Майя Осипова: «Киһилии киһини иитэн таһаарыы — биһиги уопсай сорукпут...»
Бүгүҥҥү ыалдьыппытын кытта куорат эйгэтигэр саха тылын үөрэтии уратыларын, учуутал айымньылаах үлэтин кистэлэҥнэрин аһаҕастык кэпсэттибит. Сэһэргэһиибит оҕону ийэ тылга уһуйууттан саҕаланан баран, тыйаатыр, киинэ искусствотыгар тиийэ киэҥ далааһыннанна.
Майя Виссарионовна Осипова – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайката (2013 с.). Кини соторутааҕыта быйыл саҥа олохтоммут саха тылын бастыҥ учууталларыгар аналлаах Дьокуускай куорат баһылыгын 100 тыһ. солкуобайдаах бириэмийэтин ылла.
Историяҕа киирдим диэн икки бүк үөрдүм
– Майя Виссарионовна, үлэҥ үрдүктүк сыаналаммытынан эҕэрдэлиибит. Төһө үөрдүҥ, долгуйдуҥ? Ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр.
– 1999 сыллаахха университеты бүтэрэн баран, биир сыл үлэ көрдөөбүтүм. Оччоттон баччааҥҥа диэри саха тылын учуутала үлэ булара ыарахан. Онтон 2000 сыллаахха Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар кэлбитим, биир дойдулааҕым оҕолоно барбыт кэмигэр солбуйа киирбитим уонна онно хаалбытым. Ити курдук, бу оскуолаҕа үлэлээбитим лоп курдук 23 сыл буолла. Кылаас салайааччытын быһыытынан үс кылааһы таһаарбытым, төрдүс кылааһым – билигин сэттистэр.
Былырыын Саха АССР 100 сылыгар аналлаах күрэххэ кыттыбытым, “Арассыыйа бастыҥ учуутала” күрэх куораттааҕы түһүмэҕин ааспытым, ол эрээри салгыы барбатаҕым. Маннык күрэхтэргэ үксүн биир кэлим (ЕГЭ), сүрүннүүр судаарыстыбаннай эксээмэннэрдээх (ОГЭ) предметтэр учууталлара талыллаллар.
Саха тылын, литературатын, төрүт култуура учууталларыгар куорат баһылыгын бириэмийэтэ баар буолбута олус үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ биһиги предмеппит син биир өрөспүүбүлүкэ иһиттэн тахсыбат. Бу сырыыга сайаапкабын саарбахтыы-саарбахтыы ыыппытым. Бириэмийэ бастакы кыайыылааҕа буолан, историяҕа киирдим диэн икки бүк үөрүүлээх олоробун.
Ийэ тыл эйгэтэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар
Биһиги лицейбитигэр (2013 сылтан Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх орто оскуолата Саха политехническай лицей аатын сүгэр – Аапт.) Сайсары түөлбэтин оҕолоро үөрэнэллэр. Бары сахалыы өйдөөх-санаалаах буоланнар, үлэлииргэ олус үчүгэй. Дириэктэрбит Надежда Константиновна Тимофеева хара кэлиэҕиттэн сахалыы эйгэни өйүүр. Кэлэктииппитигэр үксүбүт тыа сириттэн төрүттээх дьон үлэлиир, ол иһин мунньахтарбыт сахалыы бараллар, бассаапка эмиэ төрөөбүт тылбытынан суруйсабыт.
Урут биһиэхэ нуучча кылаастара суох этилэр, кэлин баар буоллулар. Бастакы оннук кылаас бэсиһи бүтэрэн эрэр. Киһи хомойоро – кылааска киирэн көрдөххө, үксэ саха оҕото олорор, 4-5 эрэ нуучча баар. Бастаан “нууччаларбыт” диэх курдуктара, билигин: “Саамай сөбүлүүр уруокпут – саха тыла”, – дииллэр. Бу үөрэх дьылыгар ОДНКР диэн саҥа предмет киирбитэ, Арассыыйа норуоттарын култуураларын үөрэтэбит. Бастаан бэйэҕит төрүт култуураҕытын биллэххитинэ эрэ атын омук култууратын үөрэтэр кыахтааххыт диэн этэбин.
