04.05.2023 | 10:00

Матрена Петровна Петухова: «Дулҕа үөннээх уутугар билигин да махтанабын»

Матрена Петровна Петухова:  «Дулҕа үөннээх уутугар билигин да махтанабын»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Харах уулаах бырааһынньыкпыт чугаһаата. Сылтан сыл аайы бэтэрээннэрбит барахсаттар аҕыйаан иһэллэр. Онон суруйар дьоруойгун булан кэпсэтииҥ, кини урукку кэмин ахтарыгар сөбүлэҥ ылыы суруналыыс киһиэхэ, этэргэ дылы, улахан ситиһии.
Бүгүн мин ааҕааччыларбар “Уус Алдан улууһун уһун үйэлээҕэ” үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайына, “Саха сирин бочуоттаах кырдьаҕаһа”, “Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо”, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин огдообото, 95 хаарыгар сылдьар Матрена Петровна Петуховалыын ол кэмнэри ахтан-санаан аастыбыт.

— Эн оонньоммотох, уоруллубут оҕо сааһыҥ уоттаах сэрии, аччыктааһын ыарахан кэмигэр ааспыта. 1941 сыллаахха хас саастаах этигиний, сэрии саҕаламмытын өйдүүгүн дуо?

— Өйдөөн бөҕө буоллаҕа, оччолорго 13-14 саастаах кыыс оҕо этим. Улахан убайбын кэлэн хонууттан ылан барбыттара, аччыгый убайым куораттан Чурапчыга прокурорунан үлэлии тахсан баран үргүлдьү аармыйаҕа ыҥырыллан барбыт этэ. Онон ийэлээх аҕабынаан үһүөйэх эрэ хаалбыппыт. Сэрии саҕаламмытын истэн баран бары олус куттаммыппытын, убайдарым сэриигэ бараннар өлөллөрө буолуо диэммин наар ытаан сордонор этим.

— Төрдүҥ-ууһуҥ, дьонуҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо? Хас сыллаахха төрөөбүккүнүй, бииргэ төрөөбүт хаһыа этигитий?

— Ийэм Никииппэрэптэр кыыстара, оччолорго, Хомустаах эбитэ дуу, Лөгөй дэнэрэ дуу. Дабайааҥка диэн уус киһи баар эбит, Никиипэрэп Миитэрэй диэн. Ол киһи бииргэ төрөөбүт балта. Ол киһи соҕуруу, Москубаҕа үөрэммит, сахалартан бастакы муосчут, сэлии муоһунан саахымат оҥорбут этэ, онтон аатыран иһэн кэнники ыарыы буулаан өлбүт, мин ол киһини билбэппин.

Аҕам ханна төрөөбүтүн билбэппин. Хаппыырыттар диэнтэн, Топпонньо аҕата Бэскэл Бүөтүр диэн баара, олор төрүттэрэ. Харах Уулаах диэн алаас илин баһыгар балаҕан туттан олорбуппут. Ол иннинэ Манньыыра диэн алааска эмиэ олоро сылдьыбыттаахпыт.

1928 сыллаахха алтынньы 10 күнүгэр төрөөбүтүм, бииргэ төрөөбүт үс уол, үс кыыс этибит. Кыргыттар бары Матырыана диэн ааттаахпыт, убайдарым Улахан Уйбаан, аччыгый Уйбаан уонна саамай улахаммыт аҕатын аатынан Бүөтүр диэн этэ.

Улахан убайым Бүөтүр олох үөрэҕэ суох үһү. Орто убайым Суотту Сыһыытыгар начаалынай оскуолаҕа үөрэммит, кыра убайым Чараҥайга 7 кылааһы бүтэрэн баран куоракка киирэн юрист идэтин ылан Чурапчыга прокурордуу сылдьан, онтон сэриигэ ыҥырыллан барбыт, дьонугар быраһаайдаһа ыыппатахтар даҕаны.

