Матрена Аргунова: «Мин эһиэхэ үчүгэй сыананы ыларгытыгар көмөлөһөбүн»
Библиотекаҕа идэтигэр бэриниилээх эрэ киһи өр үлэлиир. Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит үүнэр көлүөнэни ааҕыы алыптаах эйгэтигэр сирдээбитэ номнуо 48 сылыгар барда. Бу кэм устата кини хараҕын далыгар үгүс ааҕааччы улааппыта, үүммүтэ-сайдыбыта. Билсиҥ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Дьокуускай куораттааҕы библиотека кииннэммит тиһигин 15-с нүөмэрдээх филиалын сүрүннүүр библиотекара Матрена Николаевна Аргунова.
Саҥа библиотекаҕа киирии долгутуулаах да этэ...
– Матрена Николаевна, кэлэн иһэр Бүтүн Арассыыйатааҕы библиотека күнүнэн эҕэрдэлиибин. Кэпсэтиибитин “Тоҕо бу идэни талбыккыный?” диэн ыйытыыттан саҕалыахха.
– Дьиҥинэн, кыра эрдэхпиттэн учуутал буолар баҕа санаалаах этим. История факультетыгар куонкуруһу кыайан ааспатаҕым, ол иһин докумуоннарбын педучилищеҕа туттарбытым. Учуутал идэтигэр кэтэхтэн үөрэх суоҕа, онон иитээччи киэнигэр биэрбитим. Ол үөрэнэ сырыттахпына ийэм улаханнык ыалдьан, сытан хаалбыта. Онон дойдубар барарга күһэллибитим, сессиябар кыайан кэлбэтэҕим. Ол дьыл Ньидьили аҕыс кылаастаах оскуолатыгар икки дуу, үс дуу эдэр учуутал оҕолоно барбыт этэ. Онон миигин үөрэппит учууталым, дириэктэр Д.Д. Дьяконов өйөөн, үлэҕэ ылбыта.
Сайын докумуоммун ыла кэлбитим уонна Улан-Удэҕа көтөн хаалбытым. Онно барбытым бэйэтэ туспа кэпсээн. Оҕону кытта үлэлиир баҕалаах буолан, үөрэххэ туттарсааччыларга аналлаах ыйынньыкка тута “библиотекарь” диэҥҥэ хараҕым хатаммыта. “Специализация: библиотекарь-библиограф для школьных и детских библиотек” диэн сурулла сылдьара. Оскуолаҕа, син биир оҕону кытта үлэ дии санаан, онно үөрэнэ барарга быһаарыммытым. Манна эбэн эттэххэ, дойдубар Семен Федорович Эверстов (суруйааччы Константин Эверстов аҕата) диэн идэтигэр олус бэриниилээх библиотекарь баара. Ытыктыыр киһим үтүө холобура дьылҕам суолун таларбар сабыдыаллаабыт буолуон сөп.
Улан-Удэҕа тиийэн, бэлэмнэнэн, баҕалаах үөрэхпэр туттарсан киирбитим. Институкка бииртэн биир үчүгэй уһуйааччыга үөрэммит дьоллоохпун. Галина Семеновна Лобанованы, Галина Наумовна Тубельскаяны, Исаак Григорьевич Моргенштерны уо.д.а. ааттаталыахпын баҕарабын. Иккис куурустан практикалаах этибит. Бастакы практикабын – Иркутскай уобаласка, үһүс кууруска – Красноярскайга, төрдүс кууруска – Томскайга барбытым. Оҕолор дойдуларыгар кэлэллэрэ, практикаларын манна ааһаллара. Мин Дьокуускайга олорор дьонум суоҕа. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, син биир дойдубар барабын диэн санаалааҕым, онон сири-дойдуну көрөр баҕалааҕым.
Ити курдук, 1975 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи култуура судаарыстыбаннай институтун библиотечнай факультетын оҕо салаатын бүтэрэн, Дьокуускай куоракка кэлбитим. Ол саҕана култуура министиэристибэтигэр Мария Климентьевна диэн каадыр үлэһитэ баара. Кини миигин Ленскэйгэ эбэтэр Алдаҥҥа ыыта сатаабыта. “Толкуйдаан баран кэлээр”, – диэн иккитэ-үстэ ыҥыра сылдьыбыта. Мин ыал улахан оҕото этим, ийэм: “Балтыларыҥ, бырааттарыҥ оскуолаларын бүтэрэллэрэ бу кэллэ. Онон, үөрэххин бүтэрдэххинэ, куоракка хаалаар”, – диэбитин өйдөөн, Дьокуускайга үлэ көрдөөбүтүм.
