17.12.2023 | 16:00

Маргарита Борисова: «Артыыс киһиэхэ кыра уонна улахан оруол диэн өйдөбүл суох»

Маргарита Борисова:  «Артыыс киһиэхэ кыра уонна улахан оруол диэн өйдөбүл суох»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Быйыл саас кулун тутар ыйга Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгин норуот айымньытын дьиэтигэр биллиилээх биир дойдулаахтара, СӨ үтүөлээх артыыската Маргарита Борисова аатын иҥэрдилэр. Аны туран алтынньы 9 күнүгэр Маргарита Михайловнаҕа анаан оҥоһуллубут Абакаяда уобараһыттан архитектурнай дьүһүйүү арылынна.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэк баһылыга Прокопий Осипов бэлиэтээбитинэн, архитектурнай уобарас туох да симиэтэтэ суох, нэһилиэк дьонун-сэргэтин илиитин сылааһынан оҥоһулунна. Улуустааҕы Култуура департаменын кылаабынай исписэлииһэ Василий Чарпыков эскииһинэн, Айсен Ивановтыын икки буолан, биир ый иһигэр оҥорон бүтэрбиттэр.

Бу күннэргэ СӨ үтүөлээх артыыската, оҕо эрдэхтэн киэн туттар эдьиийбит Маргарита Михайловна Борисованы кытта көрсөн, эҕэрдэлээн туран, быйылгы айар үлэтин туһунан кэпсэттибит.

Биир дойдулаахтарбынан киэн туттабын

– Саамай улахан үөрүүм – дойдум дьоно барахсаттар маанылаан, төрөөбүт төрүт Дьиикимдэм нэһилиэгин кулуубар ааппын иҥэрдилэр. Бастаан эппиттэригэр наһаа дьиктиргээтим, долгуйдум. Санаабар, «барбыт» дьоҥҥо эрэ ааты иҥэриэхтээхтэр диэн этэ. Ол эрэн Степанида Борисова, Ефим Степанов ааттарынан кулууптар баалларын билэр этим, ол миигин уоскуппута. Толкуйдаан көрдөххө, дьонум-сэргэм ытыктабылларын бэлиэтин бэйэм баарбар биллэрбиттэрэ наһаа үчүгэй. Мин номнуо 50-ча сыл үлэлээтим. Дойдум дьоно наһаа «сюпризниктар», итинэн эрэ муҥурдамматылар. Мин аан маҥнай оонньообут Абакаяда уобараспынан архитектурнай дьүһүйүү оҥорон, алтынньы ыйга үөрүүлээх быһыыга-майгыга  арыйдылар, эмиэ наһаа үөртүлэр, долгуттулар. Кыһанан-мүһэнэн, ис дууһаларыттан оҥорбуттарыгар махтанабын. Дьүһүйүү кулууп таһын наһаа киэргэтэр, өссө уоттаан-күөстээн, олорон сынньанарга ыскамыайкалаан биэрбиттэр. Нэһилиэк саҥа баһылыга Прокопий Николаевич Осипов быйыл оруобуна Култуура сылын биллэрбит эбит.  Дэриэбинэм дьоно иискэ-ууска дэгиттэр талааннаахтарын көрөн эмиэ наһаа үөрдүм.

 

Саҥа сериалга саҥа талааннар таҕыстылар

– Өрөспүүбүлүкэбит сахалыы тыллаах көрөөччүлэрэ бары билэллэрин курдук, соторутааҕыта «Саха» НКИХ ханаалыгар «Харчы» диэн саҥа сериал таҕыста. Киинэ тыйаатырыгар  түмүктүүр серия премьерата буолла. Дьон-сэргэ сэргээбититтэн биһиги, артыыстар, наһаа үөрдүбүт, сүргэбит өрө көтөҕүлүннэ. Хамаандабыт наһаа үчүгэйдик, түмсүүлээхтик үлэлээтэ диэн бэлиэтиэххэ наада.