— Тыылга тугу үлэлээбиккиний, ыалларгыт, биир саастыылаахтарыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

— Биир саастыылаахтарым диэн суохтара даҕаны. Мин Харах Уулаах диэн төрөөбүт алааспар соҕотоҕун олорон хаалбытым, ийэбин уонна аҕабын кытта. Онон атын дьону кытта бодоруспатаҕым, кими да билбэппин даҕаны. Кэнники хонууга үлэлиир буолтум кэннэ оҕону, дьахтары кытта билсэн барбытым.

Сэрии кэмигэр арааһы барытын үлэлээбитим. Сыыс ыраастааһыныгар сылдьыбытым, талах хомуйтараллара. Оппут олох үүммэтэҕэ, инньэ гынан хонууга үлэлиир киһи ахсааннаах этэ. Ханна эрэ быыкаайык эрбэһин сыыһа эҥин үүммүт буоллаҕына, ону хомуйарбыт. Сир-уот барыта хайыта хатан хаалбыта, бирээмэ сорох сирдэргэ умуһах курдук хайа барбыт дьөлөҕөскө киһи түһүөх курдуга, ону ыстанан туоруур этибит.

Дьоҕойон сиэмэ ыһаллар. Онтулара халыанчыка диэн ааттаах ыарыы буулаан бүтүннүүтэ харааран хаалар, ону туох да сиэбэт. Аһа суох, дьоҕойон ол да буоллар хомуйаллар. Биир эмит туораах элиэр оппут буоллаҕына ону мунньан, ыһыыга уураллар. Гыраам да бурдук, сиэмэ, эт-ас да диэн суох, сүөһү-ас барыта бүппүтэ, охторо охтон. Инньэ гынан аччыктааһын кытаанаҕа саҕаламмыта, ол хаалбыт дьонтон сорохторо ыалдьар эҥин өттө хаалан баран сиргэ өлөөччү сиргэ өлөн, тыаҕа өлөөччү тыаҕа өлөн бүппүттэрэ.

Хонууга, алааска туох сэрбэйэрин барытын хомуйтараллар. Ол үлэлии сылдьан утатан өлөөрү, уу көрдөөн алаас улаҕатын барытын кэрийэммин арай биир алааска тиийэн кэллим. Ол кэлбитим арай куулатыгар дулҕа быыһыгар туох эрэ кылайар. Хараҕым итэҕэйбэтэ, үөрүүбүттэн умса түстүм да уулаабытынан бардым. Дулҕа уута сөрүүнэ, санаабар, наһаа минньигэс, билиҥҥэ диэри амтана бирээмэ баар. Ону иһэммин тыыннаах ордубутум. Арай утаҕым хаммыт курдук буолан ойон туран көрбүтүм, барыта мунду курдук үөн бөҕөтө сылдьар эбит. Ол үөннэр абыраатылар быһыылаах, билиҥҥэ диэри тыыннаах олорорбор дии саныыбын. Ол испит дулҕалаах уубар билиҥҥэ диэри махтанабын. Дьиҥэр, былаат туомнаахпын этэ, сиидэлиир эҥин диэн өй тиийбэт буоллаҕа, ууну көрбүт үөрүүбэр умса түһэн уулаабытынан барбытым. Кэнники билбитим Төҥүргэстээх диэн Манньыыра таһыгар баар алаас эбит, бэйэбит алааспыт. Урут миэхэ ким аатын этиэй, кэпсиир киһим да суох.

Бэһи сиэн сордонорбут, сорох ыаллар бэс сутукатын сиэннэр өлөн хаалаллара. Тыыннаах хаалаарылар сиэн муҥнаналлар буоллаҕа. Ону куртахтара кыайан араарбат, буһарбат, таһаарбат, инньэ гынан куртахтарыгар, оһоҕосторугар мунньустан өлөрөн кэбиһэр. Аҕам табахсыт этэ, табах тардаары үөт талаҕы ылан, ол тиит курдук хатырыктаах буолар эбит, ону кырбаан табах оҥосторо. Уонна хатыҥ үөһүн буланнар, билиҥҥэ диэри бастыҥ эминэн сылдьар чээрэ диэнинэн чэй оҥостон иһэллэр. Билигин медицина дакаастаан, ол чээрэбит сураҕа иһиттэххэ бастыҥ эмп буолла.