Сыллата нууччалыы саҥарар оҕо элбээн иһэрэ кистэл буолбатах. Үгүс төрөппүт саҥа тылланан эрэр кырачааныгар болҕомтотун уурбата, төлөпүөн туттаран кэбиһэрэ – аныгы олоххо баар көстүү. Мин бэйэм оҕолорум Оробуочай городок түөлбэтин нууччалыы уһуйааныгар сылдьыбыттара, куорат оскуолатын бүтэрбиттэрэ. Ол эрээри уу сахалыы иитиилээхтэр. Кинилэр да улааталларын саҕана тэлэбиисэр, мультик элбэх этэ. Аҕам киэһэ аайы сиэннэригэр сахалыы остуоруйа кэпсиирэ, ырыа ыллаан утутара. Ийэ тыл эйгэтэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланара чуолкай. Төрүт тылынан иитиллэр оҕо предмеккэ барытыгар үчүгэй буолар. Кыыһым нуучча тылыгар БКЭ-ни 100 баалга туттарбыта, бу оскуолаҕа бастакы 100 бааллаах выпускник. Уолум нуучча тылыгар, химияҕа 80-тан, 90-тан тахса бааллары ылбыта. Кыыһым билигин түөрт тылынан холкутук кэпсэтэр. Итинэн төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билэр, ийэ толкуйдара сайдыбыт оҕолор атын да предмети, омук тылын холкутук баһылыыллар, билиини дэбигистик ылыналлар диэхпин баҕарабын.
Билигин үгүс төрөппүт «оҕобун нууччалыы үөрэттэрбэтэхпинэ, кэлин уопсастыбаҕа миэстэтин буларыгар эрэйи көрүө» дии саныыр. Ити сыыһа.
Саха тылыгар БКЭ-ни тоҕо талбаттарый?
Кэнники сылларга дьиэҕэ үлэни улаханнык биэрбэт буола сатыыбын. Арай кылааска ылбыт сорудахтарын ситэриэхтэрин сөп.
Төрөппүттэр “Саха тыла наһаа ыарахан”, “Оҕобор дьиэҕэ үлэтигэр сатаан көмөлөспөппүн”, “Наһаа куһаҕан учебниктар” дииллэрин өйдөөбөппүн. Биир эмит төрөппүт истэрбэр инньэ диирэ буоллар: “Тыый, химия, физика, геометрия, алгебра чэпчэки буоллаҕына, наһаа кыахтаах эбиккит”, – диэм этэ. Ити киһититтэн тутулуктаах, сүрэҕэ суох буолууттан, оҕону кытта кыайан алтыспаттан тахсар дии саныыбын.
Оҕо сүрүннүүр судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ, биир кэлим эксээмэҥҥэ саха тылын талбат, ол аата ыарырҕатар дии саныыр сыыһа. Төрүөтэ биир – саха тылыгар методическай матырыйаал аҕыйах. “Төрүт тыллар” (tt14.ru) диэн сахалыы порталлаахпыт олус үчүгэй, ол эрээри инникитин өссө кэҥиэн наада. Билиҥҥитэ механизма соччо сатаммат курдук диэн көрөбүн. Аҥаардас соҕотох киһи кыайбат. Салааларга арааран, түөлбэлэринэн үллэрэн (холобур, Сайсары оскуолалара) үлэни ыыттахха, ордук көдьүүстээх уонна үтүө түмүктээх буолуо этэ дии саныыбын. Атын предметтэргэ БКЭ-ни туттарарга матырыйаал, усулуобуйа барыта баар. Биһиэхэ эмиэ оннук эбитэ буоллар, оҕо саха тылын тоҕо талыа суоҕай?
Тыйаатыр уруоктара оҕону сайыннараллар
– Үлэҕэр ханнык хайысханы өрө тутаҕын?
