22.01.2021 | 08:02

Марокко мандарина, Египет клубниката...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СЫАНА ТОҔО ҮРДҮҮРҮЙ?

Ааспыт өрөбүллэргэ оҕуруот аһыгар уонна фруктаҕа сыана тоҕо үрдээбитин билээри, базалары кэрийдим.

Фрукталарбыт тиэллэн кэлэр сирдэрэ да ырааҕа бэрт эбит. Мандарин, апельсин Мароккоттан, клубникабыт Египеттэн, луукпут Казахстантан, гранаппыт Узбекистантан, дьаабылакабыт Азербайджантан. Барыта күннээх дойдулартан. Оччо ыраах сиртэн хайдах биһиги тымныы сирбитигэр тиэллэн кэлэллэрин өйүм хоппот. Ичигэс фурордаах Камаз массыынаҕа күһүнүн оҕуруот астара уонна фрукталар, биһиги Сахабыт сиригэр быыстала суох тиэллэн, айаннаан кэлэллэр. Биллэн турар, атыылыырга-эргинэргэ саамай тоҕоостоох “сезон” буоллаҕа. Ону оҕуруктаах өйдөөх, сатабыллаах эргиэмсиктэр таба тайаналлар. Быйыл кыһыммыт аһара  тымныйда.

   Труд базатын фрукта атыылыыр киоскатыгар киирэбин. Көрбүтүм, атыыһытым, илиитэ бөҕүөрбүтүн сылытаары, түннүк таһыгар батареяҕа сыстан турар эбит. Тоҥон иэдэйбит дьүһүннээх. “Хайа, Саха сирин тымныытыттан кэһэйбэккит дуо?” диэн угаайылаах ыйытыыбар: “Харчы наада, дьиэ кэргэни иитэргэ”, – диэн көнөтүнэн хоруйдаата.

Долбуурга турар оҕуруот астарын тиийэн өҥөйөн көрбүтүм, биир дьааһыкка сүбүөкүлэ баара, сорҕото үлүйбүт, кырыанан бүрүллүбүт. Атын дьааһыкка кытаран-наҕаран помидордар төлөһүйэн сыталлар. Сымнаабыт, үлүйэн эрэр көрүҥнээхтэр. “Көрдүҥ дуо? Оҕуруоппут астара тымныыттан сымнаан эрэллэр. Мантан сылтаан, бородууксуйабыт атыыланарыгар ороскуоту көрсөбүт. Саҥа дьыл иннинэ хамаҕатык атыыламмыттара. Билигин атыылаһааччыларбыт аҕыйахтык сылдьар буолан тураллар. Сыанабыт саҥа дьыл иннинэ ыараабытынан, халбаҥнаабакка турар. Буорту буолаары гыммыттары ыксаан, чэпчэки  сыанаҕа атыылыыбыт”, – диэн санаатын аһаҕастык үллэстэр. Киоскатын ыйдааҕы төлөбүрэ 25 тыһыынча солкуобай эбит. Ылар хамнаһа – 28 тыһыынча. Ону, биллэн турар, “кыра” диир. Кытайтан аҕалыллар фрукта суох диэн тоҕо эрэ тоһоҕолоон эттэ.

Кытайтан аҕалыллар фрукта суох

Бахтиер, киоска атыыһыта:

- Сыл аайы оҕуруот аһыгар уонна фруктаҕа сыана син биир үрдүүр. Тоҕо диэтэххэ, алтынньы, сэтинньи ыйдарга суол сабыллан, таһаҕастары куоракка тиэйэн аҕаларга кэккэ мэһэйдэр баар буолаллар. Бородууктаны (поставщиктар) ыраах сиртэн тиэйэн аҕалар буоланнар, атыылатар дьон сыанатын бэйэлэрэ быһаллар. Манна куоракка кууһунан атыылыыр базаҕа аҕаллахтарына, биһиги онтон атыылаһан аҕалан атыылыыбыт. Онон, биллэн турар, сыаната кыратык эбиллэр буоллаҕа. Манна суолун ороскуота, харайааһына киирэр.  Кытайтан аҕалыллар фрукта  суох. Ол оннугар оҕурсу, помидор, болгарскай биэрэс курдук оҕуруот астара Кытайтан тиэллэн кэлэллэр.  Кыахтаах атыыһыттар фрукталарын уонна оҕуруот астарын сөмөлүөтүнэн тиэйэн аҕалаллар. Сыанабытын наһаа бас-баттах үрдэппэппит. Дьокуускай куоракка хонтуруоллуур тэрилтэлэр бааллар. Атыылаһааччылар ортолоругар сыананы үрдэтэ турарбыт курдук саҥарааччылар баар буолаллар. Биһиги эмиэ дьиэ кэргэттэрдээхпит. Олору иитиэхпитин-аһатыахпытын наада. 