Биир күн култуура министиэристибэтигэр кэлэн турдахпына, сырдык көстүүмнээх киһи киирбитэ уонна Мария Климентьевнаттан: “Хайа, бу оҕону тоҕо мөҕө тураҕын?” – диэн ыйыппыта. Онуоха: “Ленскэйгэ уонна Алдаҥҥа миэстэ баар. Бу быйыл үөрэҕи бүтэрбит кыыс онно барымаары гынар”, – дии тоһуйбута. Арай ол киһи: “Хата, биһиэхэ наадалаах киһи, оҕо библиотекара баар эбит!” – дии түспүтэ. Итиэннэ күһүн саҥа дьиэҕэ, Чернышевскай уул., 12/1, оҕо библиотеката аһыллыахтааҕын, онно үлэһиттэри көрдүүллэрин кэпсээбитэ. Онтон билбитим, Валентин Филаретович Слепцов диэн култуура управлениетын салайааччыта эбит. Дойдубар баран төһө өр буоларбын ыйыталаспыта. “Саҥа дьиэҕэ түөрт хостоох кыбартыыра ыллыбыт, күһүн оҕо библиотеката аһыллыахтаах. Онуоха диэри үлэ дэлэй. Дойдугуттан уонча хонугунан кэлиэҥ дуо?” – диэбитэ. Мин испэр олус долгуйбутум, үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Ити көрсүһүү Дьылҕа диэн баарыгар итэҕэппитэ.
– Тыый! Үлэҥ суола саҥа дьиэттэн, историяҕа киирэр долгутуулаах түгэнтэн саҕаламмыт эбит дии. Библиотекаҕыт хаһан аһыллыбытай?
– Ол сайын түөрт хостоох КПД дьиэҕэ библиотека оҥорор сорук турбута. Тутааччылары көрдөһөн, истиэнэлэрин ылларан, икки хоһу холботторбуппут. Биир улахан хоһу ааҕар саала оҥорбуппут, биир саала улахан оҕолор кинигэ уларсар абонеменнара буолбута. Биир дьоҕус хоһу кырачааннарга анаабыппыт. Куукунаны ылларан, кабинет оҥорбуппут. Ваннаны көтүртэрэн, кинигэлэрбитин, хаһыаттарбытын уурар хос гыммыппыт. Библиотекабыт үөрүүлээх аһыллыыта сэтинньи 1 күнүгэр буолбута. Кыһыл лиэнтэни быһар долгутуулаах түгэни күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн.
Биһиги библиотекабыт историята сүрдээх интэриэһинэй. Ол 1975 сыллаахха Чернышевскай уулуссатын 12/1 нүөмэрдээх дьиэтигэр үлэҕэ киириэҕиттэн итиннэ баар. Ол иннинэ дьиэлэрэ-уоттара суох буолан, Федор Попов уулуссатыгар турбут Гайдар аатынан библиотекаҕа биир хоско олорон үлэлээбиттэр. Бастакы сэбиэдиссэй – Людмила Егоровна Слепцова. Ол кэмҥэ пуондаларын хаҥаппыттар, оскуолаларга, лааҕырдарга араас тэрээһиннэри ыыталлара.
1975 сыллаахха Клавдия Ильинична Максимова (норуокка Сайыына диэн аатынан киэҥник биллибитэ – Аапт.) сэбиэдиссэйи солбуйа хаалбыта, устунан салайааччыбыт буолбута. Зинаида Неустроева, Татьяна Платонова, Клавдия Михеева, Светлана Иванова буолан олус иллээхтик-эйэлээхтик үлэлээбиппит. Ол саҕана бары эдэрбит, букатын үлэнэн эрэ умайа сылдьар хомсомуол кыргыттарбыт. Клавдия Ильинична сатабыллаах салайыытынан оскуолалары, уһуйааннары кытта ыкса сибээс олохтоммута. Сайын аайы пионер лааҕырдарынан сылдьан үлэлиирбит. Уопсастыбаннай олоххо да көхтөөхтүк кыттарбыт, хорга ыллыырбыт.
