03.03.2023 | 14:00

Марина Григорьева: «Манна кэлбиппиттэн кэмсиммэппин»

Марина Григорьева:  «Манна кэлбиппиттэн кэмсиммэппин»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Мин икки сылтан бэттэх, о.э. 2020 сыл күһүнүттэн, Краснодарскай кыраайга олоробун. Бастакы сыл Сочига, онтон 2021 сыл күһүнүттэн Краснодарга баарбын. Дьэ, доҕоор, манна олороммун төһөлөөх элбэх саханы кытта билсибитим буолуой?! Саха бөҕөтө көһөн кэлэн олорор эбит – Сочи, Краснодар, сорохтор Анапа, Геленджик о.д.а. куораттарынан. Ону таһынан билигин Москванан, Питерынан, араас омук сирдэринэн элбэх саха ыала, биирдиилээн эдэр дьон, ыччаттар бааллар.

Ол иһин саха дьоно киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан тугунан дьарыктаналларын, тугу үлэлииллэрин, хайдах олороллорун туһунан сахалыы тыллаах хаһыаттарга сырдатыахпын баҕарбытым ыраатта. Бу көрдөхпүнэ, үгүстэрэ урбаанньыттар, дьоҕус бизнес арыналлар, кыргыттар онлайн марафоннары оҥороллор, коучтар, риэлтордар, биир тылынан эттэххэ, тэрилтэҕэ үлэлиир киһи тарбахха баттанар.

Бүгүн биһиэхэ 2020 сылтан дьиэ кэргэнин кытта Краснодар куоракка олорор биир дойдулаахпыт, урбаанньыт Марина Григорьева ыалдьыттыыр. Мариналыын мин өссө 2021 сыл күһүнүгэр билсибитим. Кини Дьокуускайга олорор сылларыттан риэлторынан үлэлээбит уопуттаах. Онон соҕуруу көһөн кэлэн баран бэйэтэ тэрилтэ арынан, Краснодар, Анапа, Новороссийскай о.д.а. куораттарга дьиэ атыылыыр. Дьиэ тутааччылары кытта дуогабар түһэрсэн, сүрүннээн саҥа дьиэлэри кытта үлэлиир.

Бу күннэргэ Мариналыын интэриниэт ситиминэн кэпсэтэ сырыттыбыт.

– Марина, соҕуруу көһөргө хайдах быһаарыммыккыный уонна тоҕо чуолаан Краснодар куораты талбыккыный? Бу куорат эйигин тугунан умсугуппутай?

– Хамсаабат баай-дуол эйгэтин өссө 2013 сылтан интэриэһииргиир буолбутум. Ол гынан баран ол кэмнэргэ атын эйгэҕэ үлэлии сылдьыбытым. 2014-2019 сылларга бэйэм маҕаһыыннаах этим. Ый аайы Кытайга табаар атыылаһа барарым, уопсайынан, айанныырбын олус сөбүлүүр этим. Онтон 2020 сыл саҕаланыыта биир биллэр риэлторскай хампаанньаҕа агент быһыытынан үлэҕэ киирбитим, офиснай үлэһит буолбутум. Ол эрээри, төһө да эрэсиимнээх үлэҕэ олордорбун, килийиэннэри көрсө, атыыланар дьиэлэри көрдөрө барар этим. Үчүгэйэ диэн, хара маҥнайгыттан тута кыбартыыралары атыылаан барбытым уонна өссө “Бастыҥ агент” диэн ааты ыла сылдьыбытым. Онтон ити сыл күһүнүгэр Краснодарга көһөн кэлэбит. Бу бэйэтэ историялаах. Арассыыйа ханаалыгар аан дойдунан сылдьар биэриилэри олус сэргээн көрөрүм уонна ол олорон киэҥ сирдэринэн, куораттарынан сылдьыахпын баҕарарым. Ол курдук испэр Калининград куоракка көһөрү ыраланар буолбутум. 2020 сыл, бары да билэргит курдук, элбэх киһиэхэ аймалҕаны аҕалбыта. Бу сыл “ковид” диэн ыарыы өрө турбута, элбэх киһи ыалдьыбыта. Хомойуох иһин, биһиги дьиэ кэргэни бу суостаах ыарыы эмиэ тумнубатаҕа. Улаханнык ыалдьан, балыыһаҕа киирэн сыппытым, ол кэнниттэн аҕам ыалдьан, соһуччу күн сириттэн барбыта. Бу кэнниттэн биһиги Краснодарга барбыппыт. Били Калининградка барыам дии сылдьыбыт киһи аны Краснодарга баран хаалбытым. Тоҕо диэтэххэ онно билэр кыыһым олорор этэ. Кыыһым куорат устун күүлэйдэтэн, наһаа үчүгэйдик кэпсээн, сотору кэминэн бүтүн дьиэ кэргэнинэн барарга быһаарыммыппыт.

– Дьэ, Краснодар куорат эйигин хайдах көрүстэ? Уопсайынан, туох былааннаах кэлбиккиний? Тэрилтэҕэ эҥин киирэ сатаабатаҕыҥ дуо?

