Мас туорааҕыттан — суугунуур ойуурга!
Куйаар ситиминэн мас туорааҕын хомуйалларын туһунан бэрт интэриэһинэй биллэрии кэлбитигэр, сибээскэ тахсан, «Растим лес» диэн тэрилтэ Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэлэ Вячеслав Егорович Попову кытта кэпсэттибит.
– Вячеслав Егорович, бу «Растим лес» ХЭУо диэн Хабаровскайга баар тэрилтэ Саха сиригэр туох сыһыаннааҕый? «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар бу туһунан кэпсиигин дуо?
– «Растим лес» ХЭУо Саха сирин соҕуруу улуустарын кытта ойууру чөлүгэр түһэриигэ ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Ол эбэтэр сүнньүнэн мас кэрдиллибит, уот сиэбит тыаларыгар үлэ барар. Манна ыраастаан, сирин оҥорон, тиит, бэс мастар үнүгэстэрин олордуунан дьарыктанабыт, көрөбүт-харайабыт. Кэнэҕэскитин чиргэл үтүө тиит, бэс мастар үүнэн, суугунуур ойуурга кубулуйан, айылҕабыт чөлүгэр түһэригэр үлэ ыытабыт.
– Сонун хамсааһын эбит. Эн ойуур хаһаайыстыбатын эйгэтигэр уопуттаах буолан бу дьыаланы ылсыбыт буоллаҕыҥ.
– Оннук. 2011 сыл бэс ыйыттан 2018 сыл бэс ыйыгар диэри СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытынан үлэлээбитим. Билигин биэнсийэлээхпин. Онон бу кэпсэтэр «Растим лес» ХЭУо Саха сиригэр бэрэстэбиитэлэ буолабын.
– Ким иилиир-саҕалыыр тэрилтэтэй?
– Салайааччыбыт Иван Вячеславович Денисов, анал үөрэхтээх исписэлиис. Үөрэҕин бүтэрээт, Хабаровскай кыраайга ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Онно тэпилииссэҕэ мас олордуутун салаатыгар үлэлээн, кэлин министиэристибэ салайааччытыгар тиийэ үүммүт улахан уоппуттаах салайааччы. Бэйэтин тула ааспыт кэмнэргэ бу эйгэҕэ бииргэ үлэлэспит уоппуттаах дьону түмэн, Хотугулуу-Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа биллэр-көстөр тэрилтэ оҥорон үлэлэтэ сылдьар.
– Сөп. Туохтан саҕаламмытай?
– 2019 сылга ойуур хаһаайыстыбатын 566 №-дээх сокуонугар уларытыы быһыытынан ойууру чөлүгэр түһэрии киирбитэ. Биһиги тэрилтэбит историята бу уларытыыга олоҕуран саҕаламмыта.
– Ойууру чөлүгэр түһэрии диэҥҥэ чопчу туох киирэрий?
– Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын анал дьаһала сир баайын хостооччуларга, мас кэрдээччилэргэ, суол оҥорооччуларга о.д.а. сыһыаннаах. Өскөтүн маһы кэрдэн үлэлиир сирдэрин оҥостор, маһы кэрдэн туһаҕа таһаарар да буоллахтарына, төһө иэннээх сиргэ маһы кэрдэллэр да, оччо иэннээх сиргэ мас олордон судаарыстыбаҕа туттарыахтаахтар. Ол дьаһалга олоҕуран, биhиги тэрилтэбит сакаасчыттары кытта дуогабардаһан, кинилэр үбүлээһиннэринэн мас олордон биэрэр. Ону үс сыл устата көрөн-харайан, аналлаах сиригэр олордон биэрэбит, ол аата судаарыстыбаҕа туттарабыт. Онон кинилэргэ бэдэрээттэһэн үлэлиибит. Сакаасчыттар куонкурус ыытан, бэдэрээтчиттэрин талан ылаллар.
– Үчүгэй сокуон. Нэһилиэнньэни кытта сүрүн үлэҕит тугуй? Социальнай ситиминэн нэһилиэнньэни олохтоох тиит, бэс мас сиэмэлэрин ыларга анаан туораахтарын хомуйан туттарарга ыҥырар эбиккит.
– Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, «Растим лес» ХЭУо ойууру чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанар. Ол эбэтэр эмсэҕэлээбит сиргэ тиит, бэс мастар үнүгэстэрин олордобут. Биһиги нэһилиэнньэттэн Саха сиригэр үүнэр тиит, бэс мастар туораахтарын хомуйан, сиэмэ ылабыт. Ол туһуттан нэһилиэнньэни олохтоох тиит, бэс мас сиэмэлэрин ыларга анаан туораахтарын хомуйан туттарарга ыҥырабыт. Биир киилэ тиит мас туорааҕын 350 солк. тутабыт.
– Ханнык баҕарар үүнээйи сиэмэтэ хомуллар бириэмэлээх буоллаҕа дии?
– Оннук. Холобура, тиит мас туорааҕын сиппитин кэннэ атырдьах ыйын 10 күнүттэн ый бүтүөр диэри хомуйуллар.
– Мас туорааҕа хомуллан тэрилтэҕэ арай, дьэ, кэллэ. Салгыы туох үлэ барарый, Вячеслав Егорович?
– Мантан саҕалаан хас биирдии туораах анал үөрэхтээх исписэлиистэр илиилэригэр киирэр. Ол эбэтэр буорга олордуллуор диэри анал бэлэмнэниини барар – хаачыстыбата бэрэбиэркэлэнэр, сертификаттанар. Ол кэнниттэн тэпилииссэлэргэ олордуллан, сөптөөх харайыыны ааһар. Ситэн-хотон, үүнэргэ сөптөөх буоллаҕына, аны дьэ анаммыт учаастакка олордуллар уонна салгыы үс сыл устата тэрилтэ үлэһиттэрин көрүүтүгэр киирэр. Үчүгэйдик бэйэтэ ылсыһан үүнэр туруктаннаҕына, судаарыстыбаҕа туттарыллыбытынан ааҕыллар.