Ытыктыыр киһибит Клавдия Ильинична биһиги библиотекабытыгар лоп курдук 20 сыл үлэлээбитэ. Бэйэтэ айылҕаттан айдарыылаах буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр, ис туруктарын арыйар, бөҕөргөтөр “Көмүлүөк” оскуоланы тэрийэн барбыта.
Мин 1978 сыллаахха кэргэммин батыһан, Эдьигээҥҥэ көһөн барбытым. Олоҕум аргыһа Аргунов Николай Николаевич 36 сыл авиацияҕа үлэлээбитэ. Икки кыыстаммыппыт. 1982 сыллаахха Сангаарга бөртөлүөт эскадрильята аһыллыбыта, онон Кэбээйигэ көспүппүт. Онтон 1998 сыллаахха Дьокуускайга төннөн кэлбиппит. Кэргэним “Полярные авиалинии” хампаанньаҕа киирбитэ, мин икки сыллаах уоппускабын ылбытым.
Биир күн кыра кыыспын кытта Ярославскай уулуссатыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо библиотекатыгар барбыппыт, арай санитарнай күн эбит. Оҕом реферат суруйуохтааҕа, ол иһин таах төннүөхпүт дуо диэн урут үлэлээбит библиотекабар тиийбиппит. Киирэн иһэн Елена Васильевна Дьячковсканы уун-утары көрсө түспүтүм, кини Клавдия Ильинична кэнниттэн сэбиэдиссэйдээбитэ. Биир миэстэ тахсыбытын кэпсээбитэ, үлэҕэ ыҥырбыта. Уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Онтон ыла тапталлаах библиотекабар үлэлии сылдьабын.
Елена Васильевна 1-9 кылаастарга библиотечнай уруоктары толкуйдаан оҥорбута, дьоҕус брошюралары таһаарбыта. “Библиотекарь” сурунаалга бэчээттэнэн, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн киэҥ сэҥээриини ылбыта. 2002 сыллаахха Елена Васильевна бэйэтин кэнниттэн сэбиэдиссэйинэн хаалларбыта.
Биһиги библиотекабыт кэлэктиип быһаарыытынан Дьокуускай куораттааҕы кииннэммит библиотека тиһигиттэн тахса сылдьыбыт кэмнээх. Бэйэм туспа көрүүлээх киһи, маннык буолуо суохтаах диэн, кэлэктииппин кытта кэпсэтэн, салалтаны икки сыл эккирэтэн, 2006 сыллаахха куорат библиотекаларын систиэмэтигэр төттөрү киирэри ситиспиппит.
– Бу сыллар тухары үгүс үлэ ыытылыннаҕа. Онтон аҕыйах бырайыаккытын билиһиннэриэҥ дуо?
– 2002 сыллаахтан кулуубунан үлэни саҕаалаабыппыт. Онуоха Ольга Ивановна Абрамова, Марфа Павловна Татаринова өҥөлөрө, көмөлөрө улахан. 2004 сыллаахтан “Лето с книгой” диэн бырайыакпыт олус көдьүүстээхтик үлэлээбитэ.
Биир дьыл куорат үбүлүөйүгэр “Город, что сердцу дорог” диэн бырагыраама оҥорбутум, онно кэлэктиип барыта үлэлээбитэ. Оҕолор сыанабылларынан хомуурунньук таһаарар санаалааҕым, спонсор көстүбэтэҕэ. Белинскэй аатынан библиотекаҕа кыраайы үөрэтэр салааны өр сылларга салайбыт Ирина Васильевна Уваровская — элбэх кинигэни хомуйан таһаарбыт үтүө киһибит (холобур, “Город Якутск от А до Я”, “Почетные граждане города Якутска”) өйөөн, альбомугар оҕолор үлэлэрин киллэрбитэ.
Кыайыы биир үбүлүөйдээх сылыгар “Детская книга памяти” диэн култуура министиэристибэтэ ыытар күрэҕэр бырайыак суруйан, кыайан, ааҕааччылар үлэлэринэн кинигэ таһаарбыппыт. Онно биир интэриэһинэй арыйыыбыт диэн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Владимир Лонгинов сиэнэ Женя Лонгинованы булбуппут.
Киин уокуругу кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбиппит, Л.А. Скарджувене, М.Д. Гасанбалаев өйөбүллэринэн элбэх тэрээһини ыыппыппыт. Уокурук Дьахталларын сэбиэтин (бэрэссэдээтэл М.Н. Амыдаева) көҕүлээһининэн үгүс бырайыак олоххо киирбитэ. Онтон “Отец – основа семьи” тэрээһини холобурдуохха сөп.
