Мархаҕа үлэ харыстабылыгар аналлаах пааматынньык таһын хомуйдулар
Олохтоох дьаһалта Үлэ харыстабылыгар салаатын исписэлиистэрин көҕүлээһининэн Мархаҕа Дьокуускай куоракка соҕотох үлэ харыстабылыгар аналлаах пааматынньык турар сиригэр субуотунньук буолан ааста.
1917 сыл кулун тутар 12 (25) күнүгэр манна Емельян Ярославскай үлэһиттэр иннилэригэр үлэ чааһа 8 чаастан уһуо суохтааҕын уонна Үлэ харыстабылын бюрота тэриллибитин туһунан тыл эппитэ биллэр.
Ол историческай түгэни кэрэһилиир пааматынньык турар сирин хомуйар, өрө тардар туһунан санааны былырыын ыам ыйыгар Үлэ харыстабылын салаатын исписэлииһэ Андрей Тимофеев көтөхпүтэ уонна сыл аайы кулун тутар 12 күнүгэр Дьокуускай куоракка Үлэ күнүн бэлиэтииргэ этии киллэрбитэ, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Онон быйыл саас Үлэ харыстабылын салаата Үлэ сылын тэрээһиннэрин былааныгар бу пааматынньыгы көрүүнү-истиини киллэрбитэ. Буолан ааспыт субуотунньук кыттыылаахтара пааматынньык тулатынааҕы оту охсон, обелисканы, көрүөтүн кырааскалаан, дьоһун үлэни ыыттылар. Оттон субуотунньукка Үлэ харыстабылын салаатын исписэлиистэрэ А.Н. Тимофеевы, А.С. Иринцеевы сэргэ баһылыгы солбуйааччы Анна Приходько салайааччылаах Марха дьаһалтатын үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.