— Эн чугас дьоҥҥуттан хас киһи сэриигэ аттаммытай? Эргиллибиттэрэ дуо?

— Мин икки убайым сэриигэ барбыттара да эргиллибэтэхтэрэ. Чугас ыалларым оҕолоро барбыт өттө үгүстэрэ өлбүттэрэ, сураҕа суох сүппүттэрэ, аҕыйах эрэ киһи эргиллибитэ.

Мин билэрбинэн, Үөлэһэп Роман Игнатьевич, Нафанаилов Көстөкүүн Бөтүрүөбүс, Пермяков Баһылай Махаарабыс төннүбүттэрэ, уонна оппут киһи суох быһыылаах, итилэри өйдүүбүн. Улахан убайым Үөлэһэп Бүөп Бөтүрүөбүс, аччыгый убайым Үөлэһэп Уйбаан Бөтүрүөбүс сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ, орто убайбын балыкка диэн ааттаан Булуҥҥа ыыппыттара, ол айыыта онон, бары сүппүттэрэ.

— Оччотооҕу кэмҥэ саамай суолталаах туох этэй?

— Саамай суолталаах ас буоллаҕа дии. Хайдах эрэ саатар биирдэ тото аһаабыт киһи, ас көстөрө буоллар диэн наар ол айдаана. Аҕам барахсан аччыктаан иһэн хаала-хаала балыктаан муҥнанан онон иитэлээбитэ, киһи хара оҥорбута. Ол балыкпыт да диэн дьүдэйэн иҥиир курдук буолбут этэ, сыраан курдук. Ол да буоллар хайыаххыный, өлөөрү аччыктаан сытар киһи сиир буоллаҕа.

Биир ынахтаах этибит, онтубут тыһы ньирэйдээҕэ, ыксааммыт ону сиэбиппит, бэйэ киэнин сиир көҥүллэммэтэ. Ону хайдах быһыылаах сиэбиппитин олох өйдөөбөппүн. Ол ынахпыт үс сыл кытараан, хата, кини тыыннаах хааллартаабыта. Быыкаайык да буоллар үүттээх этэ, сарсыарда күөрчэх сыыһа оҥорон куртахпытын албынныыр этибит. Уҥуохтаах отонно үргээн аҕалыҥ дииллэр этэ, ол отоммут да үүммэт буолбута.  Аҕыйаҕы булан киллэрдэхпитинэ, кэлиигэ сынньан күөрчэххэ куталлара. Биир ытыс да буоллар үргээн киллэрэн, сынньан, күөрчэххэ былаан сиир этибит. Ол амтана билигин да айахпар баар, оччо минньигэс этэ. Быыкаайык биирдии ньуоска тиксэр, ону сиэн дьоллонор этибит.

Ол курдук бырдыбыт быстан, хоргуйан өлөөрү олордохпутуна  түбэһэ түһэн, хайалара тыллаабыта буолла, хата, өлбөт быатыгар, нуорма бурдук эбэн биэрэннэр, онон тыыннаах ордубуппут. Оччолорго Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн Бөтүкүөп Даньыыл Киргиэлэйэбис диэн киһи олорбута. Кытаанах баҕайы майгылаах этэ. Хата, аһынан, үтүө санаалаах киһи буоллаҕа, биһигини өлөртөн быыһаан турардаах. Онтон атын үһүөн, ийэм, аҕам уонна мин, өлүө эбиппит. Билигин биир эмит оҕотун көрсөрүм буоллар ол киһиэхэ махтаныам этэ.

Харах Уулаах тулатыгар баар ыаллар бары эстибиттэрэ. Биһиги ол үһүөйэҕин онно олорон бараммыт, кэнники сэрии бүппүтүн кэннэ Суотту Сыһыыта диэн алааска көһөн киирбиппит, биһигиттэн биэрэстэ кэриҥэ. Онно киирэн саха балаҕаннаах кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ уонна аҕамсыйан эрэр дьахтарга дьукаах олорбуппут, Алексеевтар диэн этэ.