Пандемия кэмигэр улаханнык ыарытыйан, сэбиэдиссэйбиттэн кылаабынай библиотекарь дуоһунаһыгар көспүтүм. Онтон пандемия уһаабытыгар, салалтаттан көрдөһөн, сүрүннүүр библиотекарь буолбутум.
Ааҕааччыларым үтүө дьон буолуохтарын баҕарабын
– Оҕону кытта үлэ уратылаах, бэйэтэ туспа кистэлэҥнэрдээх, эйгэтэ чыҥха атын. Ааҕааччыларгыт эһиги хараххыт далыгар улааталларын көрөр хайдаҕый?
– Кэлин олорон санаатахпына, оҕону кытта үлэ олоҕум, дьылҕам суола эбит. Оҕо библиотекарын идэтин талбыппыттан биир да күн кэмсиммэтэҕим. Сырдык, ыраас эйгэҕэ үлэлиирбиттэн үөрэбин, дьоллонобун. Оҕо диэн саҥа үүнэн эрэр сибэкки курдук буоллаҕа.
Бэҕэһээ хойукка диэри үлэлээн, дьиэбэр таксинан барбытым. Суоппар: “Виктор диэммин, урут, 40-ча сыллааҕыта, эн ааҕааччыҥ этим”, – диэн соһуппута, долгуппута.
Биһиэхэ алҕас кэлэн баран оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри ааҕар оҕолор бааллар. Биитэр төрөппүттэр, учууталлар сирдээн аҕалаллар. Мин оҕолорго: “Эһигиттэн ким эрэ биллиилээх учуонай тахсыаҕа. Биитэр эһиги ортоҕутугар инникитин лүөччүк, космонавт буолуохтаах оҕолор олороллорун көрөбүн. Мин эһиэхэ үчүгэй сыананы ыларгытыгар көмөлөһөбүн, үтүө дьон буолуоххутун баҕарабын. Ааҕар киһи киэҥ билиилээх, олоххо бэлэмнээх. Онон кэпсиирбин болҕойон истиҥ”, – диэн куруук этэбин. Оччоҕуна өрөйө-чөрөйө түһэллэр. Өссө: “Баҕар, соҕуруу куоракка, атын дойдуга үөрэнэ барыаххыт. Арай Саха сириттэн соҕотох буолуоххут. Оччоҕуна дойдугут туһунан тугу киэн тутта кэпсиэххитий?” – диибин. Мин ааҕааччыларбын кытта тэҥнээхтэрбин курдук кэпсэтэбин. “Оҕо курдук буолаҥҥын” диэн этии баар дии, оннук.
Оҕо библиотеката үүнэр көлүөнэни иитэр, үөрэтэр, сайыннарар, саататар аналлаах. Оҕолор биһиги тэрээһиннэрбитигэр кыттан, ааҕан, айымньылары ырытан, үтүөнү-мөкүнү, кырдьыгы-сымыйаны араара уо.д.а. үөрэнэллэр.
Библиотекарь аҥаардас кинигэни биэрэ, ыла эрэ олорбот. Бу – айымньылаах үлэ. Тэрээһиммитин, күрэхпитин, аахсыйабытын ааҕан сиппэккин. Биһиэхэ кэлбит оҕо, төрөппүт, эбээ, эһээ – бары илиилэригэр кинигэ тутуурдаах баралларын ситиһэ сатыыбыт.
Аныгы технология үйэтигэр кинигэттэн үрүмэччини көтүтүөххүн, үөнү-көйүүрү хамсатыаххын сөп. Ол эрээри библиотека элбэх былааннааһыны, өр кэмнээх тиһиктээх үлэни эрэйэр. Чуолаан оҕо ааҕыытыгар диэн эбэн этиэхпин баҕарабын. Виктор Гюго “Кинигэни айааччы – ааптар, оттон дьылҕатын айааччы – библиотекарь” диэн эппиттээх.
Тыыннаах кэпсэтиини туох да солбуйбат
– Кэм-кэрдии, олох, көлүөнэ уларыйан иһэр. Урукку уонна билиҥҥи ааҕааччылар туох уратылаахтарый?