– Уһуйааччым Евдокия Михайловна Поликарповаҕа куруук махтанабын. Кини үөрэҕинэн хара маҥнайгыттан болҕомтобун методикаҕа уурбутум. Онтон сыыйа-баайа оҕолору саҥардан, хоһоонноохтук ааҕыыга сыһыаран барбытым, кылааспар куукула тыйаатырын үлэлэтэр, “Аман өс” курдук айар күрэхтэргэ кытыннарар буолбутум. Кэнники сылларга оҕолору чинчийэр үлэнэн ордук сөбүлээн дьарыктыыбын. Үөрэнээччилэрим сыл аайы “Инникигэ хардыы” конференция куорат, өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа таһымнаах түһүмэхтэригэр ситиһиилэнэллэр. Ону таһынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы Вернадскай ааҕыыларыгар уонна да атын конференцияларга, олимпиадаларга үрдүк көрдөрүүлээхтэр. Ити курдук, билигин НПК-ҕа уонна олимпиадаларга кыттыыга улахан болҕомтобун уурабын. Куукулам тыйаатыра умнуллаары гынна диэн, билиҥҥи бэһистэрбин сыһыаран эрэбин.
9-с кылааска диэри оҕолорго улахан айымньылары туттаран кэбиһэбин уонна тыйаатыр уруоктарын тэрийэбит. Бэйэлэрэ бэлэмнэнэн, ол айымньыны оонньоон көрдөрөллөр. Бастатан туран, айымньы ис хоһоонун төһө өйдөөбүттэрин сыаналыыбын, иккиһинэн – туруорууларын. Кылаас салайааччытын кытта көрөөччү буолабыт. 5-7 кылаастарга сценарийын бэйэм суруйан туруорабын. 8-9 кылаастарга биирдии оҕону режиссер оҥоробун. Оҕолор учууталлааҕар үчүгэйдик туруораллар. Сорох-сороҕор Саха тыйаатырын артыыстарыгар кытта идиэйэ биэриэхтэрин сөп курдук. Оннук чаҕылхай үлэлэр баар буолаллар. Маны сэргэ, айымньынан айар үлэни көҕүлүүбүн. Ким оҕуруонан, сорох кус түүтүнэн аппликация, онтон да атын оҥоһуктары оҥорон аҕалаллар. Аҕыйах үлэ бу кылааспар турар (көрдөрөр – Аапт.).
Үлэ барыта сыаналаныахтаах диэн бириинсиптээхпин. Олимпиадаҕа, НПК-ҕа кыттыбыт, хоһоон аахпыт оҕолорго сыананы кэрэйбэккэ туруорар үгэстээхпин. Кыттыбыттарыгар уонна кыайбыттарыгар диэн туспа буолар.
10-с, 11-с кылаастарга киһи айар үлэнэн кыайан дьарыктаммат. Тоҕо диэтэххэ оҕолор онус кылааска эмиэ хайысхаларынан арахсаллар. Ону ийэттэн оҕотун арааралларын курдук ыараханнык ылынабын. Атын учууталтан кэлбит оҕону уһуйар уустук, тутан хаалбыт үөрэнээччигин эрэ дьарыктыаххын сөп.
Оскуолабытыгар – саҥа салҕааһыны
Лицейбит иитэр үлэҕэ “Дьокуускай куорат култуурунай нэһилиэстибэтэ” уонна үөрэх чааһыгар “Саха сирин промышленнаһа” диэн былааннаах. Чиэппэр бүтүүтэ кылаас аайы интегрированнай уруок эбэтэр маастар-кылаас ыытыллар. Холобур, ааспыкка “Оһуор утум” тэрилтэ ювелирын ыҥыран, биэс харахтаах харысхал туһунан кэпсээбиппит. Онуоха математиканы (геометрия фигуралара), химияны (үрүҥ көмүс), саха тылын (ахсаан аат) холбоон дьүөрэлээбиппит.
Бэйэм кылаастарбар сыл аайы айымньылаах үлэни оҥорон таһаарыахтаахпыт диэн сыал-сорук туруорабын. Холобур, билиҥҥи оҕолорум бэсиһи бүтэрэллэригэр “Дьиэ кэргэн саамай сөбүлүүр бүлүүдэтэ” диэн кинигэни таһаартарбыппыт. Алтыска “С чего начинается родина...?” Мой родной Якутск: памятники и памятные места” диэн үс тылынан ыйынньык хомуйан бэчээттэппиппит. Оҕолор төрөппүттэрин кытта хасыһан, көрдөөн, Дьокуускай куорат кэрэ-бэлиэ сирдэрин үөрэппиттэрэ.
