кэлбит. Дьэ бу түгэн Сайдамҥа ураты холобур буолар. Интэриниэти хасыһан, бэйэтин ыарыытыгар аналлаах литератураны ааҕан, анал үөрэхтээх быраастар лиэксийэлэрин истэн, үөрэнэн саҕалыыр. Уонна ханнык баҕар кыһалҕаны, ол иһигэр доруобуйа кыһалҕатын киһи кимиэхэ да сигэммэккэ бэйэтин илиитигэр ылыахтааҕын өйдүүр. Сөптөөх суолга үктэммит бэлиэтигэр айылҕата кинини тоноҕос ыарыытын швейцарскай ньыманан эмтиир исписэлиистэргэ сирдээн аҕалар. Ол кэмтэн ыла таблетка, маас, укуол диэни умнубутун билигин хас биирдии ыарыһахха сылайбакка, хал буолбакка кэпсиир. Мантан аллараа Сайдам Михайлов санааларын ситимин тиһэбит.

 

Өксөкүлээх үөрэҕэ

Өссө 100 сыллааҕыта Өксөкүлээх Өлөксөй эппитэ дии, аан дойду өйдөөхтөрүн кытта алтыһыҥ, ийэ куккутугар иҥэриниҥ, кинилэр айбыттарын туһанан, үтүктэн иһиҥ диэн. Ол, дьэ, кытайдарга, аан дойду биир саамай сайдыылаах норуотугар, көстөр. Тугу барытын үтүктэн иһэллэр. Биһиги эмиэ туһалааҕы туспутугар туһанан иһиэхтээхпит. Итинник санаанан салайтаран, 2015 сылтан бу швейцарскай ньыманы үөрэтэн саҕалаабыппыт. Дойду уонча бастыҥ исписэлииһин кытта билсэн, Дьокуускайга аҕалан үлэлэтэн, тэҥҥэ сылдьан, туттар ньымаларын үөрэтэн, анал үөрэҕи ааһан, сертификат ылбыппыт. Дьэ ситтибит-хоттубут быһыылаах диэн, былырыын, 2020 сыл тохсунньутуттан, “Атлант-Саха” диэн туспа тэрилтэ быһыытынан үлэлиибит. Икки сыл иһигэр нэһилиэнньэ биһиги өҥөбүтүгэр наадыйарын биллибит, туһалаах дьыаланан дьарыктанарбытыгар эрэлбит улаатта. Дистационнай үлэ, үөрэх даҕаны сабыдыала буолуон сөп.

Билиибин чиҥэтээри, бу сыллар тухары элбэх сири-дойдуну кэрийдим, бастыҥ үөрэхтэриттэн бэриһиннэрэ сатаатым. Москваҕа үөрэнэ сырыттахпына, Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев “тоҕо манна үөрэнэҕин, кытайдарга баран үөрэниэххин наада» диэбитин истэн, Кытайга элбэхтик сылдьыбытым. Прикладной кинезиологияҕа үөрэммитим, ону сэргэ Данияҕа эҥин кыстаан, элбэххэ үөрэммитим. Тибет, Индия, Тайланд, Вьетнам, Япония курдук илбийии ньыматын баһылаабыт илиҥҥи дойдулар баай уопуттарын кыаҕым тиийэринэн үөрэтэ сатаатым. Онон, Өксөкүлээх Өлөксөй үөрэҕинэн, аан дойду кыахтаахтарын билиитин, аныгы технологияларын уонна, биллэн турар, бэйэбит норуоппут түҥ былыргы үгэстэрин барытын дьүөрэлии сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ массаас курдук илбийэн эмтээһини сайдыылаах дойдулар бары күүскэ тутталлар. Онон массаас сахалыы, кытайдыы, таайдыы, дьоппуоннуу – хайдах да буоллун, барыта былчыҥнары босхо ыытар аналлаах.

Киһи этэ-сиинэ 700 былчыҥнаах. Бу былчыҥнар иҥнэри-ханньары уунаҥнаан, киһини кум-хам тутан, сүнньүн хам ылан, тымырдары, ньиэрбэлэри кыбытан, араас ыарыыга тэбэллэр. Ол аата биһиги былчыҥ хам ылбыт сирдэрин өһүлэргэ үлэлиибит. Биллэн турар, үгэс буолбут илиинэн массааһы таһынан хас да араҥа былчыҥы курдат киирэргэ аналлаах японскай, швейцарскай аппарааттары туһанабыт. Онон сүрүн методикабыт атласпрофилакс диэн Швейцарияҕа айыллыбыт уонна Германия клиникаларыгар чинчийиини ааспыт ньыма.

 

Окко түспүт оҥоһуу

Билигин даҕаны ардыгар төрөөбүт күннээх дьону эҕэрдэлиирбитигэр, күөх окко төбөҥ оройунан күөлэһийэ түспүккүнэн диэн айхаллыыбыт. Тоҕо диэтэххэ былыргы сахалар дьахтары чохчотон олорон төрөтөр этилэр. Билигин даҕаны Кытайга, Африкаҕа, Индияҕа, ыйааһын аллараа баттыырын туһанан, чохчотон олорон төрөтөллөр. Оннук төрөөһүҥҥэ алҕаска оҕону киһи илиитэ таарыйбыт буоллаҕына, оҕо көтөҕөөччүлэр кыһыл оҕону атаҕыттан таҥнары ыйаан туран, сүнньүн көннөрөллөр, балтатын киллэрэллэр. Ол иһин былыргы сахалар күүстээх-уохтаах, уһун үйэлээх буолалларын үһүйээннэртэн билэбит. Музейдарга ону туоһулуур хатыҥ ачаахтар бааллар. Аныгы дьахтары тиэрэ сытыаран төрөтөллөр. Тоҕо? История кэрэһилииринэн, ол королеваны төрөтүүттэн барар. Дворцовай переворот, интрига, оҕону аралдьытыы үгүс кэмигэр королеваны дьон көрүүтүгэр болуоссакка таһааран төрөтөн, норуокка нэһилиэнньиги көрдөрүүттэн силис тардыбыт үгэс. Ыраахтааҕы Петр 1 көҕүлээһининэн Арассыыйаҕа бастаан элита «королева курдук” төрүүр, онтон сыыйа норуокка киирэр. Билигин оҕону барытын төбөтүттэн тардан, ыган, чаһы стрелкатын хоту эрийэн төрөтөллөр. Ол түмүгэр кини хара төрүөҕүттэн хоолдьуга тахсар. Арыый саастаах дьон былыргы кырдьаҕастар киһини сүнньүнэн сыаналыылларын өйдүүр буолуохтаахтар – сүнньэ көнө, төбөтүн олоруута үчүгэй киһи диэн хайҕыыр тылларын.