– Билиҥҥи оҕо көмпүүтэри, төлөпүөнү илиититтэн араарбата кистэл буолбатах. Аныгы ааҕааччыны олох сирбэппин, туох да диэбэппин. Билиҥҥи оҕо иһитиннэриини бэрт түргэнник ылынар, аһаҕас, кэпсэтинньэҥ, бэйэтэ туспа санаалаах. Урукку оҕолор, төһө да аахпыттарын иһин, саҥарбакка олоруохтарын сөп этэ, ол оннугар сыанабылы олус үчүгэйдик суруйаллара. Онно холоотоххо, аныгы оҕо сытыы эрээри, тылын саппааһа лаппа дьадаҥы.
Ааҕыыга кыра сааһыттан сыстыбыт оҕо улаатан да баран ааҕар, кинигэни олоҕун аргыһа оҥостор. Ол чахчы. Төһө да электроннай кинигэ үөдүйбүтүн иһин, тутан олорон ааҕардааҕар астык суох дии саныыбын. Аны туран, тыыннаах кэпсэтиини, илэ бодоруһууну туох да солбуйар кыаҕа суох. Мин санаабар, билиҥҥи оҕо онно ордук наадыйар.
– Эһиги араас көрсүһүүлэри тэрийэн ыытаҕыт. Ааҕааччыларгытыгар суруйааччыны илэ билиһиннэрэҕит...
– Ааптарга, кинигэҕэ интэриэс үөскэтээри, араас хабааннаах көрсүһүүлэри ыытабыт. Кэпсэтии эрдэттэн барар, тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнэбит: быыстапкалыыбыт, оҕолор аахпыт кинигэлэригэр сыанабыл суруйаллар, уруһуйдууллар. Барытын “Ааптарга махталлаах ааҕааччылартан” диэн альбом оҥорон тиһэбит, ону суруйааччыга бэлэхтиибит. Маны сэргэ, библиотекабыт “Автограф на память” диэн бырайыактаах. Ыҥырбыт ыалдьыттарбытыгар кинигэлэригэр илии баттатан хаалларар үтүө үгэстээхпит.
Суруйааччылары кытта тыыннаах кэпсэтиилэр туохха да тэҥнэммэттэр. Саха сирин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат хаста да ыалдьыттаабыта. Талааннаах поэт, прозаик, СӨ үтүөлээх бырааһа Валентин Владимирович Егоров ыҥырыыбытын быһа гыммат, хаһан да аккаастаабат.
Бэтэрээннэри кытта көрсүһүүлэри сыл аайы ыытабыт. 100 сааһыгар диэри тиийбит ытык кырдьаҕас Александр Семенович Силин күлэн-үөрэн, дьэргэйэн кэллэҕинэ, библиотекабыт сырдыы түһэргэ дылы буолара.
Зоя Константиновна, Карл Георгиевич Башариннары тус-туспа ыҥыра сылдьыбыппыт. Савва Тарасов баар эрдэҕинэ худуоһунньук Вера Ноеваны кытта “Туллукчаан” уһуйаан оҕолоругар ыалдьыттаппыппыт. Оҕолор хоһоон ааҕан, бары астынан тарҕаспыппыт. Уопсайынан, ааҕааччыларбыт тэрээһиммититтэн үөрэн-көтөн баралларыттан ордук дьол суох.
– Нэһилиэк библиотекардара ходуһаҕа, пиэрмэҕэ кытта ааҕааччы көрдүү барар буоллахтарына, эһиги оскуолаларга, уһуйааннарга сылдьаҕыт. Бу үлэ хайдах тэриллэрий?
– Ааҕыы дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Оҕо библиотекардара – төрөппүттэргэ уонна учууталларга көмөлөһөр дьоммут. Ааҕыыны көҕүлүүр, тэрийэр учууталлар баар буоланнар, биһиги үлэбит таһаарыылаах уонна инникилээх. Түгэнинэн туһанан, бу сыллар тухары ыкса ситимнээхтик үлэлээн кэлбит учууталларбар, иитээччилэрбэр махталбын тиэрдэбин.
Биһиги 2-с уонна 26-с оскуолалары кытта дуогабардаахпыт. Оскуола бырагырааматыгар сөп түбэһиннэрэн тиийэбит, сороҕор оҕолор бэйэлэрэ кэлэллэр.