Маны сэргэ, “Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт” диэн видеонан бырайыактаахпын. Холобур, былырыын уолаттар аҕаларын, убайдарын, эһэлэрин кытта “Сааскы кэм” арамаан “Аҕа” диэн чааһын аахпыттара. Быйыл ийэлэргэ Иван Гоголев “Ийэ тылым” поэматын биэрбитим, бары үллэстэн, наһаа үчүгэйдик артыыстаан аахтылар. Итинник оҕолуун-төрөппүттүүн сыл аайы тупсан иһэллэр. Бу бырайыак эмиэ дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы тыыны уһугуннарар аналлаах.
Салайааччы үлэһит буоллаҕына, кэлэктиип барыта киниэхэ сөп түбэһэ сатыыр. Биһиги дириэктэрбит Надежда Контантиновна – үлэтигэр бэриниилээх, инникини өтө көрөр, кэскиллээҕи толкуйдуур киһи. Ол иһин учууталлар, оҕолор, төрөппүттэр туора турбакка, бары биир сомоҕо буолан, биир санаанан үлэлииргэ дьулуһабыт.
Сахалыы эйгэни элбэтиҥ дииллэр да, бастаан онуоха сөптөөх усулуобуйа тэриллиэн наада. Биһиги оскуолабытыгар эбии салҕааһын туруорсубуппут ыраатта. Үс сиринэн олорон үлэлиирбит оҕолорго, төрөппүттэргэ, кэлэктиипкэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Дьиҥэр, син кыаллыан сөп ээ. Тиэргэммит киэҥ, сир көрдөөбөппүт.
Айымньылаах үлэ кистэлэҥнэрэ
– “Учебникка хаайтарбаппыт, хааччахтаммаппыт”, – диир үгүс учууталы билэбин. Кинилэри кытта сөбүлэһэҕин дуо?
– Оннук, хайаан да учебнигынан үөрэтиэхтээххин диэн буолбатах. Биллэн турар, онно олоҕуран, былаан, бырагыраама, тирэх оҥостоҕун. Холобур, үөрэх кинигэтиттэн быраабылалары ылыахпын сөп, оттон эрчиллиилэри бэйэм толкуйдуубун эбэтэр онтон-мантан ылабын. “Оҕолор, бу сирэйгэ баар эрчиллиини оҥоруҥ”, – диэн баран олорботуҥ чуолкай. Син биир барытын бэйэҥ айан таһаараҕын. Учуутал үлэтэ – айымньылаах үлэ.
Хонтуруолунай үлэҕэ оҕолор учебнигы туһаналларын, быраабылалары тутан олорон оҥороллорун көҥүллүүбүн. Хаһан да: “Суумкаҕытыгар угуҥ”, – диэбэппин. Оҕо элбэхтэ көрөн, ааҕан билиини ылынар дии саныыбын.
Билигин 5-тэн 9-с кылааска диэри оробуочай тэтэрээти бэлэмнии сылдьабын. Уолум мединститукка бастакы кууруска үөрэнэр, кини гистологияҕа туттар тэтэрээтин көрөн идиэйэ ылбытым. Киэбэ А-4, биир өттүгэр ойуулаах, быраабыланы суруйар графалаах. Иккис өттүгэр быраабылата барыта баар. Мин оробуочай тэтэрээтим эмиэ оннук курдук. Кэлэр үөрэх дьылыттан туттан көрүөхпүт.
Оҕо математикаҕа хайаан да эбиини-көҕүрэтиини, төгүлү, түҥэтиини, тэҥнэбили, доруоптаах чыыһылалары билиэхтээх. Ол тэҥэ, үөрэнээччи саха тылыгар этиини чилиэннэринэн, фонетикалыы, саҥа чааһынан, тылы састаабынан ырытыыны хайаан да билиэхтээх дии саныыбын. Итини үчүгэйдик сатыыр буоллаҕына, атын тиэмэни өйдүүрүгэр чэпчэки. Мин биир этиинэн бары аат саҥа чаастарын үөрэтиэхпин сөп. Эргитэ сылдьан. Оччоҕуна аптамаат курдук ырытар буолаллар.
