15.08.2024 | 14:00

Маастар-былаан бырайыактара — болҕомто киинигэр

Маастар-былаан бырайыактара — болҕомто киинигэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Дьокуускайга Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ  Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарынан уонна куорат маастар-былаанынан тутуллар эбийиэктэринэн суруналыыстарга пресс-туур тэрилиннэ.

Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса

Дьокуускай куоракка доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса Сэргэлээх суолун 12 килэмиэтиригэр, урукку «Бинго» лааҕыр сиригэр «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан федеральнай субсидиянан тутуллар.

Барыта 17,3 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх биир этээстээх комплекс 550 миэстэлээх оскуолалаах, 200 миэстэлээх уһуйааннаах, 150 миэстэлээх интэринээттээх буолуоҕа. Манна сотору кэминэн Арассыыйа үрдүнэн бастакы улахан адаптивнай үөрэхтээһин комплекса дьэндэйиэҕэ.

Быйыл ахсынньыга бырайыак бастакы түһүмэҕэ – 550 миэстэлээх оскуола эбийиэгэ тутуллан бүтэрэ күүтүллэр. Оттон иккис түһүмэҕинэн оҕо уһуйаана уонна интэринээт дьиэлэрэ кэлэр сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар.

Федор Попов, «Главстрой» ХЭТ толорооччу дириэктэрэ:

— Биһиги тутууну былырыын балаҕан ыйыгар саҕалаабыппыт, кыһыны быһа сыбаайаларын саайбыппыт. Оттон бу сыл балаҕан ыйыгар графикка киирэммит, дьиэҕэ итии киирэрин хааччыйыахтаахпыт. Комплексы барытын 2025 сылга туттарыахтаахпыт. Билигин бетоннай үлэлэр, истиэнэ ууруута, дьиэ иһигэр штукатурка, стяжка, ититии, вентиляция систиэмэлэрин туруоруута – барыта тэҥҥэ бара турар. Бүгүҥҥү туругунан эбийиэккэ 160 киһи үлэлиир. Бу комплекс толору автономнай, ол курдук гаас хочуолунайа тутулла турар уонна уунан хааччыйар скважина үүттүү сылдьабыт. Бастаан эбийиэги тутан саҕалыырбытыгар учаастакпыт “Чочур муран” ресторан кэннигэр этэ, ол эрээри билиҥҥи ирдэбилинэн доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах тутуу биир этээстээх буолуохтаах диэн буолбута.

Федор Попов аатынан сквер

Дьокуускай куоракка Федор Попов уонна Дзержинскэй уулуссалар быһа охсуһууларыгар «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» федеральнай бырайыак чэрчитинэн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатын үйэтитэр саҥа сквер тутулла турар.  Тротуарын иэнэ — 922,0 кв. миэтэрэ, көҕөрдүү иэнэ — 624,0 кв. миэтэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу бырайыак бастыҥ уопсастыбаннай туоналары талыы Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһын түмүгүнэн кыайбыта.

Федора Алексеева, СӨ Ил Дарханын иһинэн Архитектура уонна куорат тутуутун управлениетын архитектура-тутуу бырайыактарын салаатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу:

— Бу сылга уопсайа Саха сирин үрдүнэн 32 эбийиэк тутулла турар, ити иһигэр Дьокуускай куоракка Федор Попов аатынан сквер. Быйыл үлэҕэ киириэхтээх, бырайыага былырыын бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа кыайан, “Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии” бырагыраама чэрчитинэн тутуллар кыахтаммыта. Сквер ыскамыайкалардаах, дьоҕус архитектурнай пуормалардаах, тротуар ыллыктаах буолуоҕа уонна Кыайыы 80 сылыгар туһуламмыт Федор Попов пааматынньыга туруоҕа. Бу эбийиэккэ үлэ быйыл балаҕан ыйыгар түмүктэниэхтээх, оттон пааматынньыгы бэйэтин кэлэр сылга туруоруохпут.

Бэдэрээтчит “Вертикаль” ХЭТ үлэтин от ыйын 7 күнүттэн саҕалаабыта. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ тутууга бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллан турар: сири тэҥнээһин уонна тротуар суолларыгар гравийы кутуу. Барыта 6-7 киһи үлэлиир.

Саҥа оҕо балаһаакката

Кальвица уулуссатын 7/1 уонна 9/1 нүөмэрдээх дьиэлэрин тиэргэннэригэр оҕо былаһаакката Арассыыйа субъектарын экэнэмиичэскэй үүнүүтүн кииннэрин социальнай сайдыытын былаанын тэрээһиннэринэн, «Уһук Илиҥҥи тиэргэннэри тупсарыы» (уруккута “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн) бырайыагынан оҥоһуллар. Саха сиригэр барыта 14 тиэргэн саҥардыллыаҕа, итинтэн биэһэ – Дьокуускайга.

«Билигин оҕо балаһааккатын бетона кутулунна,  аныгыскы нэдиэлэҕэ манна аспаал кутуллуоҕа, онтон анал эрэһиинэ кыыбаҕы кутуохпут. Ол кэннэ тимир күрүөлэри, оҕо оонньуур комплексын уонна футбол, баскетбол оонньуур тэриллэрин туруоруохпут. Үлэни бэс ыйыгар саҕалаабыппыт уонна балаҕан ыйын 30 күнүгэр түмүктүөхпүт», — диэн «Основа» ХЭУо салайааччыта Станислав Лукинов кэпсээтэ.

«Нам» айан суола 

Быйыл күһүн “Нам” айан суолун 7,9-тан 11,4 килэмиэтиргэ диэри (Жатайга уонна Кангалааска киириилээх) кэрчигэ уһун өрөмүөн кэнниттэн үлэҕэ киириэҕэ. Суол сулууспалара алтынньыга өрөмүөнү түмүктүөхпүт диэн эрэннэрэллэр. Санатан эттэххэ, саҥардыы үлэтэ “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суол управлениетын хапытаалынай тутуу салаатын салайааччыта Сергей Дьячковскай иһитиннэрбитинэн, өрөмүөн үлэтэ массыына сырыытын тохтоппокко ыытыллар. Эбийиэк бэлэмэ 63% буолан турар, билигин суол аспаал-бетон бүрүөһүнүн уура сылдьаллар. Суол кэрчигэ 3,2 км уһуннаах, итинтэн 1,5 км –  бэлэм.

Учаастакка 44 үлэһит уонна 28 тиэхиньикэ үлэлиир.  Сотору кэминэн суол үлэһиттэрэ тротуардары оҥорон, бордюр таастары, сырдатыы тирээбиллэрин уонна барьернай күрүөлэри туруоран саҕалыахтара.

Үс килэмиэтиртэн тахса уһуннаах учаастакка түөрт балаһалаах сырыы тэриллиэҕэ. Суол кэрчигин саҥардар бырайыакка араарар барьер, сэттэ тохтобул, 271 сырдатыы тирээбилэ уонна биэс светофор киирэллэр. Тутууну хонтуруоллуур бөлөх салайааччыта Александр Перушкин этэринэн, бэдэрээтчит үлэ болдьоҕун аһара ситэн, таһаарыылаахтык үлэлиир уонна туох баар кыһалҕаны тута быһаарар.

Түмүккэ бэлиэтээн эттэххэ, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 175 км суол оҥоһуллуохтаах.  Итинтэн 36 км – Дьокуускай куоракка.

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...