– Саха сирин территориятыгар чопчу туох үлэ ыытыллыбытыгар тохтоон ааһыах.
– Нерюнгрига ойуур баһаара буолбут сиригэр 2021 сылга 900 гектар иэннээх сиргэ тиит маһы олордубуппут. Билигин ол мастарбытын от саба үүнэриттэн харыстаан ыраастыыбыт. Хайдах үүнэн иһэллэрэ барыта учуоттанар. Холобура, маспыт киһи тобугун үрдүгүн саҕа буоллаҕына эрэ бэйэтэ холкутук үүнэр кыаҕын ылар. Оччоҕуна тэрилтэ судаарыстыбаҕа туттарыыта буолар.
Быйыл итини таһынан Алдан улууһугар Томмот куорат таһыгар үлэ бара турар. Манна биһиги тэрилтэ үлэһиттэрэ миэстэтигэр олорон эрэ үлэлииллэр. Мас олордуллуохтаах сирин ыраастыыллар. Өлбүт мастары, бөҕү-саҕы, хаппыт үүнээйилэри суох гынар үлэни ыыталлар. Мас ыраастаммыт учаастакка олордулларыгар улахан болҕомто ууруллар. Үүнээйи икки арда, төһө дириҥэ барыта анал үөрэхтээх исписэлиистэр хонтуруолларыгар турар.
Кэнники сылларга Саха сирин территориятыгар биһиги тэрилтэ уопсайа 4 тыһыынча гектардаах сиргэ мас олорто. Олордуллубут мас 80% ылсыһан үүнэ турар.
Бу от ыйын саҥатыгар Алдан улууһугар «Сад памяти» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн 2 гектар иэннээх сиргэ бэйэбит тэпилииссэбитигэр үүннэриллибит 7000 устуука кедр маһы олортубут. Бу үлэҕэ бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн «УК КОЛМАР» ХЭУо уонна «Полюс Алдана» АУо тэрилтэлэр кыттыыны ылбыттара үөрдэр. Маны таһынан оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар, волонтердар уонна Алдан улууһун ойуур харыстабылын департаменын үлэһиттэрэ кытыннылар.
Итини таһынан Томмот куорат «Укулан» пааркатыгар боруобаҕа диэн 40 устуука эриэхэ уонна ясень диэн соҕуруу дойду мастарын олортубут. Манна бэлиэтээн эттэххэ, үс сыллааҕыта Нерюнгрига «Растим лес» исписэлиистэрэ итинник экспериментальнай олордуу быһыытынан Корея кедр маһын хас да тыһыынча ахсаанынан олордубуппут 98% ылсан үүнэ турара биһигини үөрдэр.
– Тэрилтэҕитигэр урут бу эйгэҕэ үлэлээбит баай уопуттаах, бу дьыаланы үчүгэйдик билэр дьон мустан иилиир-саҕалыыр эбиккит. Бу үлэҕитин эдэр ыччакка хайдах быһыылаахтык тарҕатаҕытый?
– Тэрилтэбит Алдан, Нерюнгри улуустарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Чульман бөһүөлэккэ оскуола үөрэнээччилэрэ бу хайысхаҕа интэриэһиргээн туран кыттыһаллар. Каникулларын кэмигэр Хабаровскайга баар тэрилтэбит тэпилииссэлэригэр анаан тиийэн көрөн-истэн, бииргэ үлэлэһэн кэлбиттэрэ. Бу түмүгүнэн оскуолаларыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ научнай конференцияларга кытталлар. Ааспыт сыл түмүгүнэн Москуба куоракка Арассыыйа таһымнаах ойуур хаһаайыстыбатын сийиэһигэр биһиги үөрэнээччилэрбит ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Уопуттарын тарҕаталлар, өйдөтүү үлэтин ыыталлар.
Онон эдэр көлүөнэ ортотугар бу кэскиллээх үлэ инникитин өссө тэнийиэҕэ диэн эрэллээхпит.
– Ааҕааччыларбытыгар тугу тириэрдиэҥ этэй?
– «Киин куорат» хаһыат нөҥүө элбэх ааҕааччы биһиги үлэбитин интэриэһиргиэҕэ дии саныыбын. Сылын аайы төһөлөөх ойуурбут баһаартан, дьон буруйуттан, производство наадатыттан эмсэҕэлиирэ буолуой?! Ону чөлүгэр түһэрэн иһэрбит – бу биһиги ытык иэспит. Онон Сахабыт сирин олохтоохторун бары Ийэ айылҕабытын чөлүгэр түhэриини ыытарга үлэлэһиэҕиҥ, көмөлөһүөҕүҥ, ким тиит мас туорааҕын хомуйан туттарыан баҕалаах биһигини кытта билсиһиҥ диэн ыҥырабыт.
– Вячеслав Егорович, кэпсээниҥ иһин махтал. Дьокуускай куорат территориятыгар дьиэ-уот, суол-иис тутуута курдук хас даҕаны баараҕай национальнай бырайыак олоххо киллэриллэр. Ол чэрчитинэн, анал аахсыйаларынан даҕаны көҕөрдүү үлэтигэр улахан болҕомто ууруллар, сыл аайы хас эмэ тыһыынчанан мас олордуллар. Кэнэҕэһин «Растим лес» тэрилтэ биһиэхэ эмиэ болҕомтотун ууруон сөп эбит диэн баҕа санаабытын этэбит.
Хаартысканы "Растим лес" ХЭУо тэрилтэ биэрдэ