Саамай дьиктитэ – сүрүн оруоллары оонньуур үс уол уонна кинилэр аттыларыгар сылдьааччылар бары атын-атын тыйаатыр артыыстара. Холобур, Байдам – Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Андрей Соловьев. Влад – эмиэ Олоҥхо Тыйаатырын артыыһа. Ваня – Данил Осипов, Майа тыйаатырын артыыһа. Ваня кэргэнин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыската Катя Хоютанова оонньоото. Ити тыйаатыртан саха норуодунай артыыһа Алексей Павлов баар. Киинэҕэ мин кэргэним – Саха норуодунай артыыһа Анатолий Николаев. Биһиги тыйаатырбытыттан Демид оруолугар Николай Протасов, кэргэнин Лена Маркова оонньоотулар. Мин санаабар, урукку өттүгэр маннык элбэх идэтийбит артыыстар оонньуур сериаллара уһулла илигэ. Атын-атын тыйаатырдартан бииргэ түбэһэн, биир хамаанда буолан үлэлээтибит диэн наһаа үөрэбин, астынабын. Тоҕо диэтэххэ, күннээҕи олохпутугар атын тыйаатырдары кытта улаханнык билсибэппит. Маннык сериалларга көрсөрбүт, бииргэ алтыһарбыт наһаа интэриэһинэй.

Бу киинэҕэ урут сериалларга элбэхтик оонньообут, биллэр артыыстары кытта Сандра Жегусова диэн эдэркээн кыыс уһулунна. Кини көрөөччү тапталын, биһирэбилин ылыан ылла. Бэйэтэ наһаа дэгиттэр талааннаах кыысчаан. Билиэн-көрүөн, үөрэниэн наһаа баҕарар, оруолун туһунан толкуйдуур, артыыстар хайдах оонньуулларын көрөр. Тас эрэ көрүҥүнэн буолбакка, майгытынан эмиэ наһаа намыын, сайаҕас. Билигин Сандра «Үҥкүүлээ» диэн бырайыакка кытта сылдьар. Уопсайынан ылан көрдөххө, билиҥҥи ыччат, сериалга да көрбүккүт курдук, бэл кып-кырачаан оҕолор, наһаа талааннаахтар диэхпин баҕарабын. Аныгы үйэҕэ талааннаах оҕо, киһи элбэх эбит.

Талааннаах дьону булан түмэллэрэ наһаа үчүгэй

– Артыыс үөрэҕэ суох эрээри итинник талааннаах дьону булан, олус интэриэһинэй сериаллары устаннар, «Саха» НКИХ үлэһиттэрэ наһаа хайҕаллаах дьыаланы оҥоро сылдьаллар. Биһиэхэ үксэ Щепкины бүтэрбиттэр үлэлииллэр, урут сэттэлии, кэнники биэстии сыл буола-буола үөрэхтэрин бүтэрэн саҥа оҕолор кэлэллэр. Ити кэм иһигэр төһөлөөх айылҕаттан талааннаах оҕолор хаалбыттара буолуой диэн мин күн бүгүҥҥэ диэри саныыбын. Бэйэм Владивостокка үөрэммитим, куонкуруска кытта сылдьан көрдөхпүнэ, наһаа талааннаах оҕолор бааллара. Ол оҕолор эмиэ куонкуруһу ааспакка, хаалан хаалбыттара наһаа хомолтолоох.

Билигин биһиэхэ бэйэбитигэр, Саха сиригэр, АГИКИ-га артыыстары үөрэтэллэрэ олус үчүгэй. Онон эдэр артыыстарбыт элбээтилэр, араас тыйаатырдарга ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Итини таһынан, баҕалаах оҕолор сериалларга кэлэн уһуллаллара уонна «Саха» НКИХ кастинг тэрийэн булаттыыра олус кэрэхсэбиллээх. Киинэ көрөөччүнү тардар күүһэ айылҕаттан талааннаах дьону сүүмэрдээн ылан усталларыгар сытар дии саныыбын. Холобур, мин билэрбинэн, «Тумарык» сериалга оонньообут икки оҕо артыыс буолуохтарын баҕарбыттар, ол эрэн саастара ааһан, үөрэххэ кыайан хапсыбатахтар. Итинник түбэлтэ элбэх.