Ыалга эҥин сырытыннарбаттар, инньэ гынан муҥутах баҕайы этим, киһини кытта кыайан кэпсэппэппин, кэпсэтэр да киһим суох. Аҕам, ийэм төрүкү кырдьаҕастар, мин оһоҕос түгэҕинээҕи оҕобун. Аҕам мин төрүүрбэр 60 саастаах эбит. Ийэм 54 саастаах. Улаханнык хаһыат, сурунаал эҥин диэни билбэппит. Биир эмит киһи сырыттаҕына, ону-маны кэпсээбитэ буолан тахсаахтыыр быһыылаах этэ.

— Кыайыы буолбутун ханна сылдьан истибиккиний?

— Аҕам наар үөрэттэрэн сордонор этэ, инньэ гынан Мүрүгэ киирэн аҕыйах күн үөрэммитим. Сэттис кылааска. Бээ, үөрэммит сирим син элбэх. Ол Мүрүгэ үөрэтэллэрин олох ылыммаппын, ыарырҕаттым, тугу да билбэппин. Инньэ гынан саас аккаастаан төннөн тахсыбытым. Дьону да эрэйдиибин, бэйэм да эрэйдэнэбин диэн. Тугу да билбэт эрээри туохха үөрэнэбиний, хааллын диэн баран үөрэхпин быраҕан тахсан кэлэ турбутум. Сатыы, хата суолу-ииһи билэрим да бэрдэ бэрт. Хомустааҕынан, быһа Дэргинэн кэлбитим быһыылааҕа. Оччолорго 17-лээх эдэр кыысчаан буоллаҕым дии. 1942 сыллаахха Суоттуга, Хоноҕорго үөрэнэ сылдьыбытым 6-с кылааска, онтубун кыайан бүтэрбэтэҕим, кэнники кэлэммин Чараҥай оскуолатыгар 6-с кылааспын бүтэрбитим, онтон ол Мүрүгэ аҕыйах хонукка үөрэммитим.

Ол сырыттахпытына куораттан  икки оҕолоох Матырыана диэн улахан эдьиийим кэлбитэ. Кэргэнэ сэлликтээн өлбүт, онон огдообо хаалбыт. Аччыгый убайым киниэхэ олорон үөрэнэн баран Чурапчыга үлэлии тахсыбыт этэ, онтон сэриигэ ыҥырыллыбыта. Онон оҕолорун соҕотоҕун хантан иитиэй, ол иһин дьонугар тахсаахтаабыта буолуо. 

Ол олордохпутуна кыайыы буолбута. Бырааһынньыкка диэн килиэп оҥорбуттара. Үөрүү-көтүү буолбута, миитини истээри киһи бөҕөтө мустубута. Ворошилов аатынан колхуос диэн, хоту өттүбүтүттэн Суотту Сыһыытыттан диэн, соҕуруу өттүбүтүттэн Хардыы колхуос чилиэннэрэ, биһиги, Даалы олохтоохторо, Киров аатынан колхуостан бары мустубуппут. Төһө киһи кэлбитинэн килиэптэрин чиэппэрдээн, аҥаардаан түҥэтэн аһаппыттара. Арыы диэн суох, хантан кэлиэй, кураанахтыы сиэппиттэрэ. Наһаа да минньигэс килиэп этэ, киһилии бурдугу, амтаннаах аһы амсайбакка сылдьар дьон эрэйдээхтэр үөрүү-көтүү бөҕө.

Оччотооҕуга Үөлэһэп Дьөгүөр Мэхээлэйэбис диэн учуутал баара, аармыйаҕа баран кэлбит киһи. Бука, сэрэйдэхпинэ, ол киһи дакылааттаабыта буолуо.