 

Киһи – санаа кулута

Ол аата, үөһээ эппиппит курдук, аныгы киһи хара төрүөҕүттэн ыарыһах буолар. Хамсаабыт тоноҕоһо иҥнэри баран, сыыйа тааһа өрө көтөҕүллэн, атахтара иҥнэри-хаҥнары, онньоччу, үмүрүччү хамсаан, сотору кэминэн балыыһаттан арахпат киһи буолар. Быраас анаабыт укуолларынан, мааһынан сотто-бистэ сатыыр, ытыс муҥунан таблетка иһэн муҥнанар – күттүөннээх көмө биллибэт. Тоҕо диэтэххэ бу киһи «Мин ыарыһахпын» диэн санааны кытта ыаллаһан хаалар. Доруобуйа харыстабылын систиэмэтин уларытыах, дьахтары чохчотон олорон төрөтүүнү төннөрүөх диэтэххэ, этэргэ дылы, санааҕа да баппат дьыала. Ол кэриэтэ бэйэ санаатын уларытар ордук. Аныгы медицина ыарыы 70% санааттан турар дииллэрин кытта сөпсөһүөххэ. Эмиэ өбүгэ кынаттаах этиилэрин өйдүү биэрэбит – ыарытыйбыт киһини туох диир этилэр? «Санааҕа баттаппыт”, “санаа кулута буолбут”, “ыар-нүһэр сүгэһэрдэммит” дииллэрэ эбээт. Эбэтэр «Кыыһырымтаҕай киһи таала кырыыланар, өһүргэс киһи үөһэ туолар” дииллэрэ. Ити барыта кырдьык, оруннаах. Куттана, долгуйа сылдьар, санааҕа баттаппыт киһи буор кута эмиэ түүрүллэр. Киһиэхэ 100 км кэриҥэ тымыр баар. Бу тымырдары былчыҥ хам ылар буоллаҕына, хаан эргиирэ мөлтөөн, уорганнарга аһылык тиийбэккэ, этэргэ дылы, 130 сыл олоруохтаах киһи түргэн баҕайытык кэхтэн, кууран-хатан хаалар. Онон ыгылыйбакка олоруохха наада, өбүгэлэрбит этэллэрин курдук, киэҥ көҕүстээх буолуохха. Аныгы олох киһини соруйан ыгар-түүрэр курдук буолар, маннык ыарыы турда, оччо кутталлаах, бачча киһи өллө диэтэхтэрин аайы бэринимиэххэ. Бэйэтин айылҕатын күүһүгэр тирэнэр киһи туох да ыарыыга бэриниэ суохтаах. Уонна, олохпут маннык буолбутугар аан дойдуну, политиканы уларытар кыах суох, оттон бэйэбитин уларытар кыах хас биирдиибитигэр баар. Оччоҕуна эрэ сайдабыт, ханнык да былааска тостубакка, мэһэйи үөрэ-көтө чэпчэкитик туораан истэхпитинэ, кыаҕыран иһэбит. Киһи төһөнөн ыараханы туоруур да, соччонон төлө баран сайдар. Мэһэйдэри, туормастары быһыта сынньан, быраҕаттаан кэбиһиэххэ.

 

Санааны салайа үөрэниэххэ

Киһи санаата охтооҕор түргэн диэн баар. Ол эмиэ мээнэҕэ эппэттэр. Кими эрэ санаатаххына, ол киһиҥ эмискэ эрийдэҕинэ эбэтэр тиийэн кэллэҕинэ, өһүргэс да киһигин, санааппын кытта эрийдиҥ диэн буолар дии. Ити санаа тиийэрэ. Тугу саныыбыт да, ону тардан ылабыт. Киһи санааны салайа үөрэниэхтээх. Аан дойду бу саамай тымныы сирин баһылаабыт хорсун-хоодуот, сынтарыйбат санаалаах норуот сыдьааннара буоллахпыт, онтубутун сөргүтүөхпүтүн, уһугуннарыахпытын наада. Атын омуктары эккирэтэн, чиновник, куорат олхтооҕо, офис үлэһитэ буола сатааһын олох сыыһа. Ол иһин үлэ миэстэтин былдьаһан, этиһэн-охсуһан, айгырыыр турукка киирдибит. Киһини куттал, куһаҕан санаа сиир. Ыгылла, тымта сылдьар киһи доруобуйата мөлтөҕүн, маннык дьон аттыларыгар киһи настарыанньата түһэрин бары билэ-көрө сылдьабыт. Санаабыт күүһүн туһалаахха, үтүөҕэ, тапталга ыытарга кыһаллыахтаахпыт.

Доруобай буолуохха! Сахалыы эр санааны тутуһуохха!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...