Биирдэ Елизавета Михайловна Малышева диэн 2-с оскуола учуутала Эрилик Эристиин “Хачыгыр” кэпсээнинэн ырытыы оҥорорбор көрдөспүтэ. Билиҥҥи оҕолор өйдүүллэрэ дуу, суоҕа дуу диэн саарбахтаан ылбытым. Саатар нуучча кылаастарыгар кэпсиэхтээҕим. Ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн тиийбитим. Хата, сөҕүөм иһин, оҕолор бэркэ өйдөөн, олус үчүгэй сыанабыллары суруйбуттара. Ол үлэлэр хомуурунньукка киирбиттэрэ.
26-с оскуолаҕа нуучча тылын, литературатын учуутала Лена Андреевна Моруктуун олус үчүгэй тэрээһиннэри ыытар этибит. Кини үөрэнээччилэрин үлэлэрин билиҥҥэ диэри харыстаан, ууруна сылдьабын.
Икки атахтаах баарын тухары кинигэ баар буолуоҕа
– Өлбөт-сүппэт, үйэлээх айымньыларынан ханныктары ааттыаҥ этэй?
– Үлэлээбитим тухары А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын салгыбакка кэпсиибин. Хас аахтаҕым аайы атыны арыйабын. Улуу Кулаковскай баай нэһилиэстибэтэ өлбөт-сүппэт аналлаах, “Ойуун түүлэ”, “Интеллигенцияҕа сурук”, “Байанай алгыһа”, “Арыгы” курдук айымньылара суолталарын сүтэрэ иликтэр диэн бүк эрэнэбин. Ис сүрэххиттэн кэпсии, тиэрдэ сатаатаххына, оҕо олус үчүгэйдик ылынар диэн санаалаахпын.
Билиҥҥи ааптардартан Раиса Винокурова “Күлүмчээн” диэн оҕолорго аналлаах кинигэтин чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Нуучча биллэр айымньыларын олус да бэркэ тылбаастаабыт, киһи ааҕа олорон тэҥҥэ ыллаһар, үөрэ көрөр кинигэтэ. Аны ойуута-бичигэ сиэдэрэйин!
– Сыыппара үйэтигэр кумааҕы кинигэ, национальнай бэчээт, ийэ тыл инники дьылҕата барыбытын долгутар...
– Биир бэйэм саха тыла сүтүө-симэлийиэ дии санаабаппын, тыыннаах хаалыа диэн эрэллээхпин. Икки атахтаах баарын тухары кумааҕы кинигэ, бэчээт баар буолуоҕа. Ама, киһи өйө, фантастикаҕа курдук, искусственнайга кубулуйан хааллаҕай? Төрөөбүт тылын билбэт киһи ийэтэ-аҕата суох курдук буолар. Онон саха баарын тухары ийэ тыл кэскилэ кэхтиэ суоҕа.
– Түмүккэ тугу этиэҥ этэй?
– Библиотекарь идэтин талбыппыттан кэмсиммэппин. Оҕону кытта үлэлиир – ураты дьол. Оптуобус тохтобулугар баран иһэн хороччу улааппыт ааҕааччыларым үөрэ көрсөллөрө, дорооболоһоллоро – туспа үөрүү.
Урут да аахпат оҕо элбэҕэ, билигин да бааллар. Ол эрээри оҕо сылдьан аахпыт кинигэҥ ордук элбэх сырдык өйдөбүлү, ураты суолу-ииһи хаалларар.
Ааҕааччыларга кинигэни, хаһыаты, сурунаалы күннээҕи олоххутугар туһаныҥ диэн ыҥырабын. Киһилии сыһыаны харыстааҥ!
– Матрена Николаевна, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын, өр сыллаах айымньылаах үлэҥ үрдүктүк сыаналанарыгар баҕарабын.
Тэттик сүбэлэр:
— Оҕону 3-4 сааһыгар диэри ааҕыыга сыһыарар ордук.
— Киэһэ аайы 15-20 мүнүүтэ ааҕар үтүө үгэстэниҥ.
— Кырачааҥҥа дьэрэкээн, элбэх ойуулаах-бичиктээх кинигэлэри талыҥ.
— Кинигэ шрибин, ис хоһоонун болҕойон көрүҥ.
— Аахпыккытын ырытыҥ, оҕо тугу өйдөөбүтүн уруһуйдатыҥ.
— Билбэт тылларын быһаарыҥ.
— Оҕоҕут тугу ааҕарын интэриэһиргээҥ, ыйыталаһыҥ.