Аҕам Үөлэһэп Бүөтүр Саабыс, Күөх Бүөтүккэ диэн хос ааттаах, олоҥхоһут этэ. Сэрии кэмигэр олоҥхолооботоҕо, сэрии бүппүтүн кэннэ аҕабын Хомустаахтан Никиипэрэп Ньукулай диэн оҕонньору ыытаннар Кыайыы ыһыаҕар алгысчыт оҥостобут диэн атынан ылларбыттара. Ону биһиги батыһан барсыбыппыт. Арай аҕам алгыс этэрин кытта, доҕоор, этиҥнээх ардах тахсан боруоста тоҕо түһэн кэбистэ. Үөһээ уу, аллараа уу буоллубут. Ыһыах Уһун Сыһыыга буолбута, бэс ыйа этэ, сайылыкка көспүт кэмнэрэ. Сарсыныгар чаҕылыйан түһэн үчүгэй да үчүгэй күн буолбута. Инньэ гынан аҕаҥ алгыстаан ардаҕы түһэрэн өҥ кэллэ диэннэр, үөрүү-көтүү бөҕөтө буолаллар этэ, колхуос колхуос барыта. Ол курдук ыҥырыынан Баатаҕайга да барар этэ, Суоттуга Диэрэ сайылык диэҥҥэ эмиэ киирэн алҕаабыта. Барытыгар ардаҕы түһэрэн, кини үүнүүнү аҕалла диэннэр, олус үөрэллэр, махтаналлар этэ.

— Кэргэҥҥинээн Хабырыыстыын хаһан ыал буолбуккутуй?

— 1949 сыллаахха балаҕан ыйыгар ыал буолбуппут. Хаатты диэн сайылык баар, 1947-1948 сылларга онно саҥа маһынан оскуола тута охсубуттара. Суотту Сыһыытын оскуолатын саппыттара. Онно, кыра да буоллар, көрсүһүү курдук тэрийбиппит. Ол курдук Даалыга сүктэн кэлбитим. Хабырыыс онно атыыһыттыыра, эргиэҥҥэ 40 сыл үлэлээбитэ. Араас нэһилиэктэринэн, Хаартынан, массыына баар буоллаҕына массыынанан, суох буоллаҕына атынан сылдьан ханна баҕарар атыылыыр этэ.

— Эйэлээх олоҕу тутуу саҕаламмыта, оччолорго эн ханна үлэлээбиккиний?

— Даалыга кэлэн баран ыанньыксыттаабытым, үүт астаан, субай сүөһү ис-тас үлэтигэр үлэлээбитим. Ол сылдьаммын өссө кэргэн барар сылым сааһыгар Намҥа субай сүөһү үүрэн киллэрэн көрбүппүт, онно оттоон, саас сыл тахсан баран көһөн тахсыбыппыт, атынан сылдьан наар бэйэм бостууктуур этим, таһаҕаска да барар этим.

Суоттуттан таһаҕас тиэйэрим. Куораттан эмиэ тиэйэ барар этим, бу санаатахха, куттаммат эбиппин. Оҕуһунан барабын, бурдук эҥин тиэйэбин, маҕаһыын киэнин тиэйтэрэллэр. Аны санаатахха, хорсуннук сылдьар этим. Саас барабын, ичигэс, ылааҥы буолбутун кэннэ. Ыллыгы, аартыгы син билэн сылдьыбыппын. Билигин ол суолбунан сатаан барбат инибин. Ол Суотту Сыһыытыттан айанныыбын.