– Билиҥҥи оҕолор тылларын саппааһа дьадаҥы, санааларын сатаан сааһылаабаттар, өйтөн суруйууга букатын буорайаллар, клиповай өйдөөх-санаалаах көлүөнэ толкуйдуура тутах дииллэрэ оруннаах дуо? Манна туох үлэни ыытаҕын?
– Ити БКЭ содула дии саныыбын. Ону сэргэ, оҕону биир киэпкэ киллэрииттэн буолуон сөп. Баҕар, сорох кэллиэгэлэрим өһүргэниэхтэрэ. Ол эрээри өйтөн суруйууну биир халыыбынан суруйарга үөрэтии баар диэн аһаҕастык этэбин. Холобур: “Я согласен с мнением автора...” диэнтэн саҕалыыллар. Билиҥҥи уон бииристэр миигиттэн эмиэ оннугу ирдииллэр. “Тоҕо нуучча литературатын курдук шаблон суоҕуй? Ханнык тыллары туттарбытын этэриҥ буоллар, айымньы аатын суруйан, тиэмэтин, проблематын бэйэбит туруоран биэриэхпит”, – дииллэр. Ити кинилэр толкуйдуу сатаабаттарын көрдөрөр.
Уһуйааччым Евдокия Михайловна: “Оҕо оҥорон көрөр толкуйун сайыннарыахха наада”, – диэн этиитин өрүү холобур оҥостобун. Ол иһин айымньылаах үлэҕэ сүрүн болҕомтобун уура сатыыбын. Фантазията таһыччы буоллаҕына, үөрэнээччи ханнык да суругунан сорудаҕы кыайар. Оҕолор олус үчүгэйдик уруһуйдууллар. Ол эрээри, хомойуох иһин, сүрэҕэ суохтар. Урукку үөрэнээччилэрим наһаа үлэлииллэрэ. Манна эмиэ син биир дьиэ кэргэҥҥэ эргиллэн кэлэбит. Кэтээн көрдөххө, эбээ, эһээ ииппит оҕолоро өйтөн суруйууну ыарырҕаппаттар ээ.
Режиссер туруоруута ааптар баҕа санаатын тиэрдибэт...
– Өктөбүрүөнэк, пионер диэн кимин билбэт оҕолор урукку айымньылары үөрэтэллэрэ ыарахан диэн санаа баар...
– Литература – олох сиэркилэтэ. Историяны кытта быһаччы ситимнээх буоллаҕа. Ааптар олоххо туох буолбутун, оччотооҕу кэми суруйар. Урут Саха сирин историята диэн предмет баара. Ол сөргүтүллэн, бииргэ тутан үөрэтэрбит ордук этэ. Уопсайынан, предметтэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээх буолуохтарын наада дии саныыбын. Холобур, саха тылын нуучча тылын, литература уруогун историяны кытта сыһыаран үөрэтэрбит быдан көдьүүстээх уонна түмүктээх буолуо этэ.
– Былырыын Саха тыйаатырыгар ыытыллыбыт көрсүһүүгэ учууталлар: “Тыйаатыр бырагырааматын литература уруоктарын кытта ситимниэххэ баара”, – диэн этиилэрин сэҥээрэ истибитим. Эн санааҥ?
– Оҕо билэр айымньытынан испэктээги сэргээн көрөр. Ол эрээри эмиэ ноолоох. Былырыын Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар “Тулаайах оҕону” баран көрбүппүт. Дьиҥэр, үчүгэй туруоруу этэ. Бары астынан тарҕаспыппыт. Арай, такси кэтэһэн турдахпына, биир оҕо: “Майя Виссарионовна, эн биһигини албыннаабыккын. Даҕанчаны наһаа кыраһыабай эр киһи курдук кэпсээбитиҥ. Кып-кыра эбит буолбат дуо?” – диэн мух-мах оҥорбута. Кырдьык, кыра уҥуохтаах артыыс оонньообута, бэйэм да астымматаҕым. Даҕанчаны хонуктаах сири биирдэ кэрийэн кэлэр, күүстээх-уохтаах киһи диэн идеал курдук кэпсээбиппин быһыылаах.