– Мин бэйэм уруккуттан урбаанньыт быһыытынан регистрациялаахпын. Онон Краснодарга кэлэн баран икки билэр кыыспын кытта риэлторскай хампаанньа арыйбыппыт. Быйыл тэрилтэм үлэлээбитэ үһүс сылыгар барда. Краснодарга биир дойдулаахпыт балайда баар. Билигин онон саха кыргыттарын түмэн, бэйэбит хамаанда тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Куораты кэлээт да тута сөбүлээбитим, сүрэҕим, дууһам чэпчэкитик ылыммыта уонна күн бүгүнүгэр диэри манна кэлбиппиттэн биир да күн кэмсинэ иликпин. Кылгастык куорат туһунан эттэххэ, биллэн турар, климата сылаас, ас-үөл сыаната быдан чэпчэки, дьиэ-уот, куортам да сыаната удамыр. Онон, киһи олоҕу олороругар усулуобуйата эргиччи үчүгэй. Аны туран муоралаах куруортар: Сочи, Анапа, Геленджик, Крым чугастар. Хаһан баҕарар муораҕа, хайаларга, күрүлгэннэргэ о.д.а. кыраһыабай сирдэргэ барыаххын сөп, барыта чугас турар. Быыс-арыт буллубут да, дьиэ кэргэнинэн чугастааҕы куруортарга, муораҕа сынньана барабыт. Билигин таптыыр куораппар астына, дуоһуйа олоробун, сөбүлүүр идэбинэн үлэлиибин.

– Марина, дьэ бу дьиэ-уот эйгэтигэр хайдах быһыылаахтык үлэлии сылдьаҕын? Кыбартыыра сыаната Саха сиригэр тэҥнээтэххэ хайдаҕый? Саха дьоно эйигиттэн дьиэ ылаллар дуо?

– Биллэн турар, Саха сиригэр дьиэ-уот сыаната, манна тэҥнээтэххэ, быдан ыарахан. Холобур, Дьокуускайга устуудьуйа-дьиэ сыаната 6 мөл. солк. саҕаланар буоллаҕына, Краснодарга 2 мөл. 600 тыһ. саҕалаан ылыахха сөп. Чааһынай дьиэлэринэн эмиэ дьарыктанабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги Краснодарга, Анапаҕа, Новороссийскай, Темрюк, Туапсе куораттарга дьиэлэри атыылыыбыт. Ону таһынан инникитин өссө да атын сирдэри арыйан иһиэхпит.

– Бастаан дьиэ ылынарга илиигэр син биир төһө эрэ суумалаах буолуоххун наада дуо?

Дьоммутугар-сэргэбитигэр анаан кэмиттэн-кэмигэр интэриэһинэй этиилэри киллэрэбит. Холобур, билигин биир да усунуоһа суох кыбартыыралары да, чааһынай дьиэлэри да ылыахха сөп. Кирэдьиит историята эрэ үчүгэй буолуон наада.

– Атыылаһыан баҕалаах дьон хайаан да Краснодарга тиийэ сылдьыахтарын наада дуу эбэтэр кэлбэккэ эрэ тэйиччиттэн  атыылаһыахтарын сөп дуу?

– Барыта бэйэлэрэ хайдах баҕаралларынан. Куораты, дьиэлэри кэлэн көрөбүт, биһигини кытта тэҥҥэ сылдьыһабыт диир буоллахтарына, баһаалыста, үөрэ-көтө көрсөбүт. Онтон кыайан кэлбэппит эрээри, дьиэ ылабыт диир буоллахтарына, “онлайн” үлэлэһэбит.

– Онтон муоралаах куораттарга Анапаҕа, Новороссийскай о.д.а. дьиэ сыаната хайдаҕый? Ол диэки дьон төһө ыларый?

– Муоралаах, курортаах куораттарга хаһан баҕарар дьиэ сыаната үрдүк. Ол да буоллар дьон син биир атыылаһар. Дьиэлэнниҥ да, хайаан да көһөн кэлиэхтээххин диэн буолбатах. Аныгы үйэҕэ үгүс дьон инвестицияҕа диэн ылаллар. Ол аата хас да дьиэни ылан баран куортамҥа биэрэллэр, сыаната үрдээтэҕинэ, атыылаан дохуот оҥостоллор. Курортнай куораттарга сайыҥҥы өттүгэр суукканан куортамҥа биэрэн, сорох дьон ипотекаларын да түргэнник сабаллар, инники өттүгэр “кэлэ турар дохуот” буолар.

– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэрэ түһүөҥ дуо? Оҕолоруҥ ханна үөрэнэллэрий, кэргэниҥ тугу үлэлиирий?

– Мин икки оҕолоохпун. Кыыһым 19 саастаах, Санкт-Петербург куоракка устудьуоннуур. Онтон уолум Краснодар гимназиятыгар 3-с кылааска үөрэнэр. Кэргэним идэтинэн буҕаалтыр, Саха сирин кытта дистанционно үлэлиир. Бэйэбин кытары өссө ийэбин аҕалбытым. Ийэбит биһиэхэ күннэтэ күүс-көмө, тирэх буолар. Онон, махталбыт муҥура суох.

– Марина, наһаа сэргэх уонна туһалаах кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Урбаанньыт быһыытынан дьиэ-уот, атыы-кутуу эйгэтигэр бэйэҕин булан, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаргыттан үөрэбит уонна үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...