Кыыс сылдьан кирпииччэ үктээбитим, бурдук үүммүтүн кэннэ бурдук быһыытыгар сылдьабын. “Самостик” диэн баар этэ, бурдук быһар тэрил, акка холбууллар, кылаабырдаах, онто адара курдук эргийэр, бурдугу быһар. Охсор хотуурун курдук, туоллаҕын аайы кыраабыл курдук тарыйан биэрэр, ону быһаҕын, ол кэннэ биирдии баайыынан түһэрэн иһэр. Сарсыарда турбутуҥ илииҥ барыта бурдук ото бөҕөтө  киирбит, дарбаччы иһэн хаалар уонна ириҥэрэн хаалбыт буолар. Хайыаххыный, хостоон, ыраастаан ылан аһарынан баран сарсыарда эмиэ туран бурдуккун баайаҕын. Былааҥҥын толоруоххун баҕарар буоллаххына, бааһынаҕа сүүрүүнэн сылдьаҕын. Кирпииччэҕэ эмиэ биир оннук, сүүрүүнэн сылдьан оҥороҕун. Уулаах, кумахтаах буолаҕын, халыыпка сыстыбатын наадатыгар иһигэр кумаҕы кутаҥҥын сайгыыгын, уу кутан илитэҥҥин, оччоҕо кумаҕыҥ биирдэ сыстар. Онтон дьэ дьалкытан-дьалкытан баран кумаххын кумахха сүөкүүгүн, ол сүөкээн баран инчэҕэй кирпииччэ буолар буору күүскэ быраҕаҕын. Икки устуука кирпииччэ халыыба буолар. Кутаргар куоппат буоллаҕына, ол аата үчүгэйдик мэһиллибит тиэстэ. Куотар буоллаҕына, хамсыыр, ол аата куһаҕан кирпииччэ түһэр диэн буолар. Ону хамсаппакка илдьэҥҥин көнө сиргэ түһэрэҕин. Сарсыҥҥытыгар куурдуу, хатарыы, дьаарыстааһын буолар. Ардах түһээри гыннаҕына, ол түүн утуйбаккын, кирпииччэҕин харайаҕын. Күҥҥэ  былаан быһыытынан 500 устууканы түһэриэхтээххин. Наар сүүрүүнэн сылдьаҕын.

— Дьоллоохтук олорорго туох нааданый, уһун үйэлээх буолуу кистэлэҥэ тугуй?

— Уһун үйэлэнии кистэлэҥин диэни билбэппин, бэйэ аһын аһыы сатыыбын, мээнэ, хотуобай, оҥоһуу аһы халбаһыны эҥини наһаа сиэбэппин. Килиэби сиибин. Хойукка диэри сүөһүлээх этибит, инньэ гынан үрүҥ аһы аһаан кэллэхпит дии. 75 сааспар диэри сүөһүбүн көрбүтүм. Оҕолорум баар буоланнар, кинилэр биэбэйдээннэр баччаҕа кэллэҕим, туох да итэҕэһим-быһаҕаһым суох, барытын толороллор. Барыта баар, ас баар, таҥас баар, кыыһым оҥорбут оронугар сытыахпын эрэ наада. 

— Эн билигин дьоллоох ийэҕин, эбээҕин. Оҕолоруҥ тустарынан кэпсиэҥ дуо?

— Тыыннаах ордоммун баччаҕа кэлбиппэр оҕолорбор махтанабын, кинилэр баар буоланнар тыыннаах олоробун. Уонна уум-хаарым билигин дэлэй. Уубар махтанабын, ол үөннээх ууну испиппин сарсыарда аайы чэйбин иһэрбэр хайаан да махтанабын. Махтаммакка эрэ испэппин, ботугураан баран иһэбин, аспар-үөлбэр эмиэ оннук, хайаан да ботугуруубун.

Хабырыыспынаан орто ыал сиэринэн 54 сыл олорбуппут. Мин эдэр эрдэхпинэ сүөһү көрөн, хонуу ис-тас үлэтигэр, таһаҕас да таһыытыгар үлэлээбитим. Онон куһаҕана суохтук олорон, сэттэ оҕону төрөтөн, биэбэйдээн, үөрэхтээх дьон оҥортоон бу орто дойдуга кэлбит аналбытын чиэстээхтик толордубут дии саныыбын.

Улахан уолум уус идэлээх, көмүс ууһун маастара буолбута, билигин баара буоллар 72-гэр барбыт киһи буолуо этэ. Улахан кыыһым Санкт-Петербурга баран 44 сыл олорбута, билигин эмиэ суох, орто дойдуттан күрэммитэ. Аччыгый уолум манна дойдутугар аҕалан ийэ буорун булларбыта. Атыттар таҥара көмөтүнэн этэҥҥэлэр. Орто уолум билиҥҥэ диэри сүөһүлээх, 70-на чугаһаата. Инньэ гынан кини эт-ас, үүт биэрэн, үчүгэйдик олоробун, куһаҕаннык олоробун диэбэппин. Кыыһым миигин кытта олорон үлэлиир, миигин көрөр-истэр. Биир кыыһым куоракка олорор, 26-с оскуолаҕа библиотекарь. Биир кыыһым Францияҕа баар, 60-тан таҕыста. Кыра уолум үөрэҕин бүтэрэн баран отуттан тахса сыл буолла Суоттуга олорбута, көҥүл тустууга оҕолорго тренердиир.