– Сахалыы айымньыларынан киинэ балайда элбэх. Ханнык айымньынан киинэ таҕыстаҕына, үөрэнээччи интэриэһин тардыа этэ дии саныыгын?
– Режиссер тус көрүүтүн киллэрэрэ сороҕор соччото суох. Итиннэ эмиэ оҕо бэйэтэ оҥорон көрбүтэ ыһыллыан сөп. Холобур, айымньы Даҕанчатын буолбакка, дьоруойу оонньообут артыыс дьүһүнүн өйдөөн хаалыаҕа. Кыра саастаах оҕолорго киинэ элбиирэ ордук. Улахан оҕолор аахтыннар ээ.
Литература уруоктарын нөҥүө толкуйу сайыннарар буоллахпытына, киинэ курдук бэлэм бородууксуйа эмиэ наадата суох курдук. Киһи айымньыны ааҕан, хараҕар оҥорон көрбүтэ хартыынаҕа олох атын буолан тахсыан, оччоҕуна сыыһа өйдөөбүппүн дии саныан сөп. Чэ, туох да диэҥ, режиссер туруоруута ааптар баҕа санаатын син биир тиэрдибэт. Ааҕааччы айымньыны дьиҥ бэйэтинэн ылынара ордук дии саныыбын.
Сиэри таһынан сахатытыыны сөбүлээбэппин
– Оттон тылбаас туһунан тугу этиэҥ этэй? Холобур, биһиги “Бөкчөгөркөөн-Соноҕосчоон”, “Суундьукку”, “Айболит луохтуур” уо.д.а. саха айымньыларын курдук ылынарбыт, оннук үчүгэй тылбаастары ааҕан улааппыппыт. Холобур, билиҥҥи оҕоҕо “Гарри Поттеры” тылбаастаатахха, сахалыы ааҕыыны көҕүлүөхпүт этэ дуо?
– Дьэ, суох, мин итини утарааччылар кэккэлэригэр киириэм этэ (күлэр). Ханнык да тылбаас дьиҥнээх айымньыны солбуйуо суоҕа. Холобур, кыыһым, омук тылын үчүгэйдик билэр буолан, киинэни, кинигэни оригиналларын эрэ көрөр, ааҕар. “Гарри Поттер” нууччалыы тылбааһын олох атыҥыраабыта.
Тылбааһы арай нуучча оҕолоругар сахалыы айымньылары үөрэтэргэ туттуохха сөп. Ону да урукку, классическай тылбаастары. Холобур, “Глухой Вилюй”, “Якутской интеллигенции”.
Уопсайынан, сиэри таһынан сахатытыыны сөбүлээбэппин. Холобур, “бэдэрээссийэ”, “омуоньум”, “литэрэтиирэ” диэн олус барыы дии саныыбын. Нуучча тылыттан киирбит уонна тутта үөрэммит “остуол”, “кинигэ”, “судаарыстыба” диэн тылларбыт саха кулгааҕар олуонатык иһиллибэттэр. Киирэр уонна киирбэт тыл диэн баара чахчы. Холобур, “түһүк”, “тиэкис” билигин киэҥник туттуллаллар. “Биридимиэт” оннугар “барамай” диирбит быдан ордук.
Кинилэри холобур оҥостон, үлэни өрө тутан
– Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сыла. Эйигин учуутал идэтигэр ким сирдээн аҕалбытай?
