15.06.2022 | 11:27 | Просмотров: 728

Мас тардыһыы чемпионатын билиэттэрэ атыыга таҕыстылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга мас тардыһыы чемпионатын билиэттэрэ атыыга таҕыстылар. "Модун" спорткомплекс, Киин кинотеатр уонна Bootur.ru саайтка ылыахха сөп.

Бэс ыйын 23-25 күннэригэр мас тардыһыытыгар аан дойду чемпионата ыытыллыаҕа. Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах чемпионакка 44 дойдуттан кэлэн кыттыахтара.

Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыттан 14 мадьыны кыттыаҕа. Саха сирин, Москва, Калужскай уобалас, Хотугу Осетия, Чувашия спортсменнара күөн көрсүөхтэрэ.

Эр дьон тоҕус ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ: 60, 65, 70, 75, 80, 90, 105, 125 уонна 125 киилэттэн үөһээ.

Дьахталлар биэс ыйааһыҥҥа: 55, 65, 75, 85 уонна 85+ киилэттэн үөһээ.

Күрэхтэһии бастакы киирсиилэрэ Триумф спорт киинигэр, финал Үс Хатыҥҥа ыһыах кэмигэр ыытыллыахтара.

Бэс ыйын 25 күнүгэр «Үс Хатыҥҥа» «Сэргэ Мадьыны» үөрүүлээх арыллыыта буолуоҕа.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.