Сыана ыараабыта биллэр

Мария Евсеевна Никифорова, 5 оҕо ийэтэ, Дьокуускай куорат  олохтооҕо:

– Биһиги дьиэ кэргэн биэс оҕолоохпут. Үс оҕо – оскуола үөрэнээччилэрэ, икки кыраларбын дьиэҕэ көрөн олоробун. Оҕолорго битэмиин наада диэммин, фрукта атыылаһан өрүү амсатабын. Дьиэм таһыгар атыыланар киоскаттан ыарахан сыанаҕа да буоллар атыылаһабын. Хайыахпыный? Кууһунан атыыланар базаҕа кыра оҕолордоох буолан, онно бара сатаабаппын. Аттыбытыгар баар киоскаҕа, биллэн турар, сыаната ыарахан буоллаҕа. Кэргэмминниин төрөппүттэрбит тыаҕа олорор буоланнар, хаппыыстаны, хортуоппуйу, моркуобу ыыта олороллор. Ол чааһыгар кыһалҕаны көрсүбэппит. Сорох ардыгар сибиэһэйэ суох фруктаны атыылыыллар быһыылаах. Амтана олох атын буолааччы.

Ирина Николаева:

- Мин саҥа дьыл иннинэ бырааһынньыктааҕы астарбын хаһаанар идэлээхпин. Фрукталарбын өрүү кууһунан атыылыыр базалартан ылабын. Дьэ, саҥа дьыл чугаһыгар сыаналарын сүрдээҕин ыаратан атыылыылларын билэбин. Тыаттан киирбит дьон, ыксаан, сыанатын көрбөккө да атыылаһаллар, түһэрсэ сатаабаттар. Саҥа дьыл иннинээҕи күннэргэ сыаналара баһырхай этэ. Хонтуруол суох буолтун кэннэ, күннээҕинэн атыылыыр дьон сыанатын ыаратар бөҕө буоллахтара. Ону ким көрөн турбут үһүө? Онон бырааһынньык иннинэҕи күннэргэ хонтуруоллуур тэрилтэлэр үлэлэрэ күүскэ ыытыллыахтаах. Оччоҕуна кэм син туттуна түһүө этилэр дии саныыбын. Куорат тустаах тэрилтэтэ оҕуруот аһын, фруктаны атыылыыры хонтуруоллуур диэн сурах баара. Ол төһө кырдьыга, сымыйата эбитэ буолла...       

Труд база маҕаһыыннарыгар кууһунан атыыланар оҕуруот аһа уонна фрукта  сыаналара (киилэнэн):

- Мандарин (Марокко) – 230 солкуобай

- Апельсин (Марокко) – 180-200 солкуобай

- Помидор (Новосибирскай) – 250 солкуобай

- Оҕурсу (Новосибирскай) – 280 солкуобай

- Болгарскай перец (Кытай) – 3580-400 солкуобай

- Груша – 170-200 солкуобай

- Моркуоп (олохтоох) – 60-80 солкуобай

- Луук (Казахстан) – 40-45  солкуобай

- Хортуоска (олохтоох) – 55-60 солкуобай

- Лимон (1 устууката) – 35 солкуобай

-  Сүбүөкүлэ – 50 солкуобай

- Пекинскай хаппыыста – 150 солкуобай

- Дьаабылака (Азербайджан) -  150-160-180  солкуобай (суордуттан көрөн)

- Клубника (Египет) – 350 солкуобай

- Виноград – 2580 солкуобай

- Гранат (Узбекистан) – 200-250 солкуобай

- Хурма – 200 солкуобай

- Банан – 100 солкуобай

- Манго (1 устууката) – 150 солкуобай

- Грейпфрукт – 200 солкуобай

66 №-дээх Чернышевскай базаҕа:

Оҕуруот уонна фрукта сыаналара (киилэнэн):

Дьаабылака – 80-150-250 солкуобай (суордуттан көрөн)

Хортуоска – 45-65 солкуобай

Помидор (Саюри) – 250 солкуобай

Оҕурсу (Саюри) – 310-350 солкуобай

Мандарин – 220-250 солкуобай

Олохтоох хаппыыста – 60 солкуобай

Апельсин – 220 солкуобай

Луук- 35-55 солкуобай

Моркуоп -80-120 солкуобай

Олохтоох сүбүөкүлэ – 80 солкуобай

Гранат – 250-280 солкуобай

Виноград – 250 солкуобай

Груша – 220-280 солкуобай

Хурма -220 солкуобай

Банан -120 солкуобай

Устууканан:

Лимон – 40 солкуобай

Киви – 30 солкуобай

Лайм – 60 солкуобай

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...