Маай бырааһынньыга виртуальнай эйгэҕэ ыытыллыаҕа
Саха сирин идэлээх сойуустарын Федерациятын президиумун быһаарыытынан, билиҥҥи эпидемиологическай балаһыанньаҕа олоҕуран, үлэһиттэр сомоҕолоһууларын норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин уонна бырааһынньыктааҕы миитиннэри ыытыы тохтотулунна.
Саха сирин идэлээх сойуустара пиэрибэй маайдааҕы параат оннугар социальнай ситимнэргэ уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр ньымалар тэрийэр хамсааһыннарыгар актыыбынайдык кыттарга ыҥырар.
Санатан этэххэ, муус устар 27 күнүгэр бэлиэтэнэр Өрөспүүбүлүкэ күнэ кытта онлайн ньыманан ыытыллар буолла. Коронавирус тарҕаммытыттан сылтаан суолталаах бырааһынньыктарбыт билигин виртуальнай эйгэҕэ көстүлэр. Оттон Улуу Кыайыы күнэ хаһан уонна хайдах ыытыллара билиҥҥитэ биллибэт.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