«Харчы» дириҥ суолтаталаах киинэ

– Киинэни сорохтор наар массыанньыктар тустарынан курдук ылыналлар. Биллэн турар, билигин үгүс киһи массыанньыктарга түбэһэр. Маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ «Харчы» киинэ сэрэтэр, өйдөтөр оруола улахан. Онон наһаа наадалаах тиэмэ көтөҕүлүннэ, бэйэм эмиэ биирдэ албыҥҥа түбэһэ сыспыттаахпын. Ол эрэн, дьиҥинэн ыллахха, бу киинэ сыала-соруга – араас дьон олоххо, тапталга сыһыаннарын көрдөрүү. Бииргэ үөскээбит оҕолор, тыаттан киин сиргэ кэлэн үөрэхтэнэн, үлэлэнэн, салгыы олохторо-дьаһахтара хайдах салаллара көстөр. Хас биирдии киһи, ыал, олоххо, сиэргэ-туомҥа сыһыаннара атын-атын. Массыанньыктартан ураты көрөөччүнү долгутар түгэн элбэх. Холобур, Влад Сардаанатыныын (Саха тыйаатырын артыыската Айталина Винокурова) холбоһуо дуо диэн айманаллар этэ, арахсыбыттарыгар хомойон бөҕө буолбуттара. Байдамнаах тустарыгар ыалдьаллара эмиэ туспа долгуйуу. Киинэ бүтэһик сериятыгар туох-баар геройдарбыт бары этэҥҥэ олохторун буллулар, таптал күүһэ кыайда. Туох да диэбит иһин таптал үөһэттэн бэриллэр күүс. Киинэ тыйаатырыгар түмүктүүр «Харчы. Иэстэбил» серияҕа сылдьыбыт көрөөччүлэр, социальнай ситимнэргэ суруйар комментарийдартан көрдөххө, бары астыммыттар, үөрбүттэр. Сериалга артыыстары талыыттан саҕалаан, наһаа үчүгэй хамаанда тэриллибит дииллэриттэн эмиэ үөрэбит, долгуйабыт. Тыйаатыр үлэтэ отой атын, биһиэхэ кастинг эҥин диэн суох. Режиссербыт рентген курдук барыбытын курдары көрөр уонна ким ханнык оруолга барсыаҕын чопчу билэр.

Быйылгы сыл ураты таһаарыылаах буолла

 – Бэйэм туспунан этэр буоллахха, наһаа интэриэһинэй сезон ааһан эрэр. Эппитим курдук, сериал, киинэ премьерата буолан ааста. Итиэннэ режиссер Валентин Макаров «Сахафильмҥа» устубут «Мин аатым Таптал» киинэтигэр ийэ оруолугар уһулуннум. Билигин ити киинэ көрөөччү дьүүлүгэр тахсарын долгуйа күүтэбит. Тапталлаах тыйаатырбар быйыл, эмиэ сүргэм көтөҕүллэн туран, режиссер Сергей Потапов улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан туруорбут «Андаҕар» испэктээкилигэр үлэлэстим. Дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, кассовай туруоруу буолла. Бу испэктээкилгэ оруолум кыра, ол эрэн артыыс киһиэхэ кыра уонна улахан уобарас диэн өйдөбүл суох. Биир эрэ тыллаах да буолтун иһин, көрөөччүгэ уобараһын тиэрдии – бу артыыс ситиһиитэ буолар. «Андаҕар» испэктээкилгэ үс кыра уобараһы толордум. Хара маҥнайгыттан хайдах эрэ ис-испиттэн наһаа сөбүлээн оонньоотум, режиссер этиитин-такайыытын ылынан, уруккуларбар майгыннаабат уобарас таҕыста диэн үөрэбин. Биир түгэҥҥэ учууталлары кытта, иккискэ – Дьэбдьиэй эмээхсин, үһүскэ японка буолан киирэбин. Итинник уларыйар, биир киэһэ үс уобараска киирэр артыыс киһиэхэ наһаа интэриэһинэй.

Тыйаатырбытыгар бу ыйга режиссердар күүстээх үлэлэрэ турда. Ол курдук, Андрей Саввич Борисов «Таптал сүппүт куората», «Тыйаатырга буолбут түбэлтэ», Сергей Потапов «Андаҕар», «Сайылык», Руслан Тараховскай «Тулаайах оҕо» испэктээкиллэрэ таҕыстылар. Наһаа элбэх көрөөччү сырытта, кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Сотору кэминэн Сергей Потапов «Андаҕар» испэктээкилинэн Чурапчыга, Аммаҕа үлэлээн, сылбытын түмүктүөхпүт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...