Хос сиэннэр бааллар, биир хос-хос сиэннээхпин. Барыта отучча буолла быһыылаах.

— Сахабыт сирин олохтоохторугар, биир дойдулаахтаргар кырдьаҕас киһи кэс тылгын, баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?

— Лөгөй нэһилиэгэр кэлбитим ырааттаҕа дии. Ол иннинэ Даалыга олорбутум, онтон колхуос холбоспутугар 1952 сылтан манна олоробун. Сир-сир  курдук, дойду-дойду курдук. Дьиэ-уот туттан, ыал буолан этэҥҥэ олорбуппут ыраатта. Инньэ гынан бар дьоммор этиэм этэ, үчүгэй доруобуйа наада, үчүгэй ас-таҥас наада, орто сиэринэн олоруохха наада, наһаа байар эмиэ улаханнык абыраабат, онон бар дьоммор доруобай буолуҥ, дьоллоох буолуҥ, уһун үйэлэниҥ диэн алгыспын тиэрдэбин. Аскытын, таҥаскытын хааччыныҥ уонна сиэри таһынан барбакка харчылаах, үлэлээх дьон буолуҥ. Бэйэм ол быһыытынан этэҥҥэ олорорум буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

— Матрена Петровна, улаханнык махтанабын уонна кэлэн иһэр Улуу Кыайыы күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник, эдэр көлүөнэ аатыттан эҕэрдэлиибин. Чэгиэн сырыт, нус-хас дьоллоох олохтон!

 

Матрена Петровна биир кыһалҕатынан билигин да дьиэлэрин маһынан оттон олороллорун этэр. Дьиҥэр, Кэптэнигэ киин хочуолунайга элбэх ыал холбонон олорор, кинилэр диэки холбонуу тиийбэккэ турар.

Үс сыллааҕыта сиэнэ кыыс дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путин сайтыгар “Мин эбээм баҕа санаата туолан, ититиигэ холбоноро буоллар” диэн сурук суруйбут этэ. Ол суруга туолбатаҕыттан кырдьаҕас хомолтотун биллэрэр.

Мин нэһилиэк баһылыга Николай Николаевич Поповка тахса сырыттым. Кини эппиэтин бэчээттиибин: “Былырыын холбуохтаахтар этэ, онно аҥаардас бэйэлэрин эрэ холбуулларыгар мөлүйүөнтэн тахса солкуобай наада диэн буолбута, ону бэйэлэрэ да, муниципалитет да бүддьүөтэ кыайан уйуммат буолан, сэттэ ыалы кыттыһыннарбыппыт. Үлэлээн иһэннэр аккаастаан кэбиспиттэрэ, бэйэлэрин эрэ холбуохпутун сөп диэннэр, быйыл чугастыы балыыһа хочуолунайыттан ааҕа сылдьаллар, онтон кыаллара дуу суоҕа дуу. Онон ОДьКХ ГУП эппиэтин кэтэһэбит”.

Кырдьаҕастарбыт, бэтэрээннэрбит барахсаттар биһиги эйэлээх олоххо олорорбут туһугар сэриигэ, тыылга күүстэрин-кыахтарын харыстаабакка үлэлээбиттэрэ, хааннарын тохпуттара. Кинилэр биһиги аттыбытыгар баалларына үтүөнү оҥоруу, олохторун чэпчэтии биһиги ытык иэспит буоларын бары билиниэх тустаахпыт, кинилэр хомолто, кыһалҕа диэни билбэттэрин туһугар сылга биирдэ эрэ буолбакка, куруук ыйыталаһа, билсэ, көмөлөһө туруоххайыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...