– Ийэм Валентина Дмитриевна Васильева. Кини – саха тылын учуутала, төрөөбүт дойдутугар – Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгэр 40-тэн тахса сыл биир оскуолаҕа үлэлээбитэ. Саха тылын өрө туппут киһи. Кини аһаҕас уруоктарыгар, куурустарыгар өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыттан учууталлар кэлэллэрэ. Онно бүтүн дьиэ кэргэнинэн ийэбитигэр көмөлөһөр этибит. Аҕам Виссарион Николаевич Васильев саҥаны айан таһаарар ураты толкуйдаах, идиэйэлээх, олус сэмэй майгылаах киһи этэ. Кини ийэм кылааһыгар ким хайа иннинэ дуоска үрдүнэн тургутугу бэрэбиэркэлииргэ диэн түөрт араас өҥнөөх умайар түннүгү оҥорбутун өйдүүбүн. Оҕолор сөпкө хоруйдаатахтарына, күөх өҥнөөх лаампа тыгара, сыыстахтарына, кыһыл уот умайара. Билигин остуолга уурбуккун дуоскаҕа көрдөрөр “документ-камера” диэн баар. Итинниги аҕам 80-с сылларга оҥорбута.
Үлэни өрө туппут дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт дьоллоохпун. Ийэм: “Үөрэххэ, сайдыыга угуллубут харчы – дьиҥнээх баай-дуол”, – диир буолара. Миигин хаһан да саха тылын учуутала буол диэбэтэҕэ. Оскуоланы национальнай өй-санаа уһуктуутун, төрүт култуура өрө туруутун кэмигэр бүтэрбитим, онон бу үөрэххэ баҕаран туран туттарсыбытым. Биир миэстэҕэ куонкурус олус үрдүгэ – 25 киһи этэ.
Учуутал үлэтэ, кырдьык, ыарахан. Киэһэ алта чааска ааҥҥын сабан баран дьиэлээн хаалбаккын. Сарсыҥҥы уруоктаргар бэлэмнэнэҕин, төрөппүттэр ыйытыыларыгар хоруйдуугун. Аны уопсастыбаннай үлэ диэн баар. Профсойуус кэмитиэтигэр бэрэссэдээтэллээбитим 12 сыл буолла.
– Олоххор, үлэҕэр холобур оҥостор учууталлааххын дуо?
– Бэһистэн сэттис кылааска диэри математикаҕа Гурий Михайлович Романов диэн ураты көрүүлээх учууталга үөрэммитим. 80-с сылларга билиҥҥи БКЭ систиэмэтинэн үөрэтэрэ. Оччолорго тест диэни ким да тутта илигэ, кини биир бастакынан киллэрбитэ. Олус үлэһит, оҕо дьоҕурун өтө көрөр учуутал этэ – ким математикаҕа, ким тылга ордугун. Таһымҥынан көрөн, кимиэхэ чэпчэки, сороххо уустук садаачалары, олимпиада сорудахтарын биэрэрэ. Күн аайы куруһуок ыытара. Онно күүстээх эрэ оҕолору талбата, мөлтөхтөрү эмиэ ылара. Аҕам үйэтин тухары телестанцияҕа үлэлээбитэ, физикаҕа, математикаҕа олус күүстээҕэ. Ол иһин да буолуо, Гурий Михайлович миигин куруһуокка ыҥыра-ыҥыра дьарыктыыра. Баҕарбатарбын да тиийэрим уонна ол олорон халлаан хараҥарбытын билбэккэ да хааларым. Оннук ураты методикалаах учуутал этэ. Хомойуох иһин, бу олохтон олус эрдэ туораабыта. Баҕар, 11-с кылааска диэри киниэхэ үөрэммитим буоллар, букатын атын хайысханы талыам эбит дии саныыбын.
– Төрөппүттэргэ баҕа санааҥ.
– Оҕолоргутун бэйэҕит холобургутунан үөрэтиҥ. Киһилии киһини иитэн таһаарыы – биһиги уопсай сорукпут. Оҕону үөрэҕинэн эрэ сыаналыыр сыыһа дии саныыбын. Сороҕор эксээмэнин 100 баалга туттарбыт, өр сылларга сыспыт-соспут оҕоҥ оскуола аанын сабан тахсыаҕыттан эн диэки эргиллэн да көрүө суоҕа. Ол оннугар мөлтөхтүк үөрэммит, үгүстүк мөхпүт-эппит оҕоҥ ордук махталлаах буолуон сөп. Туох да диэбит иһин, киһилии киһи олоҕор элбэҕи ситиһэр диэхпин баҕарабын.
– Майя Виссарионовна, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын, айымньылаах үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.