Матвей Лыткин: «Көмөлөһөргө бэлэммит»
«Олус сөптөөх, кэмигэр ылыныллыбыт быһаарыы дии саныыбын – байыаннай дьайыыга кыттар дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөнү уонна өйүбүлү оҥоруу. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Дьокуускайтан саамай элбэх киһи ыҥырылынна. Биллэн турар, кинилэри дьиэ кэргэттэрэ, оҕолоро долгутар. Ол иһин маннык ыарахан кэмҥэ Евгений Николаевич Григорьев өйүүр миэрэлэри киллэрии туһунан биллэрбитэ, байыаннай сулууспалаахтарбыт чугас дьонноругар материальнай эрэ буолбакка, өссө психологическай көмө оҥоһуллара улахан суолталаах. Биһиги, Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ, судаарыстыбаннай былаас уонна бэйэни салайыныы уорганнарын үлэлэрин хонтуруоллуурга, саҥа аһыллыбыт Байыаннай дьайыыга кыттар дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр кииҥҥэ кэлбит чугас дьоннорун кытта үлэлэһэргэ бэлэммит», - диэтэ Матвей Лыткин.
Байыаннай дьайыыга кыттар дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин аадырыһа: Дьокуускай куорат, Курашов уул., 1/1, 8-с, 9-с, 23-с, 44-с кэбиниэттэр. Билсэр төлөпүөн нүөмэрдэрэ: 40-88-70, 8914-110-60-20.